Иосиф Кобяков Дьокуускайга бастакы айар киэһэтэ

25.03.2021
Бөлөххө киир:

Кулун тутар 24 күнүгэр П.А. Ойуунускай аатынан Литература музейыгар Кэбээйи улууһун Кэбээйи нэһилиэгэр олорор Россия Суруйааччыларын сойууһун чилиэнэ, бэйиэт Иосиф Кобяков өрөспүүбүлүкэ киин куоратыгар Дьокуускайга бастакы айар киэһэтэ истиҥ иэйиилээхтик буолан ааста. Элбэх сүбэ-ама, эҕэрдэ тыл этилиннэ, хоһоон ааҕылынна, куйаар ситиминэн төрөөбүт дойдутуттан уонна Москваттан нуучча биллэр бэйиэтэ Борис Лукинтан эҕэрдэлэр кэллилэр.

Бу үтүөкэн тэрээһини Саха сирин Суруйааччыларын сойууһун бэрэссэдээтэлэ, норуот бэйиэтэ Наталья Харлампьева иилээн-саҕалаан ыытта. Айар киэһэтин арыллыытыгар Иосиф Дьокуускай куоракка бастакы айар киэһэтэ ыытылларыттан улаханнык долгуйарын, айар үлэҕэ киириитигэр эдэр сааһыгар олохтон туораабыт убайа, бэйиэт Григорий Кобяков тирэх буолбутун билиннэ. Кини бастакы холонууларын М. Горькай аатынан Литература институтугар үөрэммит поэтесса Саргылаана Спиридонова биһирээн өйөөбүтүн бэлиэтээтэ.

Россия Суруйааччыларын сойууһун хос бэрэссэдээтэлэ, норуот суруйааччыта Николай Лугинов бэйиэт «Аптаах ырыа» кинигэтин биһирээбитин, бу иннинэ Саха сирин Суруйааччыларын сойууһун бырабылыанньатыгар буолбут айар отчуотугар литература уонна айар үлэҕэ сыһыан туһунан олус үчүгэй аһаҕас кэпсэтии тахсыбытын иһитиннэрдэ.

Норуот суруйааччыта Сэмэн Тумат Иосиф Кобяков дириҥ ис хоһоонноох хоһоон саҥа кинигэтин кэтэһэрин биллэрдэ. Поэтесса Саргылаана Спиридонова Иосиф Григорьевичтыын уонна кини айар үлэтин кытта хайдах билсибитин сэһэргээтэ. П.А. Ойуунускай аатынан судаарыстыбаннай бириэмийэ лауреата Елена Слепцова-Куорсуннаах бэйиэт Өксөкүлээх уонна Алампа ааттарыгар айар үлэтигэр мээнэҕэ сигэммэтин, литератураҕа утумнааһын өйдөбүлүн туһунан санаатын үллэһиннэ. «Чолбон» сурунаал бас эрэдээктэрэ Гаврил Андросов Иосиф Кобяков курдук ааптардар сурунаалы киэргэтэллэрин бэлиэтээтэ.

Ону тэҥэ айар киэһэҕэ суруйааччылар Рустам Каженкин уонна Евдокия Иринцеева-Огдо, бэйиэт биир дойдулаахтара кэбээйилэр, ол иһигэр культура уонна духуобунай сайдыы управлениетын салайааччы Александр Кычкин, улуус айар куттаахтара көхтөөх кыттыыны ыллылар.

– Дьокуускай куораттааҕы айар командировкам наһаа үчүгэйдик ааста. Элбэх суруйааччылар, ааҕааччыларым кэлэн, санааларын үллэстэн үөртүлэр. Айар киэһэбин тэрийэн ыыппыт Сахам сирин Суруйааччыларын сойууһугар улаханнык махтанабын, – диэн Россия Суруйааччыларын сойууһун чилиэнэ, бэйиэт Иосиф Кобяков махталын тиэрдэр.

Иван ОСИПОВ.

+1
1
+1
0
+1
0
+1
0
+1
0
+1
0
+1
0