Инвестицияҕа үс сыл устата 35,1 млрд солк. көрүллүөҕэ

23.11.2016
Бөлөххө киир:

Өрөспүүбүлүкэ инвестиционнай бырагырааматыгар 2017-2019 сс. 35,1 млрд солк. көрүллүөҕэ. Ол иһигэр 34,7 млрд солк. өрөспүүбүлүкэ бүддьүөтүттэн барыаҕа. Бу туһунан бүгүн бырабыыталыстыба мунньаҕар бастакы вице-премьер-экономика миниистирэ Алексей Стручков иһитиннэрдэ.

Эһиилги сылга инвестиционнай бырагыраамаҕа 12,2 млрд солк. былааннанан турар. Ол иһигэр өрөспүүбүлүкэ хааһынатыттан – 11,9 млрд солк., федеральнай үбүлээһинтэн – 286 мөл. солк. көрүллүөҕэ.

Бу харчы туохха ороскуоттаныаҕай? Тыа хаһаайыстыбатыгар – 419, инженернэй инфраструктураҕа – 557,2, социальнай эйгэҕэ – 555,6, куттал суох буолуутугар – 294,1, “Мин Сахам сирэ XXI үйэҕэ” үтүө дьыала хамсааһыныгар – 500 мөл. солк., дьиэ тутуутугар – 7,3, тырааныспар эйгэтигэр – 1,2 уонна атын ороскуокка 1,8 млрд солк. барыаҕа.

Үс сыллаах былааны ылан көрдөххө, инвестиционнай бырагыраама сүрүннээн тыа сирин сайыннарыыга, “Саха сирин тимир суоллара” тэрилтэ хапытаалын хаҥатыыга (Беркакит-Томмот икки ардыгар баар эбийиэктэри оҥорууга), Дьокуускай куоракка ууну ыраастыыр, хаһаанар комплексы оҥорууга ылбыт кирэдьиити төлөһүүгэ, РФ президенин ыам ыйынааҕы ыйаахтарын толорууга, чуолаан олорор дьиэлэри тутууга, ону таһынан “Манчаары оонньууларын” эбийиэктэрин, үөрэх тэрилтэлэрин тутууга ананыаҕа. Онтон “Мин Сахам сирэ XXI үйэҕэ” үтүө дьыала хамсааһыныгар сыл аайы 500 мөл. солк. көрүллүөҕэ.

Инвестиционнай бырагыраама бырайыагын сарсын Ил Түмэн сессиятыгар өрөспүүбүлүкэ бүддьүөтүн барылын кытары тэҥҥэ көрүөхтэрэ.

Аграфена КУЗЬМИНА.

+1
0
+1
0
+1
0
+1
0
+1
0
+1
0
+1
0