Түөрт инвестиционнай бырайыак Саха сирин экономикатын сайыннарыаҕа

13.04.2018
Бөлөххө киир:

«Уһук Илин уонна Байкал эрэгийиэнин социальнай-экономическай сайдыыта» судаарыстыбаннай программаҕа киирэр инвестиционнай бырайыактары сүүмэрдээһин түмүктэннэ. Уопсайа 30 бырайыактан 24 тургутугу ааста, ол иһигэр түөрдэ – Саха сириттэн.   

Түөрт бигэргэммит бырайыак быһыытынан, Өрөспүүбүлүкэҕэ 30 мөл. устууканы оҥорон таһаарар кыамталаах керамическай кирпииччэ собуота тутуллуоҕа. Түүлээх таҥаһы, атах таҥаһын, унтууну, тириини, таба тыһыттан заамса оҥорон таһаарыы аныгы кэм ирдэбилинэн саҥардыллан биэриэҕэ. Таҥаска барсыбат тирииттэн коллаген оҥорон таһаарыахтара. Алдан оройуонугар маһы переработкалыыр киин, «Кангалаас» ТОСЭР Индустриальнай пааркатыгар ювелирнай-кырыылыыр кластер аһыллан үлэлиэ.

Инвестиционнай бырайыак улахан аҥаара, саҥа собуоттар, фабрикалар, бырамыысыланнас салаалара Приморскай кыраайга тутуллан, олоххо киириэхтэрэ.

Уһук Илин федеральнай уокуругу сайыннарыы чэрчитинэн, сүүстэн тахса саҥа тэрилтэлэр аһыллан, үлэ миэстэтин үтүмэнэ тэриллиэҕэ. 2017 сылга бу эҥээр экономикатын сайыннарарга саамай улахан суумалаах инвестиция киирбит. Арассыыйаҕа киирбит омук инвестициятыттан 26 бырыһыана Москубаттан саамай кытыы сытар эрэгийиэни өрө тардарга, ТОР-дары тэрийэн, үбү-харчыны эргитэргэ, хамнастаах үлэ миэстэтин тэрийэргэ, дьон олоҕун уйгутун тупсарарга туһуламмыт.

ТОР-дары тэрийэргэ аҥаардас харчы сырсыытынан үлүһүйбэккэ, бастатан туран, айылҕа харыстабылын, нэһилиэнньэ доруобуйатын өрө тутуохха наада.

Марианна Тыртыкова, «Саха сирэ» хаһыат, edersaas.ru

+1
0
+1
0
+1
0
+1
0
+1
0
+1
0
+1
0