Дьокуускай куорат 2-с нүөмэрдээх балыыһатын нефрологияҕа отделениетыгар куорат уонна өрөспүүбүлүкэ улуустарын олохтоохторо киирэн эмтэнэллэр. Онон, 25 куойка төһө да тиийбэтин иһин, балыыһа салалтата ыарыһахтары ыла олорор. Манна сүрүннээн бүөрдэрин үлэтэ кэһиллиилээх (хроническая почечная недостаточность (ХПН), хроническай гломерулонефриттээх, хроническай пиелонефриттээх) ыарыһахтар киирэллэр.
Мария ВИНОКУРОВА,
бу балыыһа нефрологияҕа
отделениетын сэбиэдиссэйэ, үрдүк категориялаах быраас:
ХПН ДИАГНОЗ УРАТЫТА
– ХПН диэн судургутук эттэххэ, бүөр үлэлиир функцията кэһиллиитин, намтааһынын эбэтэр үлэлээбэт буолуутун этэбит. Бу уорган элбэх үлэни толорор. Сүрүннээн, хааны шлактартан, буортулаах токсиннартан ыраастыыр. Кыайан ыраастаабатаҕына, киһи организма бэйэтин куһаҕан шлактарыттан сүһүрэн барар. Сүһүрдэҕинэ, ХПН сытыырхайар. Ыарыһах аһаабат, хотуолуу сылдьар, сылаарҕыыр, хаанын баттааһына үрдүүр, уһуннук ыарыйдаҕына хаана аҕыйыыр, анемияланар. Тоҕо диэтэххэ, бүөр хаан үөскүүрүгэр эмиэ көмөлөһөр. Уопсайынан, бүөр аккаастааһына бэйэтэ 5 стадиялаах. Саамай бүтэһик стадиятыгар – “терминальнайга” тиийбиттэр диалиһынан (хааны ыраастааһын) эрэ эмтэнэллэр.
ЧОПЧУ СИБИКИТЭ СУОҔУН КЭРИЭТЭ
— Бүөр ыарыыта чопчу сибикитэ суоҕун кэриэтэ. Онон, уопсай ыарыыларга балыйтарыахха сөп. Бу ыарыы саахарынай диабет, хаан баттааһына үрдээһинин, эдэрдэргэ гломерулонефрит уонна сүрэх-тымыр ыарыыларын содулларын, о.э. бу ыарыылар кэннилэриттэн сыыстарыы курдук биллэр. Ол иһин, дьон үксүгэр ити ыарыыларга балыйтаран, балыыһаҕа кэлэ охсубат.
Саахарынай диабет бастакы стадиятыгар эмиэ улаханнык биллибэт. Ол гынан баран, терапевт быраастар сэрэхэдийиэхтээхтэр, дириҥник чинчийиэхтээхтэр. Нефролог-быраастар “узкай” идэлээх эмчиттэргэ киирсэллэр, поликлиника аайы суохтар. Онон, терапевтар саахарынай диабеттаахтары, хааннарын баттааһына уларыйар, инфарктаабыт, инсультаабыт киһини кэмиттэн кэмигэр тус сыаллаахтык көрүөхтээхтэр. Ол биһиэхэ сороҕор табыллыбат. Оччотугар ыалдьыбыт киһи саамай бүтэһик стадиятыгар эрэ кэлэр. Хомойуох иһин, оннук дьон элбэх.
“ПСИХОЛОГ ОРУОЛУН ЭМИЭ ТОЛОРОБУТ”
— Биһиги хроническай диализ отделениета диэн буолбатахпыт, эминэн-томунан эмтиибит, онон психолог штата көрүллүбэт. Оттон хроническай гемодиализ отделениетыгар психологтар булгуччу үлэлэһиэхтээхтэр. Билигин биһиги бэйэбит психологтар оруолларын толоробут. Өр сыл кэтээн көрбүт уонна саҥа ыалдьыбыт дьону уһуннук уонна тулуурдаахтык эмтэнэллэригэр эрдэттэн бэлэмниибит. Биллэн турар, эмтэнэртэн куттанар, аккаастанар да дьон баар буолар. “Маннык эмтэнии хайаанда наада, оччоҕо эрэ олоҕуҥ хаачыстыбата тупсуо”, – диэн кэпсэтэбит, быһааран биэрэбит.
ИНТЭРИНИЭТ “ҮӨРЭҔЭ” МЭҺЭЙДИИР
Киһи доруобуйатын улахан бырыһыана (70-75) бэйэтиттэн, эмчиттэн 10 бырыһыана эрэ тутулуктааҕын туһунан этэллэр. Билигин урукку буолбатах, киһи бары үөрэхтээх. Инники олоҕун толкуйдуур киһи бэйэтин доруобуйатын хайаан да көрүнэ сылдьыахтаах. Ый аайы да буолбатар, сылга биирдэ анаалыс туттаран, быраастарга уопсай доруобуйатын бэрэбиэркэлэтиэхтээх.
Манна даҕатан эттэххэ, интэриниэттэн сомсор билии тустаах эмчиттэргэ мэһэйдиир. Сорохтор интэриниэтинэн наһаа үлүһүйэн, “маннык суруйбуттар, оннук суруйбуттар” диэн итэҕэйэн, санаалара эрдэттэн түһэр. Ону биһиги: “Эн туруккун быраас билэр, кини эмтиир”, – диэн өйдөтө сатыыбыт. Бу ыарыыга “бириигэбэр” туруорбаппыт. Ыарыы ыарахан көрүҥүн букатыннаахтык үтүөрдэн да кэбиспэтэрбит, кини организма туруктаах буоларын ситиһэбит. Арай, хомойуох иһин, бүөрэ аккаастаабыт буоллаҕына, ол хроническайга кубулуйар. Саҥа уорганы кыайан оҥорбот буоллаҕыҥ дии. Онон, кини бүөрүттэн хаалбыт хас эрэ бырыһыан эттигин харыстыыр, эмтэнэр.
Аны киһи уорганын көһөрүү (трансплантация) сайдар. Биһиги өрөспүүбүлүкэбитигэр ыарыһахха уорганы биэрии (донор) уонна өлбүт киһиттэн көһөрүү (трупное донорство) киэҥник туттуллар буолан эрэр. Онон, кими да бүппүт киһинэн аахпаппыт, балаһыанньаттан тахсыы хайаан да баар. Ыарыһахтарбыт ону өйдүөхтэрин, биһиэхэ бэйэлэрэ көмөлөһүөхтэрин эрэ наада.
КЫРА КЫҺАЛҔА КУРУУК БААР
Бүөрү көһөрүү эпэрээссийэтигэр квотанан ылыллаллар. Ону СӨ Доруобуйаҕа харыстабылын министиэристибэтин анал хамыыһыйата быһаарар. Биһиэхэ кэлбит саҥа ыарыһах туһунан тута министиэристибэҕэ биллэрэбит. Диализка ылбыт ыарыһахпыт салгыы ханнык көрүҥүнэн, ханна эмтэнэрин министиэристибэ штаты таһынан нефролога быһаарар. Холобур, органы көһөрүүгэ анаммыт киһиэхэ эмискэ трупнай донор көстөн хааллаҕына, ыҥыран ылаллар.
Кыра кыһалҕалар куруук бааллар. Чуолаан, эмп сыаната ыарахан, ону төһө кыалларынан быһаара сатыыбыт. Кинилэргэ сүрүннээн анемияттан уонна диализтан сыыстарыыны (осложнениены) бохсор эмтэр ананаллар. Оннук эмтэринэн хааччыллаллар. Биирдэ эмэ, ону да кылгас бириэмэҕэ, суох буолан ылыан сөп. Тастан сылдьар ыарыһахтар эмтэрин поликлиникалар хааччыйаллар.
Бүөрү эмтииргэ ураты технология суох, биһиги сүрүннээн стандарты тутуһан, эминэн, гемодиалиһынан эмтиибит. Биллэн турар, саҥаттан-саҥа препараттар оҥоһуллаллар, ону барытын туһана сатыыбыт. Аҕыйах сыллаахха диэри биһиги өрөспүүбүлүкэбитигэр гемодиалиһынан эмтээһин соччо кыаллыбат буоллаҕына, билигин гемодиалиһы киэҥник туһанаммыт, элбэх киһи олоҕо уһаата. Кырдьык, урут итинник ыарахан ыарыһахтары барыларын ылар кыахпыт суоҕа, уочаракка туруорарбыт. Ол уочараттарын хас да сыл кэтэһэллэрэ, ыарыһах уочарата кэлэригэр тиийбэт да түбэлтэлэрэ тахсаллара…
Надежда ЕГОРОВА, “Саха сирэ” хаһыат, edersaas.ru