Интеллектуальнай оонньуу кэмпириэнсийэтигэр Саха сириттэн 57 оҕо кыттыаҕа
Саха сирин историятыгар көмүс буукубанан суруллар норуоттар икки ардыларынааҕы Интеллектуальнай оонньууларга диэри олох аҕыйах хонук хаалла. Оонньуулар хас даҕаны хайысханан ыытыллыахтара. Олортон биирдэстэринэн Норуоттар икки ардыларынааҕы научнай куонкурус-кэмпириэнсийэ буолар.
Научнай кэмпириэнсийэҕэ, уопсайа, 87 киһи кыттара биллэр. Оҕолору Дьокуускай куорат оскуолаларын сэргэ, улуустартан сүүмэрдээбиттэрэ. Сыаналыахтаах 26 экспертэн улахан аҥаара тас дойдулартан кэлии дьон. Оттон кылаабынай судьуйанан Канада Далхауз университетын бэрэпиэссэрэ Джеффри Хойль үлэлиэҕэ.
Научнай кэмпириэнсийэҕэ кыттааччы
87 кыттааччы
24 тас дойдуттан
(Бангладеш, Казахстан, Мексика, Сингапур, Тайвань, Турция, Непал)
3 Москваттан
57 Саха сириттэн
Тэрийээччи, “Үрдүк үөрэх иннинээҕи үөрэх” хаапыдыратын сэбиэдиссэйэ, Университет лиссиэйин анал үөрэтэр-научнай киин дириэктэрэ Милана Федотова иһитиннэрбитинэн, кэмпириэнсийэ үс тус-туспа секциянан үлэлиэҕэ. Бастатан туран, оҕолор 8 научнай хайысханан арахсан күрэхтэһиэхтэрэ. Иккиһинэн, экспертэргэ аналлаах постернай (стенд) секциялар ыытыллыахтара. Үсүһүнэн, уопсастыбаннаска аналлаах постернай (стенд) секция үлэлиэҕэ. Постернай секциялар «Триумфка» буолуохтара. Бу үс күрэхтэһии түмүгүнэн 8 хайысханан үс бастыҥы быһаарыахтара итиэннэ биир муҥутуур кыайыылааҕы талыахтара.
Кэмпириэнсийэҕэ оҕолору бэлэмнээһин номнуо кулун тутар ыйтан саҕаламмыт. Соторутааҕыта, сүүмэрдэммит оҕолорго аналлаах бэлэмнэнии куурус түмүктэммит. Манна биэс секциянан 28 оҕо бэлэмнэниини ааспыт. Кыттааччылар аҕыйах хонуктааҕыта эрэ үлэлэрин көмүскээбиттэр.
“Кореяттан кэмпириэнсийэ икки тутулуга суох эксперэ кэлбит. Госпожа Ким Сор национальнай муусука үгэһин исписэлииһэ буолан, Ыһыаҕы көрөөрү эрдэ кэлбиттэрэ”, — диэн СӨ Наукатын Аччыгый академиятын норуоттар икки ардыларынааҕы бырайыактарга салаатын методиһа Айталина Тимофеева иһитиннэрдэ.
Бэлиэтээн эттэххэ, өрөспүүбүлүкэҕэ ыытыллар атын тэрээһиннэртэн уратыта диэн, кыттааччылар норуоттар икки ардыларынааҕы ирдэбилгэ олоҕуран, үлэлэрин англия тылынан көмүскүөхтээхтэр, ону ааһан ити тылынан ыстатыйа суруйуохтаахтар уонна экспертэр ыйытыыларыгар эмиэ английскайдыы хоруйдуохтаахтар. Онон биһиги оҕолорбутуттан ирдэбил кытаанах диэххэ сөп. Ол да буоллар, санааларын түһэрбэттэр, миэстэлэһэргэ эрэллээхтэр.
Людмила ПОПОВА, “Саха сирэ” хаһыат, edersaas.ru