Дьокуускайга А.Е.Кулаковскай аатынан норуоттар доҕордоһууларын дьиэтигэр Аҕа дойду сэриитигэр Улуу Кыайыы 75 сылыгар аналлаах «Мин эһиэхэ сэрии туһунан кэпсиэм…» диэн интегрированнай куонкурус иккис төгүлүн ыытылынна. Тэрийээччилэр Виктория Николаевна Гурьева дириэктэрдээх Дьокуускай куораттааҕы 34 №-дээх Анал (коррекционнай) оскуола-интэринээт. Тэрээһин сүрүн сыалынан Ийэ дойдуга бэриниилээх буолалларыгар, Аҕа дойду уоттаах сэриитигэр буойуттар хорсун быһыыларын ытыктыыр ыччаты иитэн-такайан таһаарыы, өйдөтүү, сүрэххэ иҥэрии.
Балаһыанньа быһыытынан куонкуруска Дьокуускай куорат коррекционнай оскуолатын 5-9 кылаастарын үөрэнээччилэрэ кытыннылар. Күрэскэ театрализованнай туруоруулар, мини-испэктээк, литературнай-музыкальнай композиция, инсценировкалар көрдөрүлүннүлэр.
Күрэскэ бу да сырыыга оҕолор дьоҕурдарын, сатабылларын олус үчүгэйдик арыйан көрдөрдүлэр. Сценаҕа чаҕылхайдык туттан-хаптан 34-с №-дээх Анал (коррекционнай) оскуола-интэринээт, 2 №-дээх өрөспүүбүлүкэтээҕи (коррекционнай) оскуола-интэринээт, 28 №-дээх Адаптивнай оскуола-интэринээт, 4 №-дээх Анал (коррекционнай) оскуола кытыннылар. Күрэс икки хайысханан барда: художественнай тыл уонна литературнай-музыкальнай композиция.
Дьүүллүүр сүбэ кыайыылаахтары быһаарда.
«Художественнай тыл» кыайыылаахтарынан буоллулар:
1 м. – «Вдохновение» куруһуок чилиэннэрэ, 34 №-дээх Анал (коррекционнай) оскуола-интэринээт, (А.Твардовскай «Василий Тёркин. О войне»), сал. Алексеева Н.А., Иванова Т.Е.;
2 м. – 2 №-дээх өрөспүүбүлүкэтээҕи (коррекционнай) оскуола-интэринээт 7 кылааһын үөрэнээччитэ Надя Бадалова. (А.Дементьев «Баллада о матери»), сал. Павлова Е.С.;
3 м. – 34 №-дээх Анал (коррекционнай) оскуола-интэринээт 7,8 кылааһын үөрэнээччилэрэ Юля Михайлова, Юля Вандилу. (О.Берггольц «Разговор с соседкой»), сал. Будищева Т.А.
«Литературнай-музыкальнай композиция» кыайыылаахтарынан буоллулар:
1 м. – 4 №-дээх Анал (коррекционнай) оскуола үөрэнээччилэрэ. (Композиция «Мир без войны»), сал. Иванова А.П., Бурцева Л.Н., Елесеева Ф.П.;
2 м. – 28 №-дээх Адаптивнай оскуола-интэринээт үөрэнээччилэрэ. (Композиция «О тех, кто уже не придёт никогда, помните!»), сал. Вильдяйкина Т.В., Лебедева Л.М., Васильева Л.С.;
3 м. – 2 №-дээх өрөспүүбүлүкэтээҕи (коррекционнай) оскуола-интэринээт үөрэнээччилэрэ. (Композиция «Они сражались за Родину»), сал. Павлова Е.С., Зорина Е.Г., Степанова О.Е., Толстяков П.С.
Хас биирдии ньүөмэр киһини долгутта, дууһа кылын таарыйда. Кыттааччылар сэрии харах уута, хаан-сиин эрэ буолбакка, бу үлүгэрдээхтэн киһи тыыннаах хаалар туһугар, олох туһугар дьулуһуутун, итинэн сирдээҕи олоххо муҥура суох тапталын, иэйиитин, дойдуга күүстээх тапталын, эрэлин итэҕэтиилээхтик көрдөрдүлэр.
Биһиги оҕолору бэлэмнээбит бары салайааччыларга, кыттааччыларга уонна төрөппүттэргэ сүһүөхтээх бэйэбит сүгүрүйэн, хоолдьуктаах бэйэбит хоҥкуйан тураммыт ис сүрэхтэриттэн бу үрдүк эппиэтинэстээх күөн күрэскэ туох баар кыһамньыларын, болҕомтолорун уурбуттарыгар махтанабыт.
Т.А.Будищева, 34 №-дээх Анал (коррекционнай) оскуола-интэринээт учуутала
Хаартыска: коррекционнай оскуолалартан