Инсульт ыарыыттан сэрэтии

30.10.2019
Бөлөххө киир:

Саха Өрөспүүбүлүкэтигэр алтынньы 28 күнүттэн сэтинньи 6 күнүгэр диэри инсульт ыарыыны сэрэтэр аахсыйа ыытыллар.
Бүгүн бу уодаһыннаах ыарыы туһунан Дьокуускай куорат 1 №-дээх поликлиникатын невролог-бырааһа Анастасия Ефремова кэпсиир.

edersaas.ru

Арассыыйаҕа сыл аайы балтараа мөлүйүөн киһи инсульт ыарыыттан эмсэҕэлиир

 Инсульт – мэйиини хаанынан хааччыйар тымырдар бүөлэниилэрэ эбэтэр биллэр гына кыарааhыннара. Инсульт төбө мэйиитин хаанынан хааччыйар тымырдар хам баттаныыларыттан, бүөлэниилэриттэн эбэтэр быһа барыыларыттан үөскүүр.
Бу ыарыыны ишемическэй уонна геморрагическай диэҥҥэ араараллар.
Ишемическай инсульт мэйии артерияларыттан биирдэстэригэр баар атеросклеротическай бляшка алдьаннаҕына, ол оннугар тымыры бүөлүүр хаан бөлөнөҕө үөскээһиниттэн саҕаланар.
Оттон геморрагическай инсульт аҕыйахтык бэлиэтэнэр эрээри, киһи олоҕор ордук кутталлаах. Инсульт бу көрүҥэр дефектнэй артерия эркиннэрэ быһа бараллар. Ол төрүөтүнэн хаан баттааһынын үрдээһинэ буолуон сөп.
Инсульт эмискэ баар буолан хаалар ыарыы буолбатах. Үксүгэр төбө ыарыыта, мэйии эргийиитэ, төбөҕө тыас-уус, улаханнык сылайыы, өйү сүтэрэн ылыы курдук, о.д.а. бэлиэлэр баар буолаллар. Ону тэҥэ, саахарынай диабеттаах, артериальнай гипертониялаах, сүрэхтэрэ ишемиялаах, атеросклерозтаах дьон ылларымтыалар диэн этиэххэ сөп.

Эмтиирдээҕэр сэрэтэр ордук

-Арассыыйаҕа инсультан өлүү, арҕаа дойдуларга тэҥнээтэххэ, 9 төгүл элбэх. Омук сиригэр инсультан өлүүнү ыарыыны сэрэтэр судаарыстыбаннай бырагыраамалар көмөлөрүнэн аҕыйатары ситистилэр. Бу ыарыыны эрдэттэн сэрэтии доруобуйа харыстабылын медицинскэй-социальнай кыһалҕаларын ортотугар бастакы миэстэҕэ турар. Инсульт ыарыыны эмтээһин буолбакка, чопчу сэрэтии үлэтэ ыалдьааччы ахсаанын аҕыйатарга көмөлөһөр диэн этиэххэ сөп.

Ыалдьар кутталга тириэрдэр чахчылары киһи бэйэтэ хонтуруоллуон сөп эбэтэр киһи дьайар кыаҕа суох көрүҥнэргэ араараллар

Ол курдук:
Бэйэ хонтуруоллуон сөп көрүҥнэригэр киирсэллэр: артериальнай гипертония, сүрэх ыарыылара, углеводтар атастаһыыларын кэһиллиитэ, табахтааһын, арыгылааһын, хамсаныы, аһылыгы көрүнүү, киһи ыйааһына, уйулҕа кэһиллиитэ.
-Кыайан хонтуруолламмат дьайыыларга киирсэллэр: киһи сааһа, дьыл кэмэ уонна килиимэт уратыта.
Хас биирдии киһи бу сибикилэртэн биирдэстэрин эмэ бэлиэтии көрдөҕүнэ, булгуччу бырааска көрдөрүнүөхтээх. Киһи ыарыыны сэрэтэргэ бэйэтигэр тус бырагыраама оҥостуохтаах.

Быраас кэтээн көрөөһүнүнэн маннык чинчийиилэр оҥоһуллаллар:

-Офтальмолог сүбэтэ уонна харах түгэҕин чинчийии;
-Хаан баттааһынын суукканан кэтээн көрүү;
-Электрокардиография;
-Хаан уопсай анаалыһа;
-Хаан биохимическэй анаалыһа;
-Коагулограмма.

СЫЫППАРАЛАР:

-90 сөкүүндэ аайы – биир киһи инсууллуур;
-Сүрэх ишемическэй ыарыыта инсульт үөскүүрүн 2 төгүл улаатыннарар;
-2-с тииптээх саахарынай диабеттаах эр дьон инсууллуур куттала 3 төгүл улахан;
-Дьахталлар инсуулунан эр киһиттэн 10-20 сылынан хойут ыалдьаллар.

Надежда ЕГОРОВА, “Саха сирэ”, edersaas.ru

+1
0
+1
0
+1
0
+1
0
+1
0
+1
0
+1
0