Алтынньы 29 күнүгэр аан дойдуга Инсульт ыарыыны утары охсуһуу күнэ бэлиэтэнэн ааста. Ыарахан ыарыы киһи үөйбэтэх өттүттэн эмискэ кэлэр эрээри, эрдэттэн сэрэниэххэ сөп. Инсульт тымыр-сүрэх, хаан баттааһына уо.д.а. ыарыылар бэргиир кэмнэригэр эбэтэр эмчиттэргэ көрдөрүммэккэ, бэйэҕэ аахайбат буолуу түмүгэр буулуон сөп. Бу ыарыыттан элбэх эдэр киһи үлэлиир сааһыгар күн сириттэн барарын, инбэлиит буоларын иһин, доруобуйаҕытын кэтэнэ-көрүнэ сылдьаргытыгар ыҥырабыт.
Киһи бэйэтэ да, аттыгар баар дьоно да кини инсуллаан эрэрин сэрэйиэ суохтарын сөп. Ол иһин, кини доруобуйатын туруга уонна олоҕун хаачыстыбата ыарыы төһөнөн түргэнник быһаарылларыттан тутулуктанар.
Инсульт – төбө тымырын үлэтин кэһиллиитэ, тымыр бүөлэниитэ эбэтэр быстыыта. Ол түмүгэр кислородунан уонна хаан устун кэлэр иҥэмтэлээх эттиктэринэн хааччыллыы кэһиллэн, төбө үлэтэ эмиэ кэһиллэр, мэйии килиэккэлэрэ өлөллөр. Киһи илиитин-атаҕын үлэтиттэн, хайдах истэриттэн-көрөрүттэн, тымыр үлэтэ кэһиллиититтэн уо.д.а. бэлиэлэртэн ыарыы клиниката тутулуктаах.
Көрүҥнэрэ:
- Төбө тымырын ыарыыта ишемическэй инсулька тиэрдэр. Ишемическэй инсулька хаан хойдон, тымыр бүөлэнэр (тромб), хаан барыыта тохтуур. Тромб ханна баҕарар үөскээн баран, туура ыстанар уонна төбөҕө хаан сүүрэр кыра тымыры бүөлүүр.
- Геморрагическай инсульт – инсульт саамай ыарахан көрүҥэ, төбө тымыра быстар.
Хайдах сэрэйиэххэ сөбүй?
Инсульт саҕаланнаҕына, ыарыы клиниката төбө килиэккэтин ханнык көрүҥэ кэһиллэриттэн тутулуктаах.
Ыарыыны сэрэйиэххэ сөп:
Ыарыһах эмискэ илиитэ-атаҕа мөлтүүр, сэниэтэ эстэр. Киһи аҥаар өттө мөлтөөн, утуйбут курдүк буолар, сирэйин аҥаара, илиитэ эбэтэр атаҕа утуйар.
Өйүн сүтэриэн, тыла булдьуйуон эбэтэр саҥарарын бэйэтэ өйдөөбөт буолуон сөп.
Туох да да төрүөтэ суох аҥар хараҕа кыайан көрбөт буолуон сөп.
Оронтон кыайан турбат буолуор диэри мэйиитэ эргийиэн, байааттаҥнаан туора-маары хаамыан сөп, кыайан көнөтүк турбат буолар.
Төбөтө эмискэ күүскэ ыалдьар.
Маннык түгэннэргэ бириэмэни сүтэримиэххэ наада. «Суһал көмөнү» ыныран, ыарыһах тугу үҥсэргиирин, аадырыһын ыксаабакка уонна чопчутук этиэххэ наада.
Сэрэйдэххитинэ:
Ыарыһах үөрбүт сирэйин уонна тииһин көрдөрөрүгэр көрдөһүҥ. Инсуллаабыт киһи күлэрэ уонна сирэйин мимикатын уларытара ыарахан буолар, сирэйин аҥар эрэ өттүн хамсатар кыахтаах.
Хараҕын сабан баран, илиитин өрө көтөҕүөхтээх уонна уон сөкүүндэ тутуохтаах. Инсуллаабыт киһи илиитин кыайан көтөхпөт эбэтэр кыайан туппакка түргэнник түһэрэр.
Аатын ыйытыҥ, ханнык эмэ тылы этэн баран хатылыырыгар көрдөһүҥ. Инсулька киһи тыла кэһиллэр, кыайан чуолкайдык санарбат, санарарын өйдөөбөт буолар.
Үөскүүр төрүөттэрэ:
Хаан баттааһына;
үрдүк холестерин;
саахар диабета;
уойуу;
сүрэх-тымыр ыарыыта;
табахтааһын;
арыгынан, наркотигынан үлүһүйүү.
Ону сэргэ, 55 саастарын ааспыт уонна инсуллаабыт чугас аймахтардаах дьон инсулька оҕустарар кутталлара, атыттарга тэҥнээтэххэ, улахан. 45-55 саастаах эр дьон оҕустарыылара, дьахталлардааҕар икки төгүл элбэх.
Инсульт ыарыыга уустук чинчийии ирдэниллибэтин хас биирдии киһи өйдүөн наада. Киһи бэйэтин туругун, хаанын баттааһынын, сүрэҕин-тымырын үлэтин хонтуруоллана сылдьыахтаах, үчүгэйдик аһыахтаах уонна табах тардыа суохтаах.
Онуоха, доруобуйа харыстабылын кииннэригэр бэрэбиэркэни босхо барыахха сөп.
Харыстаныхха сөп:
Чөл олоҕу тутуһуҥ.
Хаан баттааһынын хонтуруоллана сылдьыҥ.
Хааҥҥа холестериҥҥытын бэрэбиэркэлээҥ.
Табахтааман эбэтэр эрдэ-сылла быраҕыҥ.
Аскытыгар элбэх тууһу туттумаҥ, кэнсиэрбэ эбэтэр түргэнник бэлэмнэнэр астартан туттуна сатаан.
Туһалаах астары – оҕуруот, үүнээйи астарын элбэхтик сиэҥ, саахары уонна сыаны аҕыйатыҥ.
Арыгыны испит киһи инсультка оҕустарара дөбөҥ.
Спордунан дьарыктаныҥ. Сибиэһэй салгыҥҥа сылдьыы, хаамыы, сүүрүү сүрэх-тымыр ыарыытыттан, ол иһигэр инсультан, харыстыыллар.
Доруобуйа харыстабылын аан дойдутааҕы тэрилтэтэ 2013-2020 сс. сыстыгана суох ыарыылары сэрэтэргэ уонна сүрэх-тымыр ыарыытыттан соһумардык өлүү ахсаанын 25% кыччатарга сүҥкэн былааны ылыммыта. Онуоха улахан болҕомтону ыарыы үөскүүр төрүөттэригэр ууруохтаахпыт. Ол эбэтэр биһиги үлэлэһиэхтээхпит:
Куһаҕан дьаллыгы утары охсуһар бэлиитикэни күүһүрдэргэ;
туустаах, сыалаах уонна элбэх сааахардаах астарга нолуогу үрдэтэргэ;
киһи хаамар сирин үрдэтэргэ, тротуардары элбэтэргэ, билисипиэтинэн сылдьарга аналлаах суоллары оҥорорго;
арыгылаах утахтары атыылааһыны утарар бэлиитикэни өйүүргэ уонна сайыннарарга, түүҥҥү рестораннарга, кафеларга арыгыны атыылааһын бириэмэтин кыччатарга;
оҕону кыра эрдэҕиттэн сөпкө аһыырга үөрэтэргэ.
Курус статистика
Арассыыйаҕа:
200 000 киһи – сыл аайы инсультан өлөр;
200 000 киһи — инбэлиит буолар;
31% – атын киһи көмөтүгэр наадыйар;
20% – кыайан хаампат;
8% – үтүөрэн, үлэтигэр төннөр.
Ефросинья ДЬЯЧКОВСКАЯ,
Дьокуускай к. 1 №-дээх поликлиникатын ыарыыны сэрэтиигэ отделениетын сэбиэдиссэйэ.