Бүгүн I категориялаах невролог-быраас, хааннарын эргиирэ кэһиллиилээх ыарыһахтарга аналлаах неврология отделениетын сэбиэдиссэйин э.т. Мария Николаевна Петрова инсульт ыарыы туһунан ыйытыыларга хоруйдаата.
– Мария Николаевна, бу уодаһыннаах ыарыы туһунан син истэр-билэр курдукпут да, исписэлиис сүбэтэ туохтааҕар да ыйааһыннаах.
Инсульт тоҕо эдэримсийдэ?
– Доруобуйа харыстабылын бүтүн аан дойдутааҕы тэрилтэтэ этэринэн, 45-кэ диэри саас эдэр сааһынан ааҕыллар. Саастаах, орто саастаах дьон инсуллуурун төрүөтүнэн үксүгэр атеросклероз, артериальнай гипертония, сүрэх тэбиитин кэһиллиитэ буоллахтарына, эдэр дьоҥҥо атын сэдэх төрүөттэр баар буолуохтарын сөп. Ол курдук, төбө тымырын аномалията (аневризма, артерия-вена мальфорфацията), удьуорунан бэриллэр гиперхолестеринемия, гипергомоцистеинемия, хаан ыарыыта, оҕо үөскүүрүн бопсор эмтэри хонтуруола суох иһии буолуохтарын сөп. Ону таһынан аҕыйахтык хамсаныы, кэнники кэмҥэ муодаҕа кубулуйбут фаст фуд уонна кока-кола курдук элбэх саахардаах утахтар эдэр дьон уойуутугар тириэрдэллэр. Уойуу хаан баттааһынын, саахары, холестерины үрдэтэр. Табахтааһын, арыгылааһын, наркомания курдук куһаҕан дьаллыктар хааны хойуннаран, инсулька тириэрдиэхтэрин сөп.
– Киһи хайдах харыстаныахтааҕый?
– Хаан баттааһына (артериальнай гипертония) инсульт биир сүрүн төрүөтүнэн буолар. Ол курдук, инсуллаабыт дьон 90 бырыһыана хаанын баттааһына үрдүк буолар. Хаан баттааһынын хонтуруолланан, быраас анаабыт эмин наар иһэ сырыттахха, инсуллуур куттал 35-40 бырыһыан намтыыр. Үгүс дьон алҕаһынан ити эмтэрин хааннарын баттааһына үрдээтэҕинэ эрэ иһэллэрэ буолар. «Хааммыт баттааһына бүгүн үчүгэй» дии санаан, көтүтэн кэбиһэллэр, онтулара нөҥүө күнүгэр үрдээн тахсыан сөп. Сүрэх тэбиитэ кэһиллэр ыарыытыгар (фибрилляция предсердий) кардиолог анаабыт антикоагуляннарын (варфарин, прадакса, ксарелто – хааны убаталлар) иһиллиэхтээх.
Табахтааһын инсуллуур, инфарктыыр кутталы 50 бырыһыан үрдэтэр. Табахтааһын хааны хойуннарар уонна холестерины элбэтэр, тымыр истиэҥкэтин кэбирэтэр. Табаҕы бырахтахха, икки сыл иһигэр эмискэ инфарктаан өлөр куттал 36 бырыһыан намтыыр. Биэс сыл табахтаабакка сырыттахха (хаһан да табахтаабат киһилиин тэҥнэһэн), инсуллуур, инфарктыыр кутталтан быыһанаҕын. Ону өр табахтаабыт дьон итэҕэйиэн баҕарбата сыыһа.
Арыгыны элбэҕи истэххэ, хаан хойдуон, холестерин, хаан баттааһына үрдүөн, сүрэх тэбиитэ кэһиллиэн сөп. Ити эмиэ төрүөт буолар.
Аныгы үйэҕэ үгүс дьон наар олорон эрэ үлэлиир. Ол иһин, нэдиэлэҕэ үстэ 40-45 мүнүүтэ физкультуранан дьарыктанары ситиһиллиэхтээх. Эрчиллиилэргэ хаамыы, бэлэсипиэти тэбии, аргыый аҕай сүүрүү киириэхтэрин сөп. Эппиппит курдук, уойуу, чуолаан иһинэн уойуу (абдоминальнай ожирение) ордук кутталлаах. Эр киһи синньигэс биилэ 102 сантиметртан, дьахтар гиэнэ 88 сантиметртан тахсыа суохтаах. Ону таһынан хааҥҥа холестерин, саахар көрдөрүүтэ үрдээбэтин ситиһиллиэхтээх. Ол туһугар аһыыр аһы сөптөөхтүк көрүнүөххэ наада. Остуолгутугар оҕуруот аһа, фрукта, муора балыга, мас арыыта, суорат баар буолуохтаах. Туустаах, арыыга буспут, үрүҥ бурдуктан оҥоһуллубут астары аҕыйатыахха наада.
– Ыалдьаары гыннахха, ханнык сибики биллэрий?
– Киһи эмискэ аҥаар илиитэ, атаҕа, сирэйин аҥаара мөлтөөн, утуйан хааллаҕына, сирэйэ ханньары бардаҕына, саҥата булдьуйдаҕына, эмискэ хараҕа көрбөт буоллаҕына эбэтэр мөлтөөтөҕүнэ, өйүн сүтэриэн, тартарыан сөп. Кэтэххэ бэрдэрбит курдук эмискэ баар буолбут төбө ыарыыта эмиэ биллэр сибикинэн буолар. Маннык түбэлтэҕэ «суһал көмөнү» ыҥырыахха наада. «Суһал көмө» кэлиэр диэри ыарыһаҕы төбөтүн 30 кыраадыс өндөтөн сытыарыахха наада, хотуолуур буоллаҕына, ойоҕоһунан сытыарыллыахтаах.
– Инсулу эмтииргэ кэнники кэмнэ туох ситиһиилэр баалларый?
– Ишемическэй инсуллаабыт киһини 4,5 чаас иһигэр балыыһаҕа аҕала оҕустахха, тромболизис оҥороллор. Ол аата үөскээбит хаан бөлөнөхсүйбүтүгэр анал препараты киллэрэллэр, оччоҕо хаан ууллан хаалар. Аны туран нейрохирурдар ыарыы «сытыы кэмигэр», итиитигэр эпэрээссийэ оҥорор буоллулар (урут 21 хонук эрэ кэнниттэн этэ). «Пункционное удаление внутримозговых гематом» эпэрээссийэ, стент киллэрэн тымыры кэҥэтии уо.д.а. ньымалар элбээтилэр.
– Бу киэҥник тарҕаммыт ыарыыга ылларбыт киһи хайаан да инбэлиитинэн хаалар куттала улахан дуо?
– Инсульт национальнай регистринэн көрдөххө, инсуллаабыт дьон 31 бырыһыана бэйэтин кыайан көрүммэт буолар, атын киһи көмөтүгэр наадыйар. Кинилэртэн 20 бырыһыаннара бэйэлэрэ сатаан хаампаттар. Онтон 8 эрэ бырыһыаннара урукку үлэлэригэр төннөллөр.
– Эһиэхэ эмтэммит киһи салгыы ханна доруобуйатын көннөрүнэрий?
– Отделениебытыгар киирбит ыарыһаҕы тута доруобуйатын чөлүгэр түһэрэн барабыт (реабилитация). Кини салгыы өрөспүүбүлүкэтээҕи 3 №-дээх балыыһаҕа эмтэнэр. Бу балыыһаҕа доруобуйаны чөлүгэр түһэрии отделениета 25 куойкалаах. 11 куойката – кардиология, 14 куойката неврология ыарыһахтарыгар аналлаах.
Биһиги отделениебытыгар ыарыһах киирбэтэх күнэ суоҕун кэриэтэ. Күн аайы ортотунан 4-5 киһи киирэр. Ыйга 100-тэн тахса ыарыһах эмтэнэн тахсар.
Надежда ЕГОРОВА