«Саха сирэ» технопарк» сүрүн сыала – техническэй оҥорон таһаарыынан дьарыктанар дьону өйөөһүн. Хайдах көмөлөһөллөрүй? Үлэлииллэригэр усулуобуйа тэрийэллэр. Кинилэртэн оҥорон таһаарар ураты технологияны ирдииллэр.
«Биһиэхэ аҥаардас кумааҕылаах, уруучукалаах эрэ дьон кэлиэхтэрин сөп. Өскөтүн, саҥалыы толкуйдаах, идиэйэлээх уонна онтукалара ырыынакка туруулаһар буоллаҕына», – диэн «Саха сирэ» технопарк» дириэктэрэ Анатолий Семенов этэр.
Александр ТАРАСОВ, «Саха сирэ» хаһыат, https://edersaas.ru
«Саха сирэ» технопаркаҕа» үлэлиэн баҕалаах элбэх. Бары хайдах да батан үлэлиир кыахтара суох. Ол иһин, итини быһаараары, территориялары урутаан сайыннарыы бырайыактартан биирдэстэринэн буолар «Хаҥалас» индустриальнай паарканы тэрийдилэр. Билигин онно 13 хампаанньа 13 гектар иэннээх сири ылан, үлэлии сылдьар.
Анал таһаарыыга «Саха сирэ» технопааркаттан» кынат үүннэринэн тахсыбыт «Сахалипснеле», «Бигэ» уонна резиденнэринэн буолар «Сахафильтр», «Сахакомпозит» тэритэлэри билиһиннэрэбит.
Оттугу уһуннук сиир оһохтор
«Сахалипснеле» ХЭУо 2013 сыллаахха тэриллибитэ. Ити иннинэ 2012 сыллаахха Литва «Вакаро Раса» хампаанньаттан 41 оһоҕу аҕалан, өрөспүүбүлүкэ үгүс улуустарын ыалларын дьиэлэригэр туруоран бэрэбиэркэлээбиттэрэ. «Теплокомфорт» ХЭУо-ны кытта оһохтор тымныы усулуобуйаҕа хайдах үлэлииллэрин сыл кэриҥэ көрөн-истэн баран, Саха сиригэр бары өттүнэн барсар кыахтааҕын быһаарбыттара. Дьэ ити быһаарыы кэнниттэн аал баһа хоҥнон, билигин «Хаҥаластааҕы индустриальнай пааркаҕа» хайыы-үйэ анал собуот тутуллан, онно үлэ күөстүү оргуйар.
Оһох туһунан «Сахалипснеле» ХЭУо дириэктэрэ Пуд Тимофеевтыын кэпсэттибит.
– Үлэлиэххититтэн өрөспүүбүлүкэ үрдүнэн төһө оһоҕу атыылаатыгыт? Оһох туһунан сиһилии билиһиннэр эрэ.
– Үс сыл устатыгар 700-тэн тахса оһоҕу атыылаатыбыт. Тыа сиригэр саамай үчүгэйэ диэн, маһы уонна чоҕу өр сиэн үлэлиир. Холобур, биир эбии маһы 12 чаастан 30 чаас устата сиир. Оттон таас чоҕунан 1 сууккаттан 3 сууккаҕа (биир эбиинэн) диэри үлэлиир. Ол аата, чааһынай дьиэ хаһаайына оһоҕун сууккаҕа биирдэ эбэн баран, эргиллэн да көрбөт. Аны туран, дьиэтигэр төһө итии наадатын көрөн, анал оборудование көмөтүнэн туруоран биэрэр. Ол ыйбыт температуратын оһох суукканы быһа биир кэм тутан турар.
Оһох ыйааһына 160-тан 300-кэ диэри киилэҕэ диэри. Баһаар өттүнэн куттала суох, көрүүнү-истиини эрэйбэт, бэрт судургу.
– Манна собуокка оҥоһуллар буолан, оһох сыаната чэпчээтэҕэ уонна туһанарга ханнык сүрүн ирдэбили туһаныахха нааданый?
– Сөптөөх ыйытыыны биэрдиҥ. Кырдьык, Хаҥаластааҕы индустриальнай пааркаҕа собуот үлэлиэҕиттэн, оһох сыаната түстэ. Литваттан аҕалан атыылыыр сыанабыт 95 – 140 тыһ. солк. буоллаҕына, билигин 75-тэн 112 тыһ. солк диэри халбаҥныыр. 30 % түһэрдибит.
Оһоҕу туһаныыга биири өйдүөххэ наада. Дьиэ ититэр ситимигэр элбэх уу баар буолуо суохтаах. Урукку чугуун батареяларга элбэх уу туһаныллар. Маны ититэргэ элбэх энергия ороскуоттанар. Ол иһин, аныгы ситими, аныгы евро-батареялары туһанар ордук. Баларга аҕыйах уу кутуллар.
– Сылга төһө оһоҕу оҥорон атыылыыр былааннааххытый? Өрөспүүбүлүкэ үрдүнэн оһоҕунан оттуллар төһө кэтэх дьиэ баарын, арааһа, билэр буолуохтааххыт.
— Билиҥҥи былаанынан, сылга 500 оһоҕу оҥорон атыылыахпыт. От ыйын бүтүүтэ сакаас быһыытынан 20 оһох атыыга барыахтаах.
Биллэн турар, ырыынагы үөрэтэн билэн олоробут. Бүгүҥҥү күҥҥэ өрөспүүбүлүкэ үрдүнэн оһоҕунан оттунан олорор 47 000 ыал баар. Мантан 9,5 тыһыынчата анал субсидияны туһанар.
Бэйэбит кырааскабыт
Кэлиҥҥи кэмҥэ «Бигэ» ХЭУо аныгы технологиянан оҥоһуллубут анал кырааскалары, лаахтары атыыга хамаҕатык таһаарар буолла. Бу Саха сиригэр бастакы саҕалааһын, сүүрээн буолар.
2015 сылтан «Хаҥалас индустриальнай паарка» резиденцията буолан, 5500 кв. м иэннээх сири ылан, онно лааҕы, кыраасканы оҥорор аныгы технологиянан сэбилэммит собуоту тутан, быйыл олунньуттан кыраасканы оҥорон саҕалаата.
Аны туран, Дьокуускай куоракка саҥа маҕаһыыны тута сылдьаллар. Былаан быһыытынан, аны күһүн үлэҕэ киллэриэхтэрэ.
Саҥалыы көрүүлээх-толкуйдаах «Бигэ» ХЭУо генеральнай дириэктэрэ Андрей Неустроев инники өттүгэр хайдах үлэлиэхтээхтэрин туһунан маннык кэпсээтэ.
– Былаан элбэх. Ону, төһө кыалларынан, олоххо киллэрэн иһэбит. Былырыын 500 т кыраасканы атыылаабыт буоллахпытына, быйыл 700 т оҥоруохтаахпыт. Хабаровскай, Владивосток куораттарга баар маҕаһыыннары кытта дуогабардаһан, бородууксуйабытын онно таһаарар былааннаахпыт. Кэпсэтиитэ бара турар.
– Ханнык саҥа кырааскалары оҥорон, атыыга таһааран эрэҕитий?
– Акриловай-декоративнай уонна миэбэл кырааскаларын бэйэбит оҥордубут, сотору атыыга таһаарыахпыт. Декоративнайбыт гранит таас курдук. Бу кырааскалар сүрүн уратыларынан, баларга тиит мас хатырыгын туһанабыт. Ол аата, айылҕа бэйэтин састааба кыттыһар. Биллэрин курдук, хатырык маһы харыстыыр аналлаах. Ол сиэринэн, хатырыктан оҥоһуллубут кырааска мастан оҥоһуллубут матырыйаалы харыстыыр, бөҕөргөтөр. Бу кырааскалары «Айкра» тэрилтэ исписэлиистэрин кытта саҥа технологияны туһанан оҥордубут.
Бүгүҥҥү күҥҥэ «Бигэ» ХЭУо барыта 16 үлэһиттээх. Аны күһүн маҕаһыын үлэҕэ киирдэҕинэ, өссө кэҥиэхпит.
Кылгас ыспыраапка
«Бигэ» ХЭТ 2012 сыллаахха «Технопарк Якутия» иһинэн тэриллэн үлэлээбитэ. 2013 сыллаахха VMA-GETZMANN диэн немецкэй оборудованиены атыылаһан аҕалан, таҥан туруоран, сууккаҕа 5 т бородууксуйаны оҥорор кыах ситиһиллибитэ (сылга – 1500 т).
Ыраас уу
Дьокуускай куорат Пирогов уулуссатыгар турар 9-туу мэндиэмэннээх сахалыы оһуордаах-мандардаах үс дьиэ дьон болҕомтотун тардар. Бу үс дьиэ аллараа өттүлэрэ барыта хараас. Тимир көлөлөөхтөр кыһын олус абыраммыттар. Бу дьиэлэр хараастаах эрэ буолбатахтар. Ол курдук, хас биирдии кыбартыыра олохтооҕо маҕаһыыннарга атыыланар ыраас ууну кыраантан иһэр.
Маны “Сахафильтр” ХЭУо толкуйдаан олоххо киллэрдэ. Ол туһунан тэрилтэ дириэктэрэ Эдвин Пестряковтуун кэпсэттибит.
— Элбэх кыбартыыралаах дьиэлэри ыраас уунан хааччыйар толкуй киирэн, 2016 сыл кулун тутарыгар тэрилтэ тэринэн, салгыы “Саха сирэ” технопарк резиденнэрэ буолбуппут. “Сэттэ” хампаанньаны кытта дуогабардаһан, Пирогов уулуссатыгар тута сылдьар саҥа дьиэлэригэр иһэргэ аналлаах ыраас уу ситимин тардыбыппыт. 9-туу мэндиэмэннээх үс дьиэ бырайыагар уларытыылары киллэрэн, хас биирдии кыбартыыраҕа ыраас ууну тиэрдибиппит. Маҥнайгы этээскэ баар анал хоско бэйэбит толкуйдаан, таҥан оҥорбут ууну ыраастыыр оборудованиены туруорбуппут.
Бу Саха сирин үрдүнэн саҥа саҕалааһын буолар. Оннооҕор Уһук Илиҥҥи регион үрдүнэн суох дииллэр. Ый анараа өттүгэр оборудованиены үлэлэтэн, хас биирдии кыбартыыра олохтоохторугар иһэргэ сөптөөх ыраас ууну тиэртибит. Олохтоохтор бары уу хаачыстыбатын үчүгэй дииллэр.
— Анал оборудованиелары саҥа тутуллуохтаах дьиэлэргэ киллэрэҕит дуо? Салгыы өссө ханна үлэлээн эрэҕитий?
— Саҥа тутуллан эрэр дьиэлэргэ анал оборудованиены туруорар быдан табыгастаах. Тутуу бырайыагар уларытыылары киллэриэххэ наада. Үлэҕэ киирбит дьиэлэргэ уустуктардаах.
Пирогов уулуссатыгар турар үс дьиэнэн эрэ муҥурдаммаппыт. Саамай сүрүнэ, үчүгэйин итэҕэттэ, дьон-сэргэ сэргээтэ. Былаан быһыытынан, Өктөмнөөҕү “Өлүөнэ кыраайа” форуму, Сунтаар сэлиэнньэтигэр оҕо саадын ыраас уунан хааччыйыахтаахпыт. Итини тэҥэ, Амма улууһун Сулҕаччытыгар, Нам улууһун Модутугар мобильнай дэниллэр ууну ыраастыыр оборудованиены туруоруохтаахпыт. Манна уратылаах. Хас биирдии кэтэх дьиэҕэ ыраас ууну тиэрдибэппит. Олохтоохтор иһиттээх кэлэн атыылаһан бараллар.
— Дьокуускай куоракка Пирогов уулуссатыгар турар үс дьиэҕэ ыраас ууга минераллары эбэр эбиккит.
— Оннук. Санкт-Петербург куораттан калийдаах, кальцийдаах, хлорид ионнаах, гидрокарбонаттаах “Северянка” диэн минераллары аҕалан, ыраас ууга эбэн биэрэбит.
Олохтоох санаата
Ыраас ууну иһэн абыранныбыт
Николай Сантаев, Пирогов уулуссатын 9 №-дээх дьиэтин олохтооҕо:
– Иккис кыраанынан кэлэр уу хаачыстыбата үчүгэй. Олус дьэҥкир уонна амтана бэрт. Онон бу дьиэҕэ ууну ыраастыыр оборудование туран, олохтоохтор бары абыранныбыт. Урукку өттүгэр баллуоннаах ууну сакаастыыртан соло булбат этибит.
Композитнай матырыйааллар
Кэлиҥҥи кэмҥэ Дьокуускай куоракка омук массыыналарын бампердарын оҥорууну, тас өттүн тюниннааһыны (обвеска) үчүгэйдик баһылаатылар. Анал автосервиска тиийиэххин эрэ наада, килийиэн тугу баҕарарын оҥорор биэрэллэр.
Бампердары уонна тюниҥҥа туһаныллар араас матырыйааллары «Сахакомпозит» ХЭУо өстүөкүлэ утаҕыттан оҥороро иһиллибитэ икки сылтан орто.
– Бамперы, тюнины сэргэ, биһиги «Буран» копуотун, таба сыарҕатын оҥоробут. Биһиги бородууксуйабыт собуот киэнинээҕэр быдан бөҕө уонна ыйааһыннара чэпчэки, – диэн «Сахакомпозит» ХЭУо тэрийээччитэ Вячеслав Осипов кэпсиир. – Сакаас быһыытынан, 60-тан тахса таба сыарҕатын оҥорон хоту улуустарга ыытыахтаахпыт. Композиттан оҥоһуллубут сыарҕаны Томпо улууһун Тополинайыгар бэрэбиэркэлээбиппит. Бу саас табаһыттар сийиэстэригэр таба күрэҕэр ыйааһына чэпчэкитин итэҕэппитэ. Мас сыарҕа ыйааһына 40 киилэ буоллаҕына, композитнай 20 киилэ, ол аата икки төгүл чэпчэки. Аны туран, олус бөҕө уонна уйуга 600 киилэҕэ диэри.
Композитнай утах матырыйаалын Кореяттан сакаастаан аҕалабыт.
Дьара ууга сылдьар оҥочо, чэпчэки тыы
Биир сүрүн былааннарынан мотуордаах дьоҕус оҥочолору оҥоруу. Билигин эрэһиинэ оҥочо алын өттүн бөҕөргөтүүгэ ылсыбыттар. Бэрэбиэркэлэнэ сылдьар. Оттон мотуордаах дьоҕус оҥочону оҥорууну инники өттүгэр былаанныыллар, техническэй бырайыагын бэлэмнииллэр. Дьара ууга устар аналлааҕы «айыахтаахтар». Хоту улуустартан сакаастаабыттар. Итини тэҥэ, саха дьоно сөбүлээн илдьэ сылдьар мас тыыларын курдугу оҥоруохтаахтар эбит. Маны сөпкө тайанан «уһаннахтарына», дьон атыылаһыа. Композитнай сыарҕа ыйааһына мастааҕар икки төгүл чэпчэки буоллаҕына, өстүөкүлэ утаҕыттан оҥоһуллубут тыы мастааҕар биллэрдик чэпчэки буолара чуолкай. Онон илимньиттэр чугас-чугас сытар күөллэр икки ардыларыгар композитнай тыыны соһоллоругар быдан чэпчэки буолуох этэ.