Иннокентий Макаров Чечня бэрэсидьиэнин күөн көрсүһүүгэ ыҥырда

Бөлөххө киир:

Иннокентий Макаров Рамзан Кадыровы мас тардыһарга күөн көрсүһүүгэ ыҥырда. Бу туһунан кини «Инстаграм» социальнай ситимигэр иһитиннэрдэ.

«Дыгын оонньууларын» үс төгүллээх чөмпүйүөнэ, мадьыны, «Үс түмсүү» лиидэрэ Иннокентий Макаров Чечня өрөспүүбүлүкэтин бэрэсидьиэнигэр Рамзан Кадыровка мас тардыһыахха диэн ыҥырыы ыытта. Билиҥҥитэ бэрэсидьиэнтэн хоруй кэлэ илик.

Бу иннинэ Рамзан Кадыров социальнай ситимҥэ боксаҕа эбэтэр ММА-ҕа киирсэн көрүөм, кимҥэ мохсуо ыытабын диэн видео устан таһаарбыта.

https://www.instagram.com/p/B6ZjvuSIgty/?igshid=12tep8xkw0nso

edersaas.ru

+1
0
+1
0
+1
0
+1
0
+1
0
+1
0
+1
0