Иннокентий Луковцев: «Оруолуҥ сүрэҕиҥ ортотунан киирэн ааһыахтаах»
Саха дьонугар сөбүлэппит «Ыаллыылар» сериал туспа киинэ буолан тахсар үһү диэн сураҕы истээт, бука, үгүс киһи үөрбүтэ чахчы. Быйыл Киинэ сылыгар Анатолий Кириллин кылаабынай режиссердаах «Сахафильм» фирма «Ыаллыылар» диэн толору метражтаах киинэ оҥорон таһаарыаҕа.
Бу киинэ уонна артыыс айар олоҕун туһунан биһиги бүгүн «Ыалдьыт сэргэтигэр» РФ Судаарыстыбаннай бириэмийэтин лауреатын, СӨ үтүөлээх артыыһын Иннокентий Луковцевы кытта сэһэргэһэбит.
— Иннокентий, «Ыаллыылар» сериал дьоруойдарын олохторо киинэҕэ салҕанар буоллаҕа?
— Урукку «Ыаллыыларга» оонньообут киинэ дьоруойдара үксүлэрэ бааллар. «Ыаллыылар» сүүрбэччэ сыллааҕыта, ол эбэтэр «дьалхааннаах 90-с сыллар» бүтүүлэригэр уһуллубута. Биһиги онно сүүрбэбититтэн саҥа тахсыбыт дьон театрга саҥа үлэлии кэлбит кэммит этэ. Онон сүрүн дьоруойдар да сааһырдахпыт дии.
Мин Ковбойум бастаан утаа кэлэҕэй буолбатах этэ. Убайдарбын Бүөтүр Баснаевы, Киэсэ Дакаяровы, Дима Михайловы кытта төрдүөн бассейн сценатыгар уһуллубуппут. Онно мин, сценарийы ааҕа баран, арай «Ковбойум тардыас буоллун» диэн санаа киирэн, оруолбун «тупсаран» биэрбитим.
— Алҕас кэлэҕэйгин умнан тардыалаппакка эрэ саҥаран кэбиспэккин дуо?
— Оруолун оннук умна сылдьар артыыс суоҕа буолуо. Хас биирдии оруолуҥ, уобараһыҥ син биир бэйэҥ этиҥ-хааныҥ ортотунан киирэн ааһыахтаах буоллаҕа. «Оруолум маннык этэ» диэн төбөҕөр тутан талыгырата сылдьар буоллаххына, табыллыбат. «Бу киһи хайдаҕый, тугуй?» диэн искэр иҥэриннэххинэ эрэ, артыыс быһыытынан сайдаҕын уонна үлэҥ онон салаллар.
— Саҥа киинэ сценарийын билистиҥ дуо?
— Билсэн. Этэргэ дылы, 109 сирэйдээх күүстээх баҕайы сценарийы туппутум. Анатолий Кириллин киинэ устар бөлөҕүн үлэтин түмүгэ диэххэ сөп. Бары сүбэни холбоон оҥоһуллубут сценарий.
— Ковбой ыал буолбут дуу?
— Ону киинэ таҕыстаҕына көрөөрүҥ. Билигин барытын кэпсээн кэбиһэрим табыллыбат буоллаҕа дии.
— Сүүрбэччэ сыл иһигэр Ковбой олоҕо табылынна ини. Оччотугар эн, ааттаах-суоллаах буола үүммүт артыыс, тус олоҕуҥ хайдах салалынна?
— Кэргэннээхпин. Икки уол оҕолоохпун. Улахан уолум 15 саастаах. Аҕыйах хонуктааҕыта иккис уолум, Дьөгүөр диэн ааттаах киһи күн сирин көрдө. Онон Егор Иннокентьевич Луковцев диэн эһэтин аатын ааттаппыт киһи аҕабын иккистээн тилиннэрдэ диэхпин сөп. Аҕам Баайаҕа нэһилиэгин өр сылларга тутан олорбут салайааччы этэ. 27 сыл устата управляющайдаабыта, кэнники нэһилиэк баһылыгынан талыллан үлэлээбитэ. Онон биир дойдулаахтара кинини бэрт үчүгэйдик саныыллар уонна сыаналыыллар. Аҕам күн сириттэн барбыта 15 сыл буолла.
Кэргэним эмчит үөрэхтээх. Ханнык баҕарар айар үлэһиккэ кини дьиэ кэргэнэ — тыыла, кинилэр өйөбүллэриттэн олус элбэх тутулуктаах. Холобура, хара сарсыардаттан, ол эбэтэр 10 чаастан киэһэ 10-11 чааска диэри күнү быһа көстүбэт киһини кытта олоруох диэтэххэ, уустуга чахчы.
— Эн киэн туттар артыыспыт Ефим Степанов иитэн-такайан таһаарбыт үөрэнээччитэ буоллаҕыҥ.
— Быйыл күһүн биһиги кууруспут театрга үлэлээбитэ номнуо 20 сылын туолар. Туһугар — үбүлүөй. Биһигини «Ефим Степанов оҕолоро» диэнинэн ала чуо билэллэр. Дьиҥэр, биһиги кэннибититтэн Ефим Николаевич кэлиҥҥи көлүөнэ артыыстары эмиэ иитэн таһаардаҕа дии. Культура уонна искусство колледжын бастакы көлүөнэ артыыстара — кини кынат үүннэрэн таһаарбыт ыччаттарабыт. СӨ үтүөлээх артыыстарыгар тиийэ үүммүт Айаал Аммосов, Ирина Никифорова, Петр Садовников өрөспүүбүлүкэ үтүөлээх деятелэ, режиссер Сергей Потапов, Сергей Баланов уонна мин быйыл күһүн 20 сылбытын бэлиэтиир дьоро киэһэбитигэр дьоммутугар-сэргэбитигэр бэлэх уунуохпут диэн сүбэлэһэ сылдьабыт.
— Ити хас сааскытыгар үтүөлээх артыыстар буоллугут?
— Мин 2008 сыллаахха буолбутум. Ол аата 32-бэр эбит. Номнуо Саха театрын орто көлүөнэ артыыстарын ахсааныгар киирэн сылдьабыт.
— Эн сөп түбэһэр типажтаах оруолуҥ үгүс буолуо? Киһи күлүөх, Саҥа дьыллааҕы испэктээкилгэ полиция оруолугар биилгин хамсатан, үҥкүүлүү турарыҥ бу баарга дылы. Эчи, имигэһиҥ да бэрт дии? Урут үҥкүү бөлөҕөр дьарыктаммыккын быһыылаах?
— Наһаа үҥкүүнэн үлүһүйбэтэх киһибин. Ол эрээри эдэр эрдэххэ боростуой дискотекаларга үҥкүүлээччибин. Оттон «типаж» туһунан эттэххэ, сылдьан эрэ хас биирдии оруолу толкуйдуубун: хайдах гыннахха бу оруолум табыллыай? Хас биирдии оруолуҥ сүрэҕиҥ ортотунан ааһыахтаах. Ол эрээри сороҕор оруолуҥ табыллар, сороҕор суох. Хас биирдии оонньообут оруолгун барытын: «Ок, бу табылынна ээ», — диэбэккин. Ардыгар ураты ыараханнык киирэр, сороҕор оруолгун ылыммат да кэмиҥ баар буолар.
— Артыыс быһыытынан, ханна да сырыттаргын, оптуобуска буоллун, маҕаһыыҥҥа буоллун, дьон-сэргэ саҥатын, тутта-хапта сылдьарын өйдөөн көрө сылдьарыҥ буолуо.
— Ити артыыска саамай ирдэнэр өрүт. Кини тулалыыр эйгэтигэр хаһан баҕарар болҕомтолоох буолуохтаах. Сылдьан эрэ тугу көрбүтүн-билбитин бэлиэтии көрө сылдьыахтаах. Мин ордук уочаракка олорон бэлиэтии көрөбүн. Онно арааһынай дьон баар. Ыраахтан дьон хайдах туттарын, хамсанарын бастаан утаа тэтэрээккэ сурунан бэлиэтэнэр этим. Аныгы үйэ буолан, билигин суотабайбар сурунабын. Ханнык эрэ оруолга наада буоллаҕына, хасыһан көрөбүн. Артыыска уобараһын арыйарыгар быыкаа да наада буолар түгэнэ баар буолан хаалааччы. Холобура, «Арай биирдэ..» диэн киинэҕэ биир дьоруой наскыта араас-араас өҥнөөх. Бэйэтэ дальтоник киһи («дальтонизм» өҥү быһаарбат буолуу — эр дьон ыарыыта). Ити өрүтү мин артыыс быһыытынан толкуйдаан режиссерга этэн киллэртэрбитим.
— Сценарийга уларытыылары киллэрии көҥүллэнэр дуо?
— Артыыс оруолу оонньуу сылдьар киһи быһыытынан, бастаан утаа тугу баҕарар эбэн, киллэрэн биэриэхтээх. Ол эрээри испэктээкил турбутун кэнниттэн, тугу да уларытар кыаҕыҥ суох. Нууччаллыы эттэххэ, ол «сотворчество» дэнэр. Режиссеры кытта бииргэ айан таһаарыы — киинэҕэ да, испэктээкилгэ да олус наадалаах. Санаан да көрдөххө, мин артыыс быһыытынан марионетка буолбатахпын. «Эн онно тур, манна кэл» диэн режиссер тугу этэрин эрэ толоро сылдьыбаппын. Ити чааһыгар бииргэ үөрэммит табаарыспыт, режиссер Сергей Потапов олус үчүгэй көрүүлээх. Кини хаһан да сыанаҕа тахсан эн тугу гыныахтааххын көрдөрбөт даҕаны, эппэт даҕаны. Эйиигиттэн ирдиирэ биир — эн оруолгун хайдах саныыргынан көрдөрүөхтээххин. Онтон кини бэйэтин санаатын киллэрэн биэрэр. Ол иһин артыыс хааччахха киирбэт.
— Кэлиҥҥи сылларга түбэһиитэ оннуга дуу, хайдаҕа дуу: Литература сыла, Киинэ сыла утуу-субуу биллэриллэн, эн курдук айар үлэлээх киһиэхэ, айар үлэҕэр аартык арыллан иһэр курдук дии.
— Ити анал сыллары биллэриини биһиги өрөспүүбүлүкэбит салалтата аан маҥнайгынан көҕүлээбитэ. Литература сылыгар үбүн-харчытын эбэн, ис хоһоонун кэҥэтэн биэрбит буоллар, өссө үчүгэй буолуо хаалла. Былырыын ити сылынан сибээстээн, биһиэхэ олус дириҥ ис хоһоонноох испэктээкиллэр турбуттара. Оттон быйылгы Киинэ сылыгар Валентин Макаров диэн эдэр артыыспыт Илья Портнягинныын режиссердаан, бары бииргэ сүбэлэһэн баран, ааспыт сайын уоппускабытыгар Нам улууһугар Партизаҥҥа уонна Хамаҕаттаҕа тахсан киинэ уһуллубут. Мин онно киинэ дириэктэринэн уонна продюсерынан уонна сылдьабын. Киинэбит сценарийын Мария Находкина суруйбута. Таҥыыта бүттэҕинэ, сотору улахан экраҥҥа тахсыаҕа. Киинэ сылыгар бу биһиги үлэбит сүрэхтэниитинэн буолуоҕа.
— Чэ, быктарбычча, кылгастык киинэ ис хоһоонун арыйарыҥ эрэ хаалла…
— Хараҕа суох уол тапталын туһунан. Жанра — мелодрама. Сүрүн оруолга Валентин Макаров, атын оруолларга театр артыыстара оонньоотулар.
… Иннокентий Луковцевы кытта киһи бириэмэтин билбэккэ, төһө баҕарар кэпсэтэ олоруох курдук. Кини аҕа быһыытынан оҕону иитиигэ санаатын, олоҕу анаарыытын туспа матырыйаалларынан бэлэмниэҕим. Киинэ сыла саҕаланна, саҥа саҕах арылынна.