Иннокентий Григорьев: «Спордунан дьарыктанааччы элбиэхтээх»
Саҥа сылы көрсөөрү олорон, ааспыт сылга тугу ситиспиппитин, туох өйдөнөн хаалбытын анааран көрөбүт. Оттон ааспыт 2019 сыл Саха сирин спордун устуоруйатыгар тугунан өйдөнөн хаалла? Бу туһунан СӨ спорка уонна физическэй култуураҕа миниистирэ Иннокентий Григорьевтыын кэпсэттибит.
ПАВЕЛ КОЛОБКОВ СЫРЫЫТА
— Иннокентий Юрьевич, ааспыт ыйга Саха сиригэр РФ спордун миниистирэ Павел Колобков ыалдьыттаабыта. Дойду спордун миниистирэ тугу бэлиэтээтэ?
— Павел Анатольевич Саха сиригэр Чурапчытааҕы Физическэй култуура уонна спорт института тэриллибитэ сүүрбэ сыллаах үбүлүөйүгэр кыттыбыта уонна Дьокуускай спортивнай эбийиэктэрин көрбүтэ. Кини дойду киин куоратыттан тэйиччибитин сөхтө, онон акклиматизация боппуруостарын кэпсэппиппит. Уһук Илиҥҥэ олорор спортсменнар хомуурга төттөрү-таары кэлэллэригэр-баралларыгар дьарыктаммыттара улахан туһаҕа тахсыбатын, биирдии нэдиэлэ чөллөрүгэр түһэллэригэр барарын өйдөөтө. Спортсмен хаста даҕаны барар-кэлэр буоллаҕына, киин сиргэ олорор утарсааччытынааҕар аҕыйах дьарыкка тиксэр. Павел Анатольевич ону өйдөөн, сөп түбэһэр спорт баазатын буларга көмөлөһүөх буолла. Саха сирин спорт эбийиэктэрин көрөн, дьарыктанар оҕо, улахан дьон элбэҕин, төрүт көрүҥнэрбитинэн утумнаахтык эрчиллэрбитин биһирээтэ. Маны таһынан, Ил Дархан Айсен Николаевтыын кэпсэттилэр, сыаллары-соруктары туруордулар.
Миниистир мас тардыһыыта аан дойдуга сайдарыгар улахан кылааттаах, 2015 сыллаахха мас тардыһыытын спорт көрүҥүнэн билинэллэригэр аккредитационнай хамыыһыйа бэрэссэдээтэлинэн үлэлээбитэ. Бу – кини Саха сиригэр бастакы сырыыта. Спорт сайдыытыгар миниистир кэлэн барыыта өҥөлөөх буолуо дии саныыбын.
2019 СЫЛ ТҮМҮКТЭРЭ
— Ааспыт 2019 сылга ханнык ситиһиини саамай чаҕылхай диэн ааттыаҥ этэй?
— Араас таһымнаах күрэхтэһиилэргэ спортсменнарбыт куһаҕана суохтук күрэхтэстилэр. Ол курдук, аан дойду икки чөмпүйүөнэ, үс үрүҥ көмүс призера, икки боруонса призера ситиһиилэннибит. Айаал Макаров аан дойду чөмпүйэнээтигэр ситиһиилээхтик кыттыбытын бэлиэтиэхпин баҕарабын. Спортинг олимпийскай көрүҥ буолбатар даҕаны, Айаал сүрдээх күүстээх ытааччылары кыайан, үрдүк таһымҥа таҕыста. Хамаанданан бастаабыттара, тус көрдөрүүтүгэр иккис миэстэлэммитэ.
Өссө биир чаҕылхай көрдөрүүнэн, мин санаабар, паралимпиец Владимир Балынец Нурсултаҥҥа буолбут аан дойду чөмпүйэнээтигэр доруобай дьону кытта тэҥҥэ күрэхтэһэн, Арассыыйаттан аан бастакынан пауэрлифтиҥҥэ чөмпүйүөннээтэ уонна рекорд олохтоото. Аны дзюдоисткабыт Ньургуйаана Никифорова Арассыыйа чөмпүйүөнэ буолла. Онон, кэлэр сылтан Арассыыйа сүүмэрдэммит хамаандатыгар киирэн, Италияҕа буолар Аан дойду куубагар кыттыаҕа. Өрөспүүбүлүкэбитигэр дзюдо көрүҥэ тустууну, буоксаны кытта биир таһымнаах буолан эрэриттэн үөрэбин. Манна дзюдо федерациятын уонна тириэньэр Дамдиндорж Гомбодорж тиһиктээх үлэлэрэ көстөр диэн сыаналыыбын.
— Сыл бастыҥ спортсменнарын норуот куоластааһынынан быһа биэриигэ таллыбыт. Урут спорду сырдатар суруналыыстар талар этилэр, систиэмэни тоҕо уларыттыгыт?
— Цифровизация кэмигэр олоробут. Онон, бастыҥнары таларга дьон болҕомтотун тардаары уонна нэһилиэнньэ көхтөөхтүк кыттарын туһуттан маннык ньыманы туһанныбыт. Ол эрээри, сыл бастыҥнарын хамыыһыйа уонна куоластааһын быһаарыаҕа диэн түмүк оҥоһуннубут.
— Устуоруйаҕа 2019 сыл туох спортивнай ситиһиилээх өйдөнөн хаалыа дии саныыгыный?
— Бастатан туран, кулун тутарга буолбут көҥүл тустууга Аан дойду куубагар күүстээх аҕыс хамаанда кэлэн, илин-кэлин түһүспүттэрэ дьон өйүгэр-санаатыгар хатанан хааллаҕа дии саныыбын. Маны Ил Дархан Айсен Николаев туруорсан Саха сиригэр ыыттарбыта кэлин сыанабыла өссө үрдүөҕэ дии саныыбын. Иккиһинэн, Аммаҕа Саха сирин норуоттарын сэттис спортивнай оонньууларын бэлиэтиибин. Оонньуу халаан буолан, биир сыл көспүтүн да үрдүнэн, барыта табыллан, көрөөччүлэр уонна спортсменнар санааларыгар устуоруйаҕа хаалардыы үрдүк таһымнаахтык ыытыллыбыта.
САҤА СЫЛ – САҤА БЫЛААННАР
— Быйыл бастакы уочарат ханнык кыһалҕаны быһаарарга үлэлэһэҕит?
— Спорт эйгэтигэр Арассыыйа үрдүнэн биир кыһалҕалаахпыт. Ол – 2024 сылга диэри спордунан уонна физкултууранан дьарыктанааччы ахсаанын 55%-ҥа тиэрдии. Сайдыылаах дойдулар бу таһымҥа тиийбиттэрэ. Биһиги дойдубут билиҥҥи көрдөрүүтүнэн 50-с миэстэҕэ сылдьар. Дойдубут хас иккис киһитэ физкултууранан, спордунан дьарыктанарын ситиһиэхтээхпит диэн сыал турар. Биһиги өрөспүүбүлүкэбитигэр аҕам саастаахтар, оҕолор, ыччат, үлэһит дьон күүскэ эрчиллэллэр, спорт саалаларыгар сылдьар буоллулар. Ону ким да сатаан учуоттаабат. Кинилэр систиэмэлиир, учуоттуур киһитэ – инструктора суох дьарыктаналлар. Маныаха грант олохтоон, киһини хамнастаан үлэлэтэр эбэтэр атын ньыманы киллэрэри тобулуохха наада. Быһата, бу хайысхаҕа үлэни күүһүрдүөхтээхпит.
— Оттон быйыл туох улахан күрэхтэһиилэр буолуохтарай?
— Улахан таһымнаах диир күрэхтэһиилэр ыытыллаллара былааҥҥа суох. Үгэс быһыытынан, көҥүл тустууга норуоттар икки ардыларынааҕы икки турнир буолуоҕа – Роман Дмитриев аатынан юниордарга уонна Дмитрий Коркин аатынан турнирдар. Кыһыҥҥы көрүҥнэргэ уонна инбэлииттэр спартакиадалара буолуохтаахтарын, үп-харчы кырыымчык буолан, чөмпүйэнээт быһыытынан ыытыллыахтара диэн быһаарылынна. Дьиҥэ, далааһыннаахтык ыытар былааннаах этибит.
Мас тардыһыытын аан дойдутааҕы чөмпүйэнээтэ ыытылларыгар тустаах федерация сайаапкаласпыта. Ол быһаарылыннаҕына, сайын Туймаада ыһыаҕын кэмигэр 45 дойду кыттыылаах чөмпүйэнээти тэрийиэхпит.
— Туох спортивнай эбийиэктэр үлэҕэ киирэллэрэ былааннанарый?
— “Спорт – норма жизни” национальнай бырайыагынан элбэх тутуу бара турар. 2024 сылга диэри бу бырайыак чэрчитинэн 1 млрд 340 мөлүйүөн солкуобай суумалаах үп тутууга, араас инвентарынан хааччыйыыга диэн көрүллүбүтэ. Ол курдук, ааспыт сылга Жатайга бассейн, Ньурба Антоновкатыгар спортивнай саала үлэҕэ киирбиттэрэ. Билиҥҥитэ өрөспүүбүлүкэ үрдүнэн 25 спорт эбийиэгэ тутулла турар. Онтон 2020 сылга аллараа Бэстээххэ тупсаҕай тутуулаах түөрт улахан саалалаах бассейн, Бэрдьигэстээххэ элбэх хайысхалаах спорт саалата арыллыахтара. Үтүө дьыала бырагырааматынан Хаҥаласка тустуук Леонид Спиридонов аатынан спорт саалатын, Уһук Илин бырагырааматынан Орто Халымаҕа спорт саалата үлэҕэ киириэхтэрэ.
— 2020 сыллааҕы “Азия оҕолоро” спортивнай оонньууну Монголияҕа ыытар туһунан быһаарыллыбыта. Бу маны тэрийиигэ туох үлэ барарый?
— Быйыл Монголия Улан-Батор куоратыгар оонньуулар сатаан ыытыллыбат буоллулар диэн быһаарыллыбыта. Онон, “Азия оҕолоро” норуоттар икки ардыларынааҕы кэмитиэт Оман уонна Катар судаарыстыбаларыттан эппиэт күүтэр. Бу дойдулар аккаастанар түгэннэригэр, Арассыыйа спордун министиэристибэтэ уонна СӨ бырабыыталыстыбата оонньуу инники дьылҕатын быһаарыахтара.
ОЛИМПИАДАҔА КЫТТЫЫ ТУҺУНАН
— WADA быһаарыытынан, Арассыыйа спортсменнара аан дойду таһымнаах күрэхтэһиилэргэ уонна Олимпиадаҕа кытталлара бобуллубута. Саха сирин спортсменнара атын дойду аатыттан күрэхтэһэллэрин туох дии саныыгын?
— Билиҥҥи туругунан, сэттэ спортсмеммыт Олимпиадаҕа уонна Паралимпиадаҕа кыттар кыахтаах. Кинилэр кытталларын туһугар спортивнай албакааттары, юристары, Арассыыйа федерацияларын кытта үлэлэһэбит. WADA быһаарыытын уларыппат да түгэнигэр, спортсменнарбыт нейтральнай былаахтаах Олимпиадаҕа күрэхтэһэллэрин ситиһиэхтээхпит.
Оттон Токиотааҕы Олимпиадаҕа атын дойду аатыттан күрэхтэһэр быраабы билигин сатаан ылбаттар, онно гарантийнай болдьоҕу ааһыахха наада этэ. Атын дойдулартан тустар – Владислав Андреевка уонна Владимир Егоровка эрэллээхпит.
Тустууну холобурдаан, легионердааһын туһунан этэр буоллахха, Арассыыйа сүүмэрдэммит хамаандатын нөҥүөлээн тахсар олус уустук. Кэнники сыллары ылан көрдөххө, хас да уолбут атын дойду аатыттан тустар. Ол гынан баран, мин маны наһаа кэрэхсээбэппин. Тоҕо диэтэр, финалга Арассыыйа спортсменын утары тахсар түгэннээх буолуон сөп. Хас биирдии спортсмен бэйэтин дойдутун гимнин, былааҕын өрө тутуохтаах буоллаҕа. Онон, маннык түбэлтэҕэ тугун-ханныгын ырытан баран, быһаарыныы ылынар ордук. Биир бэйэм атын дойду аатыттан күрэхтэһиинэн үлүһүйэри наһаа наадалаах дии санаабаппын.
Айтана Аммосова, «Саха сирэ» хаһыат, edersaas.ru