Иннокентий Федоров: “Бэйэбит эмпит Сахабыт сиригэр баар”

Ааптар: 
31.05.2022
Бөлөххө киир:

Кэлин дьон табылыаккаттан аккаастанан, отунан-маһынан эмтэнэрэ үксээтэ. Ол эрээри, сорохтор кимтэн эрэ истэн, үһү диэнинэн сирдэтинэллэр. Саха сирин үүннээйилэрин анаан-минээн үөрэтэр тыа хаһаайыстыбатын билимин хандьыдаата, РНА Сибиирдээҕи салаатын Саха сирин ирбэт тоҥ буордаах зонатын биологическай кыһалҕаларын чинчийэр институт билимҥэ үрдүкү үлэһитэ Иннокентий Федоровтан чопчуластыбыт.

edersaas.ru

 

2000 кэриҥэ эмтээх үүнээйи

– Иннокентий Аполлонович, биһиэхэ төһө элбэх эмтээх үүнээйи баара биллэрий?

– Саха сиригэр 2000 кэриҥэ үрдүкү эмтээх үүнээйи көрүҥэ баара биллэр. Биһиги институппутугар эмтээх отторунан дьарыктаммыт, учууталым, бэрэпиэссэр Б.И. Иванов эмтээх от 173 уһулуччу суолталаах көрүҥэ үүнэрин ааҕан турар. Бу кэккэҕэ тэтиҥ, хатыҥ, бөрө сиир ото, көмүс силис, бэс, харыйа, тиит, сыалаах мас (кедр), ыылаах мас (пихта), ньээм-ньээм (одуванчик), ромашка, тимэх от (пижма), суорат от (тысячелистник), ньургуһун, о.д.а. үүнээйилэр киирэллэр.

Ханнык баҕарар чинчийээччи бэйэтэ чөкө дьарыктанар үүнээйилээх. Тус бэйэм, бастакытынан, 100 ыарыыттан өлбөт мэҥэ уутун кэриэтэ быыһыыр бөрө сиир отун (вздутоплодник сибирский) чинчийэбин. Бу таас хайалаах, эбэҥкилэр олорор сирдэригэр үүнэр. Былыргы сахалар эбэҥкилэртэн аска-үөлгэ, табаарга атастаһан ылан эмтэнэллэрэ. Бу – “Кыһыл кинигэҕэ” киирбит үүнээйи. Мин соругум – бөрө сиир отун дьиэтитии. Кэлин Саха сиригэр биологическай фармацевтическай оҥорон таһаарар тэрилтэ тэрилиннэҕинэ, бөрө сиир отун айылҕаттан ылбакка, бааһынаҕа бэйэ үүннэрэн туһаныыны тэнитии. Бу кыаллыан сөп, бөрө сиир ото дьиэ таһыгар үүнэр кыахтааҕын дакаастаатыбыт. Ол эрээри, хомойуох иһин, билигин маассабайдык үүннэрии таһыма кыалла илик. Былыр бөрө сиир отун силиһин эрэ туһанар эбит буоллахтарына, билигин үөрэтэн, ото эмиэ туһалаах диэн түмүккэ кэллибит.

Бөрө сиир ото сүрэх-тымыр ыарыыларыгар (инфаркт, инсульт, тахикардия, стенокардия, ишемическая болезнь сердца) барытыгар, хаан баттааһыныгар туһалыыр, үлэтин бигэтитэр. Бөрө сиир отун туһанар киһи инфарктан, инсультан сүүс бырыһыан мэктиэлэнэр. Аны эрдэттэн сэрэтии быһыытынан эмтэннэххэ, тымыр ыарыыларыгар (геморрой, варикоз, тромбофлебит, о.д.а.) ылларбат. Саҕаланан эрэр варикоз симэлийэр кыахтаах, сааһырбыт дьоҥҥо ыарыыларын намырытар, салгыы сайыннарбат.

Иккиһинэн, киһи этигэр-хааныгар саҥа үөскээһиннэри (араас искэннэр) сэрэтэр. Бөрө сиир ото гиполипидемическай дьайыылаах буолан, хааҥҥа баар сыаны­арыыны суурайар, хааны убатар.

Кэлин быар ыарыылаах дьон үксээтэ. Бөрө сиир ото манна эмиэ туһалаах, быары ыраастыыр кыахтаах. Быар ыраастаннаҕына айылҕаттан чөлүгэр түһэр уорган. Оннооҕор 50 бырыһыан циррозтаах дьон үтүөрэллэр, чөллөрүгэр түһэллэр.

Аны бөрө сиир ото бактериялары, тэллэйдэри өлөрөр. Ону таһынан, билиҥҥи кэмҥэ саамай суолтаах диэн бэлиэтиир тоҕоостоох – вирустары (ол иһигэр коронавируһу) утары дьайар күүстээх. Холобур быһыытынан эттэххэ, тус бэйэм, дьиэ кэргэним, аймахтарым коронавируска ылларбатылар.

Бөрө сиир ото уонна бөрө ото

– Бу бөрө сиир ото дииллэр эрээри, букатын атын-атын оттору ыйаллар. Итини быһааран биэрэриҥ буоллар.

–  Бөрө сиир ото (вздутоплодник сибирский) уонна бөрө ото (щитовник мужской) диэн икки тус-туспа үүнээйи баар. Сахалыы ааттара майгыннаһар, ол иһин дьон араарбат. Бөрө сиир ото диэн бутуйан, бөрө отун киэҥник иһэллэр. Бөрө ото (щитовник мужской) күүстээх дьааттаах үүнээйилэргэ киирсэр, былыргы аата – таас баттаҕа.

1960-1970-с сылларга Муома оройуонугар улахан сэминээр тэрийбиттэр. Хотугу улуустартан бэтэринээрдэр, зоотехниктар, аптека үлэһиттэрэ, биология учууталлара, лесниктэр, уопсайынан, айылҕаҕа сыһыаннаах дьон бары мустубуттар. Икки күн мунньахтаабыттар, бэрэпиэссэрдэр лиэксийэлэрин истибиттэр. Үһүс-төрдүс күннэригэр Улахан Чыыстайга экскурсияҕа тиийбиттэр. Муомаҕа бөрө сиир ото баар эрээри, аҕыйах, чачаххай. Бөрө сиир ото уонна бөрө ото (оччолорго таас баттаҕа) кэккэлэһэ тураллар эбит. Учуонайдар: “Ол турар, бөрө сиир ото”, – диэн үөһэттэн ыйан көрдөрөллөр. Аны бөрө сиир ото киһи хараҕар быраҕыллыбат, бороҥ өҥнөөх. Аттыгар бөрө ото (щитовник мужской) изумрудтуҥу өт күөҕэ өҥнөөх, улахан сэбирдэхтээх, киһи хараҕар хатанар үүнээйи турарын дьон бары ону өйдөөн хаалбыт. Бөрө сиир ото бу диэн сыыһа өйдөөн, ону улуустарыгар тиийэн тарҕатан, ити курдук бутуур үөскээбит. Ол иһин нэһилиэнньэҕэ өйдөтөр инниттэн биһиги “бөрө сиир ото” уонна “бөрө ото” диэн араардыбыт.

Көмүс силис

– Бөрө сиир отун таһынан, иккиһинэн, көмүс силиһи (родиола розовая) чинчийэбин. Бу үүнээйини якутский женьшень диэн ааттыыллар. Сэдэх үүнээйи женьшень курдук дьайыылааҕын иһин “якутский женьшень” дииллэр. Иммунитеты бөҕөргөтөр, күүс-сэниэ биэрэр, мэйии үлэтин күүһүрдэр, ньиэрбэни уоскутар.

Көмүс силиһи Алтай диэки анаан-минээн ыһан үүннэрэллэр. Саха сиригэр эмиэ олордуохха сөп диэн дакаастаатыбыт. Хаһан эмит эмтээх үүнээйилэри оҥорон таһаарар тэрилтэ (биофармпроизводство) аһылыннаҕына, мин чинчийиилэрим түмүктэрэ туһаныллыахтара.

Бүтүн аан дойдутааҕы доруобуйа харыстабылын тэрилтэтэ (ВОЗ) учуонайдар чинчийиилэригэр сигэнэн, 30 бастыҥ үүнээйи “золотая тридцатка элитных лекарственных растений” испииһэгин оҥорбута. Манна бөрө сиир ото, көмүс силис бэһис-сэттис үктэлгэ киирэн тураллар. Онон биһиэхэ, Саха сиригэр бүтүн аан дойдуга суолталаах үүнээйилэр үүнэллэр.

Тэтиҥ

– Кэлиҥҥи икки сылга аан дойдуну аймаабыт коронавирустан туох туһалыан сөбүй?

– Коронавируһу утары эмп куорат таһыгар хото үүнэр – тэтиҥ. Тэтиҥи сөпкө туһаннахха ханнык баҕарар вируһу тута өлөрөр. Бу биллэр чахчы эрээри, хомойуох иһин, бэрт ахсааннаах киһи туһанар. Коронавируска ацетилсалициловай кислота хааны убатарга киэҥник туһанылынна. Тэтиҥҥэ салицилат үтүмэн элбэх.

Тэтиҥ туоһун (хатыҥ курдук буолбакка) үөһэттэн аллара сытыы быһаҕынан курдуу быһыллар. Биир мастан биир эрэ быһыыны ылар ордук. Оччоҕо туоһа силбэһэн, үүнээйи өлбөт.

Кэлин учуонайдар 1-2 сыллаах тэтиҥ лабаатын (прирост ветвей) тоһутан ылан туһаннахха үүнээйи эмиэ хорумньуламмат диэн быһаардылар. Онон лабаатын үс гыммыт биирин төбөтүттэн тоһутан ылан 3-4 см луук курдук кырбаан салгын оонньуур күлүктээх сиргэ хатарыллар. Таҥас мөһөөччүккэ уура сылдьан 2 ост. ньуосканы лиитирэ аҥаара ууга маҥнай 3 мүн. оргутуллар. Ити туһаныллыбыт бэлэм лабааны иккистээн 5 мүн., үһүстээн 7 мүн. оргутан иһиллэр. Онон бэрт барыстаахтык туһаныллар, уһун кэмҥэ барар. Бэлэм көөнньөрүүнү күҥҥэ иккитэ ыстакаан аҥаардыынан (сарсыарда уһуктаат, эбиэт эбэтэр киэһээҥҥи аһылык чаас аҥаарын иннинэ эбэтэр киэһэ утуйуох иннинэ) иһиллэр. Тус бэйэм үгүс сыллаах чинчийиибэр олоҕуран, ханнык баҕарар эмтээх оту 20 күн иһиэххэ, 7 күн сынньаныахха сөп эбит диэн түмүккэ кэллим. Ити курдук тохтуу-тохтуу түөрт төгүл төхтүрүйэн иһиллэр. Онтон 2-3 ый эппитин-хааммытын сынньатабыт.

Аны тэтиҥ паразиты барытын өлөрөр кыахтаах. Паразит киһи оһоҕоһугар, хааныгар, этигэр, ис уорганнарыгар тиийэ үөскүүр. Куорат экологията мөлтөх, быыл оргуйан олорор. Быылы кытта араас паразиттар сымыыттара киирэллэр. Харыстана таарыйа тэтиҥ көөнньөрүүтүн тохтуу-тохтуу хас да сыл иһиэххэ сөп. Улуу фитотерапевт, биология билимин дуоктара Л.Н. Сурина: “Бүтүн аан дойдуга үүнээйи барыта сүттэҕинэ, тэтиҥ эрэ хааллаҕына киһи олоруо”, – диэн эппиттээх.

Коронавирустан бөрө сиир ото, хасхара (рододендрон золотистый), үөт, иннэлээх мастар көмөлөһөллөр. Уопсайынан, хатыҥ, тэтиҥ, үөт, тиит сэбирдэхтэрэ, иннэлэрэ, бүөрдэрэ, хатырыктара хааны убатар дьайыылаахтар. Хааны убатар үүнээйилэр бары туһалыыр кыахтаахтар.

Ньургуһун

– Билигин ньургуһун үгэннээн турар кэмэ. Ньургуһунунан эмиэ эмтэнэбит дииллэр. Туохха туһалыырый?

– Ньургуһун элбэх ыарыыттан туһалыыр дииллэр. Ол гынан баран, эмиэ күүстээх дьааттаах үүнээйи. Билигин аллергиялыыр киһи үгүс. Тус бэйэм ньургуһуну туһанан баран улаханнык аллергиялаабыт элбэх киһини билэбин. Ол иһин ньургуһуну иһэри утарабын.

Кэлин сүһүөх ыарыытын тэллэйдэр (грибок) көбүтэллэр диэн этэллэр. Онон сүһүөх ыарыытыгар уонна тирии бааһыгар тутталлар. Ньургуһунтан оҥоһуллубут ностуойканы ыалдьар сиринэн угуттуур сыыһа. Тириини дьөлө сиэн кэбиһиэн сөп. Сүөһүөхтэрэ ыалдьар дьон ностуойканы көннөрү соттуохтарын сөп. Тирии бааһыгар ностуойканы уунан убатан баран соттуллар.

Эмтээх үүнээйини хомуйуу

– Бу эппит үүнээйилэргин хаһан хомуйар ордугуй?

– Эмтээх үүнээйилэр үлүбээй хомуллубаттар. Силистэрэ туһаныллар үүнээйилэр (тиит, дөлүһүөн, ньээм-ньээм, о.д.а.) туһалаах эттиктэрэ үөһэ тахса илик кэмигэр күһүн эбэтэр саас эрдэ хомуллар.

Иннэлээх мастар (харыйа, бэс, болбукта, пихта) күөхтүү кыстыыллар. Балар саамай туһалаах кэмнэрэ – бытарҕан тымныылар. Бу үүнээйилэр тымныыны тулуйаары элбэх эттиктэри мунньуналлар.

Онтон сэбирдэҕэ, умнаһа, сибэккитэ туһаныллар үүнээйилэри сибэккитэ саамай силигилии тыллан турар кэмигэр хомуйар ордук. Былыргылар ньургуһун болчохторо (бутон) ата илигинэ, саҥа тахсан эрдэҕинэ хомуллуохтаах дииллэр. Ити эмиэ сөп – дьаата аҕыйах. Сүһүөххэ туттар буоллахха, билигин саамай тоҕоостоох, толору сибэккилээн турар кэм.

Аны булгуччу күлүктээх, салгын охсор сиригэр (крыша, чердак, веранда, түннүгэ аһыллар терраса) куурдуллар.

Бэрт эттээх, сэбирдэхтээх, суон умнастаах дөбөҥнүк кууран биэрбэт үүнээйилэр (абааһы тайаҕа, вайда якутская) бааллар. Олору кыра гына кырбаан ууруллар. Кыралаатахха даҕаны бытааннык куурар. Баанньыкка олус итии гыммакка, аанын аһан баран куурдуохха сөп. Духуопкаҕа куурдарга 60 кыраадыстан үрдүө суохтаах.

Эмтээх оту киэҥ эйгэҕэ туһаныы

— Эмтээх от диэни иһиттибит даҕаны иһэр уонна соттор эрэ диэн өйдүүбүн. Эмтээх үүнээйини өссө хайдах туһаныахха сөбүй?

— Түүр-монгуол омуктарга киэҥник тарҕаммыт түөннээһин баар. Эмчиттэр киһи ыалдьар миэстэтин булан оту ууран уматаллар.

Буруонан эмтэнии былыр-былыргыттан туттуллар ньыма. Коронавирус кэмигэр Туркменияҕа олох аҕыйах киһи ыалдьыбыт. Элбэх киһи мустар сиригэр кытыаны буруолатыҥ диэн судаарыстыбаннай таһымынан дьаһал бэриллибит. Вируһу урусхаллыыр эбит, биһиги кытыаммыт аймаҕа.

Эмтээх оттортон ванна оҥороллор, таҥаска илитэн (примочки) ыалдьар миэстэҕэ уураллар.

Ньээм-ньээм, бэс туораҕа саҥа тыллан эрдэҕинэ хомуйан барыанньа оҥоруохха сөп. Аны аска тума быһыытынан киэҥник туттуллар.

Киһи бэйэтин дойдутун эминэн эмтэниэхтээх. Саха сирин олохтоохторугар Саха сирин ото ордук туһалаах. Өбүгэлэрбит туһаммыт отторун биһиги эппит-хааммыт билэр, өйдүүр. Ол эккэ-сииҥҥэ киирдэҕинэ ылынар, туһалыыр.

Людмила ПОПОВА, “Саха сирэ” хаһыат, edersaas.ru

+1
0
+1
0
+1
0
+1
0
+1
0
+1
1
+1
0