Иннокентий Бекянов: «IT — олох сайдыытын биир өрүтэ»

Ааптар: 
29.01.2021
Бөлөххө киир:

Тыа улуустарыгар сыыппара өҥөтө күүскэ сайдан эрэрин Чурапчытааҕы IT-киин үлэтэ туоһулуур. Саҥа дьыл иннинэ эрэ үөрүүлээх быһыыга-майгыга аһыллыбыт тэрилтэ, саҥа сылга үктэнээт, үлэтин хорутуулаахтык саҕалаата. Биһиги бүгүҥҥү ыалдьыппыт – тустаах киин салайааччыта Иннокентий Бекянов.

edersaas.ru

Оҕо эрдэҕиттэн тиэхиньикэҕэ сыстаҕас

 

— Иннокентий Иннокентьевич, идэҕинэн физика учуутала буолаҕын. Тоҕо физиканы талбыккыный?

— Оҕо сааһым Чурапчы Одьулуунугар ааспыта, оскуоланы онно 2008 сыллаахха бүтэрбитим. Тиэхиньиичэскэй биридимиэттэри кырабыттан интэриэһиргиир буолан, М.К. Аммосов аатынан ХИФУ физика-тиэхиньиичэскэй институтугар үөрэнэ киирбитим.

Биһиги аймахха абаҕабыт, СӨ үтүөлээх учуутала Михаил Михайлович Бекянов физик-математик идэлээх. Өлүөхүмэ, Чурапчы улуустарыгар тиэхиньиичэскэй үөрэхтээһиҥҥэ дириэктэринэн, учууталынан, кэлин ЯГИТИ-га естественнэй наукалар кафедраларын сэбиэдиссэйин э.т. үлэлээбитэ уонна биир кэлим эксээмэҥҥэ физика «С» сорудаҕын бэрэбиэркэлииргэ эспиэрдээбитэ. Абаҕабыт Михаил Михайлович үлэлээбит баай уопута институкка, кэллиэскэ, тиэхиньикумнарга, научнай үлэлэргэ тирэх буолар.

“Сыл учуутала” куонкуруска кыттыы

 

— “Сыл учуутала-2019” өрөспүүбүлүкэтээҕи куонкуруска ситиһиилээхтик кыттан тураҕын. Хайдах киирбиккиний?

— Учууталынан, уопсайа, 7 сыл үлэлээтим. Үлэбин 2013 сыллаахха Уус Алдан улууһун Суотту оскуолатыттан саҕалаабытым. Учуутал идэтигэр ааны аспыт киһинэн бастакы дириэктэрим Ирина Михайловна Петухова буолар. Оскуолабытыгар эдэр, олус көхтөөх учууталлар баар буолан, күрэхтэһиилэри көтүппэт этибит. Улуус иһигэр ыытыллар эдэр учууталлар куонкурустарыгар сыл аайы кыттан миэстэлэһэрбит. Күрэхтэһии киһи дьоҕурун, өйүн-санаатын сайыннарарын онно билбитим.

Суоттуга үлэлии сылдьан олоҕум аргыһын көрсүбүтүм. Кэргэним Зинаида Николаевна идэтинэн омук тылын учуутала. Кэргэмминиин дойдубар Чурапчыга кэлэммит, Арыылаах оскуолатыгар 2 сыл учууталынан үлэлээтибит. Бастакы тиийбит сылбытыгар дириэктэрбит Елена Егоровна Барашкова улуустааҕы “Сыл бастыҥ учуутала” куонкуруска кыттарбытыгар сүбэлээбитэ. Күүстээх бэлэмнэнии түмүгэр, 2018 сыллаахха улууска бастаабытым. Эһиилигэр, 2019 сыллаахха өрөспүүбүлүкэтээҕи “Сыл учуутала” куонкуруска улууспун көмүскүүр чиэскэ тиксибитим. Саха сирин араас муннугуттан олус талааннаах, күүстээх, билиилээх-көрүүлээх учууталлар мустубуттара. Биэс түһүмэх түмүгүнэн финалга тахсан, уопсай түмүгүнэн өрөспүүбүлүкэҕэ биэс бастыҥ учуутал ахсааныгар киирбитим.

Физиканы үөрэтии кистэлэҥэ

— Физика уустук биридимиэттэр ахсааннарыгар киирэр. Хайдах гынан оҕоҕо өйдөтөҕүнүй? Туох кистэлэҥнээххиний?

— Учууталлыыр сылларбар элбэхтик үөрэнэр этим. Ол курдук СӨ Үөрэҕи сайыннарар уонна учууталлар идэлэрин таһымын үрдэтэр институкка араас куурустарга сылдьыбытым. Москваҕа А.В.Хуторской ньыматыгар үөрэнэн кэлбитим. Онно иҥэриммит билиилэрбин үөрэтэрбэр туһанарым.

Физика айылҕа сокуонун үөрэтэр. Тыа сиригэр олорор буоламмыт хара үлэни эппитинэн-хааммытынан бэркэ билэбит. Ол курдук, хас биирдии хамсаныыбыт физиката суох табыллыбат. Ону оҕолорго сөптөөхтүк тиэрдэн, күннээҕи олохторугар туһаналларыгар талаһарым. Аны уруок умсугутуулаахтык ааһарын туһугар аныгы информационнай технологияны туһанарым. Инньэ гынан, 7 сыл иһигэр уонтан тахса үөрэнээччим тиэхиньиичэскэй үөрэххэ туттарсыыта — үлэм түмүгэ дии саныыбын.

Оҕону IT эйгэтигэр сыһыарыы

 

— Арыылаах оскуолата бэрт үчүгэй бырайыагы олоххо киллэрбит диэн истибитим.

— 2019-2020 сылларга Арыылаах орто оскуолатыгар үлэлии сылдьаммын саҥа анаммыт директорбынаан Владислав Романович Скрябинныын саҥа инновационнай бырайыагы киллэрэргэ үлэлэспиппит. Олохтоох көҕүлээһини өйүүр бырагыраамаҕа кыттан грант ыламмыт, 2 мөлүйүөн утары үбүлээһиннээх, аныгылыы сайдыылаах тэрилинэн виртульнай кылаас арыйбыппыт. Былырыын ахсынньыттан олоххо киирэн үлэтин саҕалаата. Кылааска “виртуальнай” уонна “дополненнай ачыкылар”, дроннар, аныгы оҕолору үөрэххэ интэриэстэрин тарта. Бу бырайыак олус интэриэһинэй. “Виртуальнай” уонна “дополненнай кылаас” толору хааччылыннаҕына сыалай кылааһынан уруокка үөрэнэр кыахтара үөскүүр. Бу ачыкыны кэтэн бүүс-бүтүүннүү виртуальнай эйгэҕэ киириэххэ сөп. Урукку кинигэлэртэн хартыына, уруһуй көрбөккө, туспа эйгэҕэ киирэн үөрэнэллэр. Ол курдук, 360 кыраадыс эргийэр кыахтаах камеранан илэ харахтарынан көрөн, тутан-хабан үөрэнэллэр. Холобура, кылаас иһигэр олорон история уруогар пирамида “иһигэр киириэхтэрин”, география уруогар атын тас дойдуларга “сылдьан кэлиэхтэрин”, физика уруогар молекуланы, атомы “тутан-хабан көрүөхтэрин” сөп. Ол эбэтэр, оҕо виртульнай эйгэҕэ киирэн, уруокка болҕомтотун ууран, толору үөрэнэр диэххэ сэп. Маннык аныгылыы тэриллээх, интэриэһинэй уруоктар билиҥҥи оҕоҕо өйдөнүмтүө буолаллар уонна болҕомтотун тардарга табыгыстаахтар.

IT-киин тэриллиитэ

— IT-кииҥҥэ хаһааҥҥыттан үлэлээн эрэҕин? Туох соруктаах тэрилиннэ?

— Улууска IT-киин аһыллыытын улууспут дьаһалтата туруорсубута уонна туһааннаах министиэристибэҕэ сайаапка ыытан, куонкуруска кыттан, былырыын грант ылбыппыт. Ахсынньы бүтүүтэ аһыллыбыппыт. Салайааччынан ыҥырбыттарыгар сөбүлэстим. Билиҥҥитэ үһүөбүт.

Биһигини сэргэ Тыа хаһаайыстыбатын сайыннарар улуустааҕы ааҕыныстыба тэриллибитэ. Тустаах тэрилтэни кытта ыкса ситимнээхтик уонна биир дьиэҕэ олорон үлэлиибит. Бэйэҕит даҕаны билэҕит, биһиги улууспут сүрүннээн тыа хаһаайыстыбатынан дьарыктанар улуус буолар. Этэргэ дылы, тыа хаһаайыстыбата эрэ биһигини аһатан-сиэтэн олорор. Ол иһин бу хайысханы сыыппараҕа көһөрөр сорук турар.

IT кэмпириэнсийэлэри, сэминээрдэри, трениннэри уонна консалтинговай өҥөлөрү оҥоробут, бэйэбит туспа уонна корпорациялары кытта үлэлиибит.

IT-киин тэрээһиннэрэ тус сыаллаах аудитория ирдэбилигэр толору эппиэттииллэр. Биир санаалаах дьону эбэтэр исписэлиистэри кытта көрсөн уопут атастаһарга, ханнык эрэ боппуруоһу ырытарга көмөлөһөллөр. Стартаптар “мозговой штурм” ньыматынан нон-стоп эрэсииминэн чопчу кыһалҕаны быһаарарга аналлаахтар. Питч-сиэссиэйэ – бырайыагы сүрэхтээһин аныгы ньымата.

“Радость” эбии үөрэхтээһин тэрилтэтин уонна улуус агро оскуолаларын, нэһилиэнньэни (ЛПХ), юридическай сирэйдэри (КФХ, СХПК, СПК уо.д.а.) кытта үлэлиибит. Улуустааҕы “Айылгы” норуот дьиэтин кытта бииргэ үлэлиир былааннаахпыт.

IT-киин — киэҥ өҥөлөөх

— IT эйгэтигэр босхо сүбэлэри биэрэбит, урбаанньыттарга уонна юридическай сирэйдэргэ онлайн, интэриниэт трансляциялары, видеонан кэмпириэнсийэлэри тэрийиигэ босхо өҥөлөрү оҥоробут.

Эбиитин көмпүүтэринэн хайдах үлэлииргэ, арааһынай ис хоһоонноох отчуоттары, сайаапкалары ыытарга, электроннай буостанан туһанарга үөрэтэбит. Биһиги кииммититтэн куйаарга (интэриниэккэ) тахсалларыгар усулуобуйаны тэрийэбит.

Инникитин Чурапчы улууһунааҕы Тыа хаһаайыстыбатын сайыннарар ааҕыныстыбаны кытта дьоҥҥо туһалаах үлэни, өҥөнү кэҥэтэр былааннаахпыт. Төһө даҕаны пандемия тыына билиннэр, Чурапчы улууһун дьаһалтата ыытар бэлиитикэтин көмөтүнэн, тыа хаһаайыстыбатын уонна уопсайынан, тыа сирин сыыппараҕа көһөрүүгэ үлэ ити курдук барар.

Эбии үөрэхтээһин

— Эбии үөрэхтээһиҥҥэ эмиэ үлэлэһэбит диэтиҥ. Оҕолору хас саастарыттан дьарыктыыгыт? Төлөбүрдээх дуу?

— Улуустааҕы “Радость” эбии үөрэхтээһин тэрилтэтин кытта үлэлэһэбит. 2020-2023 сылларга үлэлиир бырагыраамалардаахпыт: робототехника; “Python” программирование тыла; BeginIT —үөрэхтээһин-социальнай бырайыак (Sinet Team); системнай администрирование; веб-разработка; видеоны таҥыы, видеоҕа устуу; көмпүүтэринэн графика. 2-
10-с кылаас баҕалаах үөрэнээччилэрин босхо дьарыктыыбыт. Итини таһынан, учууталларга эмиэ куурустары, араас үөрэхтэри ыытабыт.

“Сохрани чек” сыһыарыы

— Үлэлээбиккит ый кэриҥэ эрэ буолбут. Хайдах саҕалаатыгыт?

— “Сохрани чек” диэн төлөпүөҥҥэ бастакы сыһыарыыбытын оҥордубут. Сыһыарыынан тыа хаһаайыстыбатын үлэһитэ, урбаанньыт уонна тэрилтэлээх киһи туттар. Тустаах сыһыарыы көмөтүнэн, бааһынай хаһаайыстыбалар, урбаанньыттар Чурапчы улууһунааҕы Тыа хаһаайыстыбатын сайыннарар ааҕыныстыба баазатыгар үп-харчы докумуонун биир сиргэ мунньар кыахтаахтар. Холобура, Иванов, Петров корпоративнай баан каарталаахтар. Кэмиттэн-кэмигэр быстах туттар тэрили атыылаһаллар (күрдьэх, атырдьах, тоһоҕо, быа, тыраахтар, от охсор тэрил саппаас чааһа…). Атыыласпыт чиэктэрин отчуокка анаан ууран иһэллэрэ ирдэнэр. Чиэк суруллубут дааннайдара сотуллан, кумаланан, дьүһүнэ көстүбэт буолар, ким эрэ сүтэрэн да кэбиһэр. Итинтэн сиэттэрэн, кыһалҕаны быһаарар туһугар төлөпүөҥҥэ сыһыарыы оҥордубут. Ол сыһыарыынан кинилэр чиэктэрин хаартыскаҕа түһэрэн биһиэхэ баазаҕа ыыталлар. Иванов, Петров хаһан, хантан уонна төһө суумаҕа ылбыта хатанан хаалар. Хас биирдиилэрэ тус-туспа паапкалаахтар. Отчуоттарын саҕана төлөпүөннэринэн биһиги сыһыарыыбытыгар киирэн отчуоттууллар эбэтэр биһигиттэн кэлэн харалла сытар чиэктэрин ылыахтарын сөп.

Ыра санаа эбэтэр…

— Тыа хаһаайыстыбатын хара үлэтин хаһан эбит роботтарынан солбуйар кыаллыа дуо? Исписэлиис быһыытынан эн санааҥ хайдаҕый?

— Сөп. Уонча-сүүрбэччэ сыл анараа өттүгэр кунуопката суох төлөпүөн баара буолуо диэн өйбүтүгэр да суоҕа. Сыллата сайдыы бара турар. Араас дроннары, беспилотниктары, роботтары даҕаны сайыннаран эрэллэр. Оскуола бырагырааматыгар робототехника киирбитэ быданнаата. Бу ылбычча буолбатах, күннээҕи олохпут уустук үлэтин роботтор толоруохтарын сөп. Ыксаллаах түгэҥҥэ ыраахтан олорон үлэлиэхпитин, син бэлэмнээхпитин көрдөрдүбүт. Ол аата, сайдыы биир өрүтэ көһүннэҕэ. Холобура, технологияҕа, сыыппараҕа көһүүгэ эрдэттэн бэлэмнэммэтэхпит буоллар, уустук түгэн элбэх буолуох этэ.

Иннибит диэки икки хардыы

— Арассыыйа IT хайысхатыгар атын дойдуларга тэҥнээн көрдөххө, төһө күүстээҕий?

— Билигин аан дойдуга информационнай эйгэҕэ Япония, Кытай, Сингапур, Америка, Европа күүстээҕинэн биллэллэр. Аҥаардас дьоппуоннар роботтара даҕаны итини туоһулуур. Ол эрээри, Арассыыйа да айан таһаарара эмиэ элбэх. Инники күөҥҥэ сылдьар диэххэ сөп. Кэлин олус күүскэ уонна эмискэ өрө таҕыста, улахан болҕомтону уурар буоллулар. Интэриниэт Саха сирин хоту улуустарыгар киирэн эрэрэ даҕаны итини туоһулуур. IT – сайдыы биир өрүтэ.

Людмила ПОПОВА, “Саха сирэ” хаһыат, edersaas.ru

+1
1
+1
0
+1
0
+1
0
+1
0
+1
0
+1
0