Иннокентий Андросов «Лики земли Олонхо» быыстапката аһылынна

Бөлөххө киир:

Олунньу 25 күнүгэр Дьокуускай куоракка «Россия — моя история» историческай пааркаҕа уу хаһаайыстыбатын бочуоттаах үлэһитэ, уу хаһаайыстыбатын туйгуна, Нуучча географическай уопсастыбатын чилиэнэ Иннокентий Андросов  «Лики земли Олонхо»  быыстапката аһылынна.

edersaas.ru

Иннокентий Андросов айылҕа дьикти көстүүлэрин, көтөрдөрүн хаартыскаҕа түһэрэн үйэтиппит 130 хаартыската туруорулунна. Кини хаартыскаҕа түһэриинэн үлүһүйбүтэ ырааппыт уонна ханна да сырыттар, фотоаппараатын сүгэ сылдьар идэлээх.  Иннокентий Михайлович бу бастакы быыстапката буолбатах. Икки сыллааҕыта Арассыыйаҕа Экология сылынан «Природы чудные мгновения» диэн ааттаах быыстапканы оҥорон турар. Маны таһынан, хаартыскалара “Арчы дьиэтигэр”, “Сэргэлээх уоттара” култуура киинигэр туруоруллубуттара.

Иннокентий  Михайлович отуттан тахса сыл устата уу хаһаайыстыбатын салаатыгар үлэлээбитэ. Командировкаҕа, бултуу да сырыттар, куруук айылҕа ураты көстүүтүн хаартыскаҕа түһэрэн ылар үгэстээх.

«Лики земли Олонхо» олунньу 25 күнүттэн саҕалаан кулун тутар 10 күнүгэр диэри үлэлиэҕэ. Киириитэ босхо.

Ыспыраапка

И.М. Андросов Таатта улууһуттан төрүттээх. 1981 сыллаахха Саха судаарыстыбаннай университетын бүтэрбитэ. «Географ-преподаватель» идэлээх.  Салгыы 1991 сыллаахха Омскайдааҕы тыа хаһаайыстыбатын институтун  бүтэрэн, «инженер-гидротехник» идэтин баһылаабыта.

1981-1988 сс. Саха АССР мелиорациятын уонна уу хаһаайыстыбатын министиэристибэтигэр инженеринэн үлэлээбитэ.

1988-1989 сс.  «Якутводмелиорация» тэрилтэҕэ  ΙΙ-с категориялаах  инженер.

1989-1993 сс. Амматааҕы производственнай тутуу, эксплуатациялааһын холбоһугун салайааччыта.

1993-1997 сс. «Якутводмелиорация»  холбоһук салаатын начаалынньыга, генеральнай дириэктэри солбуйааччы

1997 – 1999 сс.  «Сельхозводмелиорация»  холбоһук салаатын начаалынньыга, генеральнай дириэктэри солбуйааччы.

1999-2001 сс. «Рейтинг-Плюс» ХЭУо дириэктэрэ.

2001 — 2010  сс. Уу ресурсаларын федеральнай агентствотын Өлүөнэ сүнньүнээҕи ууга управлениетын салайааччытын солбуйааччы.

2010-2013 сс. – Уу ресурсаларын федеральнай агентствотын Өлүөнэ сүнньүнээҕи ууга управлениетын салайааччытын  эбээһинэһин толорооччу.

2013-2019 сс. – Уу ресурсаларын федеральнай агентствотын Өлүөнэ сүнньүнээҕи ууга управлениетын салайааччыта.

2019 сылтан Нэһилиэнньэҕэ куттал суох буолуутун хааччыйар судаарыстыбаннай кэмитиэт бастакы солбуйааччыта.

Анивера АКИМОВА, edersaas.ru

+1
0
+1
0
+1
0
+1
0
+1
0
+1
0
+1
0