«Инникини тутуу» НКО — Арассыыйа таһымнаах куонкуруска кыайда

Ааптар: 
25.05.2021
Бөлөххө киир:

Иван Степанов салайааччылаах «Инникини тутуу» (Индустрия будущего) кэмиэрчэскэйэ суох автономнай тэриллии Бүтүн Арассыыйатааҕы «Инники кэскил территорията-2030» диэн дьоҕус кээмэйдээх сирдэри  сайыннарыы күрэхтэһиитигэр  «Бастыҥ визионерскай бырайыак» анал аакка бастакы миэстэни ылары ситистэ.

52 бырайыактан бастыҥнары таллылар

Куонкуруска Арассыыйа 26 эрэгийиэниттэн барыта 52 сайаапка киирбит. Үс ый устата кыттааччылар үөрэх чэрчитинэн бырайыактарын презентациятын көмүскүүргэ бэлэмнэннилэр. Анал экспертэри кытары ырытыһан стратегия, үп-харчы, технология боппуруостарыгар үлэлээтилэр, ону таһынан былааһы, уопсастыбаны уонна бизнеһи кытары тэҥҥэ үлэлэһии туһунан үөрэттилэр.  Финалга 11 бырайыак тахсан,  дьүүллүүр сүбэ экспердэрэ сыаналаатылар. Бырайыагы ситиһиилээхтик  көмүскээн биһиги биир дойдулаахтарбыт «Бастыҥ визионерскай бырайыак» номинацияҕа кыайыылааҕынан таҕыстылар. Визионер диэн инникини көрөөччү, оҥорооччу. Иван Степанов «Саха Өрөспүүбүлүкэтин Хаҥалас улууһун Тиит Эбэ уонна Хоточчу  сэлиэнньэлэрин сайдар кэскилин стратегията» бырайыагы көмүскээтэ.

Тиит Эбэ уонна Хоточчу нэһилиэктэрэ саҥа киэбинэн сайдыахтара

Ол туһунан «Инники кэскили тутуу» (Индустрия будущего) кэмиэрчэскэйэ суох автономнай тэриллии дириэктэрэ Иван Степановтан бырайыагын туһунан ыйыттыбыт:

— «Тыа сэлиэнньэтин саҥа киэбэ» күрэххэ  кыра территориялаах нэһилиэктэртэн Хаҥалас улууһун Тиит Эбэ нэһилиэгин холобуругар сайдыы стратегиятын көмүскээтибит. 2030 сылга диэри  Тиит Эбэ нэһилиэгэ хайдах сайдыаҕын толкуйдаатыбыт. Биһиэхэ Тиит Эбэ олохтоох дьаһалтатын баһылыга Дмитрий Варламов уонна кини солбуйааччыта Лилия Самсонова биһиги бырайыакпытын өйөөн уонна мин бииргэ үлэлиир кэллиэгэм Күннэй Охлопкова, «Сайдыы» дириэктэрэ Василий Титов буолан бары сүбэбитин холбоон үлэлээтибит.

2035 сылга Тиит Эбэ аныгы «микрополис» буолуоҕа

Тыа сирин араас социальнай-экэнэмиичэскэй кыһалҕаларын быһаарыыттан саҕалаан тыа сирин нэһилиэгин сайыннаран атын таһымҥа таһаарар бырайыак. Маһынан оттуллар оһох кыһалҕатын нэһилиэккэ гааһы тардыынан быһаарыы, нэһилиэнньэни үлэнэн хааччыйан,  дьоһун дохуокка таһаарыы, аныгы технологиялары толору туһанан нэһилиэнньэ олоҕун чэпчэтии, нэһилиэги тупсарыы биир тылынан — тыа сирин олоҕун сайыннарыы.  Ыччат тыа сиригэр тардыһыытын, олохсуйа хааларын аныгы сайдыылаах тыа сэлиэнньэтин холобурунан ситиһиэх тустаахпыт. Олохтоохтор сөбүлүүр дьарыктарын олоххо киллэрэн бизнеһи сайыннаралларын, онтон дохуоттаналларын ситиһиэхтээхпит. Нэһилиэнньэ сайдыылаах буолуутун торумнуур тырааныспар логистическай киинэ, Агро-технологическай оҥорон таһаарыы, ИТ-киин, Ураты сонун бизнес бырайыактар уонна туристическай кластердар,  автономнай биогазовай оҥоһуу, Доруобуйаны харыстаныы уонна бөҕөргөтүү смарт-киинэ, Саҥаны киллэрии оскуолата, Элбэх хайысхалаах социо-култуура киинэ тутуллан, 2035 сылга диэри Тиит Эбэ аныгы тыа сирин микрооройуона буолан тахсыахтаах.

Олохтоох дьон туохха наадыйарын бэйэтэ быhаарда

Тиит Эбэ сэлиэнньэтин олохтоохторо баары-баарынан олорон хаалбакка, нэһилиэктэрэ сайдарыгар тардыһыылаах дьон.  Бырайыакпыт сүрүннээн олохтоох нэһилиэнньэ туохха баҕарарын, сэлиэнньэ сайдар инники кэскилин хайдах көрөрүн, тыа сиригэр туох тиийбэтин туһунан кэпсэтииттэн саҕаламмыта, дьон санаатын Зуум платформа нөҥүө сибээстэһэн истибиппит.

Былааммыт барыта олоххо киирдэҕинэ, Тиит Эбэ сэлиэнньэтэ — микрополис буолуохтаах. Ол аата судургутук быһаардахха, куорат таһымнаах нэһилиэк. Олохтоохтор наадыйар тэрилтэлэрэ барыта сэлиэнньэҕэ баар буоларын ситиһии уонна олоҕу судургутутар өйдөөх тупсаҕай дьиэлэр уонна дьон сайдарыгар, дьоҕурун, былаанын олоххо киллэрэригэр улахан төһүү буолуоҕа. Олоҕурбут, номнуо эргэрбит, ааспыт үйэтээҕи тыа сирин олоҕуттан быдан атын сайдыылаах эйгэҕэ үктэннэрэр микрополис — инники сайдыы кэскилэ.

Надежда Ильина, edersaas.ru

+1
0
+1
0
+1
0
+1
0
+1
0
+1
0
+1
0