“Инникигэ хардыы” кэмпириэнсийэ кыайыылаахтара билиннилэр

Ааптар: 
12.01.2020
Бөлөххө киир:

XXIV төгүлүн ыытыллар академик В.П. Ларионов аатынан “Инникигэ хардыы” өрөспүүбүлүкэтээҕи научнай-практическай кэмпириэнсийэ түмүктэннэ, кыайыылаахтар билиннилэр.

“Саха сирэ” хаһыат, edersaas.ru

Үс күн устата “Триумф” спортсменнары бэлэмниир киин, Хотугулуу-Илиҥҥи федеральнай университет естественнэй наукаларга факультеттарын куорпуһа оскуола үөрэнээччилэринэн “оргуйан” олордо. Манна сыл сүрүн тэрээһинэ – оҕолор тыһыынчаттан тахса үлэлэрин сыаналыыр кэмпириэнсийэ буолла.

СӨ үөрэҕин уонна наукатын миниистирэ Владимир Егоров: “Бу күннэргэ өрөспүүбүлүкэ талааннаах оҕолоро научнай бырайыактарын, идиэйэлэрин кэпсииллэрин кэтээтэ. Хас биирдии кыттааччы кыайыылаах. Бастатан туран, өрөспүүбүлүкэ үрдүнэн кыттыбыт 10 тыһыынча оҕоттон сүүмэрдээһини аастыгыт. Иккиһинэн, бу икки-үс күн устата билиигит хаҥаата, идиэйэлэргитин биһиги биллиилээх учуонайдарбытын, экспиэртэрбитин кытта ырыттыгыт. Итиэннэ салгыы арыйыылары оҥорорго, чинчийэргэ саҥа кыаҕы ылыннаххыт. Оттон лауреаттарга, дипломаннарга Бүтүн Арассыыйатааҕы, норуоттар икки ардыларынааҕы кэмпириэнсийэлэргэ соруккутун ситиһиилээхтик толороргутугар баҕарабын. Бу ситиһии туоларыгар үлэлэһэр дьоҥҥо – экспиэртэргэ, педагогтарга, тэрийээччилэргэ, волонтердарга министиэристибэ аатыттан махтанабын.

Национальнай бырайыактары олоххо көхтөөхтүк киллэрэбит, инновационнай эбийиэктэри тутабыт, норуоттар икки ардыларынааҕы таһымнаах научнай-чинчийэр тэрээһиннэри ыытабыт. “Наука” бырайыак иитинэн Арассыыйа 2024 сылга научнай-технологическай сайдыынан научнай чинчийиилэргэ уонна оҥоһуктарга аан дойдуга биэс иһигэр киириэхтээх. Ил Дархан Айсен Николаев “Север” Арктиканы уонна Субарктиканы сайыннарар научнай-үөрэтэр киини тэрийэр туһунан ыйаахха илии баттаабыта. Эһиги курдук талааннаах оҕолор көмөлөрүнэн, бу туруоруллубут соруктары түргэнник ситиһэрбитигэр, эһиги эрэгийиэн, дойду интеллектуальнай лидердэрэ буола үүнэргитигэр бигэ эрэллээхпин”, — диэн эттэ.

Санатан эттэххэ, “Инникигэ хардыы” кэмпириэнсийэ 5-11 кылаас үөрэнээччилэригэр ыытыллар. Номнуо үһүс сылын, оҕолор чинчийбит үлэлэрин англия тылынан көмүскүүллэр. Бу, тэрээһин ирдэбиллэриттэн биирдэстэрэ буолар. Маныаха оҕолор англия тылынан кэпсиир кыахтара үрдээн иһэрин экспиэртэр бэлиэтииллэр.

Кэрэхсэбиллээҕэ баар, сыллата кыттааччы ахсаана эбиллэн иһэр итиэннэ хотугу, Арктика улуустар үөрэнээччилэрэ бастыыллара үөрүүлээх. Анаабыр курдук ыраах улуустан сүүмэрдэнэн кэлбит Сааскылаах орто оскуолатын 11-с кылааһын үөрэнээччитэ Анжела Лебедева научнай-практическай кэмпириэнсийэҕэ кыттар үгүс уопуттаах диэххэ сөп. Чинчийэр үлэнэн иккис кылаастан дьарыктанар. Ол курдук, бастаан дьон аатын суолтатын, онтон 7-с кылаастан долганнар тирии суумкаларын үөрэппит. Бу үлэтинэн Сочига баран II истипиэннээх дипломунан наҕараадаламмыт. Салгыы балыктар тустарынан үөрэппит. “Өссө биир тиэмэлээх этим”, — диэн баран күлэр — долганнар нёри тайахтарын чинчийбит. “Өрөспүүбүлүкэҕэ өрүү кыттарым эрээри, саҥа миэстэлэстим. Олус үөрдүм, мэктиэтигэр иһим кычыгыланар”, — диэн биир этиинэн ис туругун, үөрүүтүн барытын тиэрдэр.

Уопсайа, биэс араас чинчийиини оҥорбут Анжелаҕа лауреат үрдүк аатын ылар чиэскэ “Применение ГИС технологий для оценки рекультивационного потенциала Западной Якутии” диэн тиэмэтэ үрдүк кынаттаабыт. “Бу үлэбин балаҕан ыйыттан күүскэ чинчийдим. Салайааччым –  Каролина Викторовна Максимова. Судургутук быһаардахха, холобур, “Маяк” (Анаабыр) бырамыысыланнай учаастакка эбэтэр “Мир” (Миринэй) кимберлитовай туруубкаҕа алмаас хостоммут сирдэригэр хаһыйан быраҕыллыбыт күрбэ тааска үүнээйи хаһан үүнэрин быһаарбытым. Тиэмэбитин салайааччыбын кытта иккиэн толкуйдаабыппыт. Маны анал бырагырааманан үөрэппитим уонна формулаларынан суоттаан таһаартаабытым. Биллэн турар, судургута суох – сөптөөх формуланы толкуйдуохха наада, онтон суоттуур, ол бырыгарааманы үөрэтэр ирдэнэр”, — диэн кэпсиир. Анжела сөбүлүүр биридимиэтэ нуучча тыла эрээри, математика учуутала буолар ыра санаалааҕын этэр.

Хамаанданан түмүккэ, улуустар икки ардыларынааҕы зачекка элбэх кыттааччылаах бөлөхтөргө Чурапчы, ортолорго  — Ленскэй, кыраларга — Абый кыайыылааҕынан таҕыстылар. Оттон өрөспүүбүлүкэ уонна дойду таһымнаах оскуолаларга М.К. Аммосов аатынан Хотугулуу-Илиҥҥи федеральнай университет лиссиэйэ — анал үөрэнэр-научнай киин бастаата.

Ону таһынан, эбии үөрэхтээһин тэрилтэлэрин туспа сыаналыыр буолбуттар. Маныаха Өлүөхүмэтээҕи үөрэнээччилэр айар сайдыыларын уонна гуманитарнай үөрэхтэрин киинэ I истиэпэннээх дипломунан наҕараадаланна.

Лауреат үрдүк аатын ылбыт, мэктиэ суругу туппут эдэр чинчийээччилэр, салгыы Арассыыйа, норуоттар икки ардыларынааҕы таһымнаах кэмпириэнсийэлэргэ Саха сирин дьоһуннаахтык ааттаталларыгар ситиһиини баҕарабыт.

Сыыппаралар

34 улуустан уонна Дьокуускай куораттан

316 оскуолаттан

1264 оҕо кытынна

1107 үлэ киирдэ

414 экспиэрт үлэлээтэ

Лауреаттар:

  1. Артур Оконешников (ХИФУ лиссиэйэ, Дьокуускай куорат) – “математические науки”;
  2. Валерия Киренская (ХИФУ лиссиэйэ, Дьокуускай куорат) – “физические науки и астрономия”
  3. Софрон Мыреев (Миринэйдээҕи политиэхиньииичэскэй лиссиэй) – “программирование и алгоритмы”
  4. Алексей Сазонов (В.Н. Оконешников аатынан Павловскай орто оскуолата, Мэҥэ Хаҥалас улууһа) – “информационные ресурсы”
  5. Альберт Игнатьев (И.Г. Тимофеев аатынан Майа лиссиэйэ, Мэҥэ Хаҥалас улууһа) – “химические науки”
  6. Антон Макаров (С.К. Макаров аатынан Чурапчы гимназията, Чурапчы улууһа) – “техника и технологии”
  7. Иван Дударенко (Алданнааҕы лиссиэй, Алдан улууһа) – “горная инженерия и энергетика”
  8. Федор Лыткин, Күндүл Никитин (Өрөспүүбүлүкэтээҕи лиссиэй-интэринээт, Дьокуускай куорат) – “робототехника”
  9. Анатолий Антонов, Андрей Петров, Тимур Илларионов (В.П. Ларионов аатынан физика-тиэхиньиичэскэй лиссиэй, Дьокуускай куорат) – “научно-техническая выставка”
  10. Диана Солдатова (“Эврика” гимназия, Өлүөхүмэ улууһа) – “науки о земле и окружающей среде (география и геология)”
  11. Андрей Иннокентьев, Максим Федотов (Г.И Чиряев аатынан Бүлүү 1-кы нүөмэрдээх оскуолата, Бүлүү улууһа) – “техносферная безопасность”
  12. Александра Сотрудникова (Р.И. Шадрин аатынан Саккырыыр орто оскуолата, Эбээн Бытантай национальнай улуус) – “североведение”
  13. Айталина Федотова (Өрөспүүбүлүкэтээҕи лиссиэй-интэринээт, Дьокуускай куорат) – “наследие Кулаковского”
  14. Анжела Лебедева (Сааскылаах орто оскуолата, Анаабыр улууһа) – “геоинформационные технологии и дистанционное зондирование Земли, применение беспилотных технологий в геоматике”
  15. Егор Давыдов (П.И. Шадрин аатынан Өктөм орто оскуолата, Хаҥалас улууһа) – “зоологические науки и общая биология”
  16. Нарыйана Спиридонова (Маҕан орто оскуолата, Дьокуускай куорат) – “медицинские науки”
  17. Виктория Ковацкая (Аллараа Кураанах бөһүөлэгин гимназията, Алдан улууһа) – “общественные науки”
  18. Данил Николаев, Артур Константинов (Дьокуускай куорат 20-с нүөмэрдээх оскуолата) – “методика преподавания”
  19. Валентина Сивцева (В.П. Ларионов аатынан физика-тиэхиньиичэскэй лиссиэй, Дьокуускай куорат) – “ботанические науки”
  20. Анастасия Игнатьева (Арыылаах сэлиэнньэтин 6-с нүөмэрдээх оскуолата, Миринэй оройуона) – “культурология и искусствоведение”
  21. Дайаана Еремеева (Өрөспүүбүлүкэтээҕи лиссиэй-интэринээт, Дьокуускай куорат) – “якутская филология”
  22. Сайаана Канаева (Эбээн Бытантанй национальнай улууһунааҕы оҕо киинэ) – “этнология и археология”
  23. Игорь Неустроев (В.П. Ларионов аатынан Майа орто оскуолата, Мэҥэ Хаҥалас улууһа) – “экономические науки”
  24. Никита Юзько (Депутатскай орто оскуолата, Усуйаана улууһа) – “экологические науки”
  25. Нина Иванова (И.Н. Жирков аатынан Дүпсүн орто оскуолата, Уус Алдан улууһа) – “сравнительно-сопоставительное изучение языков”
  26. Андрей Винокуров (Өктөмнөөҕү научнай-үөрэтэр киин, Хаҥалас улууһа) – “спортивная наука и ЗОЖ”
  27. Муза Дмитриева (Г.Е. Бессонов аатынан Тойбохой орто оскуолата, Сунтаар улууһа) – “сельско-хозяйственные науки”
  28. Екатерина Миронова, Алина Данилова (Покровскайдааҕы 2-с нүөмэрдээх орто оскуола, Хаҥалас улууһа) – “русская филология”
  29. Ольга Ермолова (В.А. Штыров аатынан Томпотооҕу элбэх хайысхалаах гимназия, Томпо улууһа) – “психология”
  30. Надежда Посельская (С.К. Макаров аатынан Чурапчытааҕы гимназия, Чурапчы улууһа) – “педагогика”
  31. Анастасия Бражкина (Ленскэй куорат 2-с нүөмэрдээх оскуолата, Ленскэй улууһа) – “музееведение”
  32. Владимир Чириков (“Оҕо туризмҥа уонна экскурсияҕа киинэ” эбии үөрэхтээһин тэрилтэтэ, Дьааҥы улууһа) – “исторические науки”
  33. Нарыйаана Игнатьева (Н.О. Кривошапкин аатынан 5-с нүөмэрдээх орто оскуолата, Дьокуускай куорат) – “мода и дизайн”
  34. Ирина Константинова (Сунтаардааҕы политиэхиньиичэскэй лиссиэй-интэринээт, Сунтаар улууһа) – “прикладной дизайн и декоративно-прикладное искусство”.

Людмила ПОПОВА, “Саха сирэ” хаһыат, edersaas.ru

Хаартыска: СӨ Үөрэҕин уонна наукатын министиэристибэтэ

+1
0
+1
0
+1
0
+1
0
+1
0
+1
0
+1
0