“Инникигэ хардыы” кэмпириэнсийэҕэ дьоһуннаах бырайыактары көмүскээбиттэр
Өрөспүүбүлүкэтээҕи “Инникигэ хардыы” научнай-практическай кэмпириэнсийэ уопсай түмүгүн оҥордулар, бастыҥ бырайыактары сыаналаатылар. Оҕо холугар чахчы дьоһуннаах чинчийиилэри оҥорбуттар.
Кэмпирэнсийэ барыта 35 сиэксийэнэн, билим араас хайысхатынан үлэлиир. Аҕыйах сылтан бэттэх киирбит “техносфернай безопасность” сиэксийэ үлэтин экспиэрт, тиэхиньиическэй билим хандьыдаата, ХИФУ Горнай институтун “техносфернай безопасность” кафедратын сэбиэдиссэйэ Владимир Тимофеев билиһиннэрдэ.
— “Техносфернай безопасность” сиэксийэ кэмпириэнсийэҕэ аҕыйах сылтан баар уонна фундаментальнай билимтэн (физика, химия…) арыый уратылаах. Уратыта диэн бу билимнэргэ тирэҕирэн, киһи олоҕор куттал суох буолуутун тэрийэр, доруобуйатын тупсарар, о.д.а тиэмэлэри көрөр аналлаах. Үгүс учуутал, үөрэнээччи билиҥҥитэ маннык сиэксийэ баарын, маннык үлэлэри көрөр диэн киэҥник билбэт. Биһиги быраактыкаҕа туһуламмыт үлэлэри көрөбүт. Чопчу билимҥэ сыһыаннаан дьиҥнээх прибордары, маллары оҥоруу, ол нэһилиэнньэ доруобуйатын, олоҕун харыстыахтаахтар. Биһиэхэ сөп түбэһэр атын сиэксийэлэртэн эмиэ үлэлэри сыымайдаабыппыт. Быйыл оҕолор көхтөөхтүк кытыннылар диэн чорботон бэлиэтиир оруннаах. Оскуолаларга үлэ балачча барар эбит. Оҕолор улаханнык сэҥээрэллэрэ көстөр, онон кэлэр сылларга өссө тупсуо, дириҥник хорутан ырытыллыа диэн эрэнэбит” – диэн экспиэрт санаатын үллэстэр.
Кэмпириэнсийэ бу сиэксийэтигэр Дьокуускай куорат, киин, илин эҥэр, Бүлүү бөлөх улуустары ааһан Хаһааччыйаттан, Таймылыыртан, Дьааҥыттан тиийэ кыттыбыттара кэрэхсэбиллээх.
Кыттааччылар бэрт туһалаах, суолталаах идиэйэлэри эттилэр, көмүскээтилэр диэн эттэ итиэннэ тустаах сиэксийэҕэ киирбит биэс бастыҥ бырайыагы бэлиэтээтэ. Ол курдук, Жатай оскуолатын үөрэнээччитэ Алексей Баскаков билиҥҥи кэмҥэ улахан суолталаах, харыстыыр соруктаах күннэтэ кэтэр мэдиссиинэ мааскатын үөрэппит. Алексей маҕаһыыҥҥа атыыланар мааскалар хаачыстыбаларын, харыстыырын-харыстаабатын тэҥнээн көрбүт. Бу билиҥҥи кэмҥэ саамай суолталаах тиэмэ диэн Владимир Дмитриевич этэр.
Онтон Уус Алдантан Виктор Никитин оскуолаҕа баар тыастар (шум) киһиэхэ дьайыыларын анал приборунан мээрэйдээн үөрэппит. Кини бу тыастар уруок кэмигэр үөрэнэллэригэр, көрүдүөргэ сынньаналларыгар төһө мэһэйдиирин чинчийбит.
Верхоянскайтан Ольга Бурцева үлэтэ аһылык төһө дьиҥнээҕин бэрэбиэркэлииргэ туттуллар дезинфицирующай сириэстибэни бэлэмнээһиҥҥэ анаммыт. Ольга учууталын кытта лабаратыарыйаҕа ректификация бырассыаһынан дезинфицирующай сириэстибэни толкуйдаабыт. Састаабын уларытан киһиэхэ сөп түбэһэр гына оҥорбут.
Мэҥэ Хаҥалас үөрэнээччитэ Алена Ефремова сырдыгы тэйитэр элэмиэннэр (светоотражающие элементы) суол саахалыттан харыстыылларын, балары анал таҥаска эрэ буолбакка, оҕолор күннээҕи таҥнар таҥаспытыгар киллэриэххэ диэн өйүктээх эбит. Уонна сырдыгы тэйитэр элэмиэннэр төһө көдьүүстээхтэрин тэҥнээн көрбүт.
Дьокуускайдааҕы Оҕо айымньытын дыбарыаһын түөрт иитиллээччитэ сылытар куурканы (пуховик) оҥорбуттар. Оҕолор таҥаска сылытар панеллары укпуттар. Кинилэр саҥаны киллэриилэрэ диэн электрическэй ток биэрэргэ водороднай оттугунан батареяны сылытааһын эбит. “Бу букатын саҥа идиэйэ буолар, водороднай оттук (топлива) саҥа сайдан эрэр. Тустаах тиэмэлэр чахчы чаҕылхайдар, салгыы сайыннардахтарына научнай-тиэхиньиическэй өттүнэн үчүгэй түмүгү ситиһэр кыахтаахтар”, — диэн экспиэрт тоһоҕолоон этэр.
Урукку сыллары кытта тэҥнээн көрдөххө, билигин оҕолор наукаҕа дуоспуруннаахтык сыһыаннаһаллара көстөрүн, үлэлэрин билиһиннэриини (презентация) ымпыгар-чымпыгар тиийэ көстүүлээх гына оҥороллорун, уопсайынан, бэлэмнэрэ тупсан иһэрин ыйар. “Техносфернай безопасность” сиэксийэтигэр кыттааччы ахсаана үксээтэр, өссө чаҕылхай үлэлэри талыах этибит диэн, оҕолор хото кытталларыгар ыҥырар.
Людмила ПОПОВА, “Cаха сирэ” хаһыат, edersaas.ru