Уочараттаах быыбар дьэ түмүктэннэ. “Ким кыайда, ким хаһыс буолла?” – диэн ыйыталаһыы улам уостан, бу нэдиэлэ бүтүүтэ аймалҕан ухханын бары да умна быһыытыйахпыт.
Ол эрээри үгүспүт: “Быыбартан сынньанныбыт ээ” диирэ өссө эрдэ. Уруккунан сабаҕалаатахха, сорох-сорох агитациялыыр былакааттар, лиистэр аны да сааскыга диэри ыйанан турдахтарына көҥүлэ. Ол эрээри быйылгы быыбарга агитация лииһэ ыам бырдаҕын курдук наһаа хойуу буолбатах эрээри, киин уулуссалар банаардаах остуолбаларыгар “сиэрдээхтэр” Тумууһаптара, “хомуньуустар” Аммосовтара, бир остуолбаҕа, мэктиэтигэр, иккилии-үстүү ыйанан тураллар.
Дьэ, ол иһин бу туһалара ааспыт агитациялыыр лиистэр хаһааҥҥа диэри ыйанан туруохтарын сөбүн туһунан “сылааһына” билсээри, баартыйалар ыстааптарыгар, тустаах эппиэттээх дьоҥҥо эрийэн, анаан билсэ сырыттым. Дьиктитэ баара, “Быыбар саҕана ыйаммыт агитациялыыр лиистэр хаһааҥҥа диэри ыйанан туруохтарай?” диэн боростуой ыйытыым, тустаах дьоҥҥо үгүстэригэр тоҕо эрэ иннэнэн кэйбит курдук ыарыылаахтык тиийдэ. Чэ, ол туһунан – саас сааһынан.
Агитациялыахтааҕар утары үлэлииргэ дылылар
“Чыпчыххай” балаһаҕа эрэдээксийэм сорудаҕын толороору, уулуссаҕа тахсаат, сырдатыахтаах тиэмэбэр наадалаахпын тута буллум. Киин куорат саамай киин Орджоникидзе уулуссатынан ааһан иһэн көрбүтүм, эргэ самнайбыт олбуорга “КПРФ-тар” баламах сыһыарыллан тураллар. Олбуор утары ааһар сүүнэ улахан турбаҕа Ил Түмэн депутата Петр Аммосов мэтириэттээх лиис буолуна ыйаммыт. Киһи: “Аата миэстэ булбатах муҥнара дуу…” – диэн сонньуйар хартыыната. Онно холоотоххо, “Сиэрдээхтэр” лиидэрдэрэ Федот Тумусов киин уулуссалар банаардаах остуолбаларыгар “күннээбит”. Мэрия утарыта баар светофор аттынааҕы остуолбалары хабан туран, цииркэҕэ тиийэ барар Петровскай уулусса муостатын банаардаах остуолбалара – Тумууһап мэтириэттээх агитационнай лиистэр. Оттон “Саха” КИНХ дьиэтин аттыгар “хомоньуустар” Губаревтара уонна “сиэрдээхтэр” Тумууһаптара биир остуолбаны лигиччи “былдьаһан” тураллар. Ити курдук, киһи уулусса аайы холобурдуу туруох быһыылаах да, мин киин сиринэн эрэ сылдьан көрдүм. Бу лиистэр агитациялыахтааҕар, хата, утары үлэлииргэ дылылар. Тарааһап “листовканан” марайдамматах кэриҥнээх. Харчылаах киһи сиэринэн, куорат хабыллар ортотугар сүүнэ улахан мэтириэтэ ыйанан турар. Ону сарсыҥҥыттан уһулаллар ини…
“Биһиги ким ханна тугу ыйыырын хантан билиэхпитий?”
Агитациялыыр лиистэри тоҕо түбэһиэх сиргэ ыйыылларын, ити ыйаабыттарын хаһан хомуйалларын билсээри, туһааннаах дьонтон ыйыталастым. Кырдьыга баара, бу маннык боростуой соругум дьону төлөпүөннэрин быраҕыахтарыгар диэри өһүргэтиэ дии санаабатаҕым. Ол эрээри сөбүлээбэтэх ыйытыыларын биэрбиппин, ким хайдах сатыырынан, биллэрдилэр ээ, дьэ.
“Хомоньуустар” баартыйалара. “КПРФ”-тар пресс-сэкирэтээрдэрэ Галина Мохначевская: “Ити биһиги «агиткаларбыт» үрдүгэр атыы-эргиэн листовкаларын оппоненнарбыт дэлби ыйаабыт этилэрэ. Аата эн да “мелкай” тиэмэни хасыһан түһэн!” – диэн баран, хата, баартыйа салайааччыта Виктор Губарев тус санаатын билсэрбэр ыйан, төлөпүөнүн биэрдэ. Виктор Николаевич: “Олус сөптөөх боппуруоһу көтөҕөҕүн. Ол ханнык олбуорга дуу, банаар остуолбатыгар дуу биһиги мэтириэттэрбитин ким хаһан ханна тугу ыйыырын хантан билиэхпитий? Билигин сокуонунан түбэһиэх сиргэ ыйыырыҥ көҥүллэммэт ээ. Харчылаах өттүлэрэ истиэнэҕэ ыйанар баннердары сакаастыыр буоллахтарына, биһиги оннук кыахпыт суох. Устудьуоннары көмөлөһүннэрэбит. Ол дьон ханна түбэһиэх ыйыыр буоллахтара. Биллэн турар, алдьаммыт олбуорга ыйаммыт агитация лииһэ биһиэхэ куолас эбэрэ биллибэт. Хата, ханнык аадырыска ыйаммыттар диэтиҥ ол лиистэри? Саатар баран көрөн кэлиэм”, — диэн бэрт ылыннарыылаахтык кэпсэттэ.
Куорат «Киин» уокуруга. Агитация лиистэрэ сүрүннээн куорат киин уулуссаларыгар ыйаммыт буолан, Дьокуускай куорат «Киин» уокуругун салайааччыта Михаил Гасанбалаевы кытта кэпсэтэ сырыттым. “Сокуоҥҥа олоҕуран агитация лиистэрэ элбэх киһи олорор дьиэтин салалтатыттан, тэрилтэ хаһаайыныттан көҥүллэтэн ыйаныахтаахтар. Биһиги устааппытынан ханнык агитациялыыр лиис ханна ыйанарын көҥүллүүр боломуочуйабыт суох. Куорат дьаһалтатыгар анал административнай хамыыһыйа үлэлиир. Уопсайынан, бу мин быһаарбат боппуруоһум. Оччо айылаах кэпсэтиэххин баҕарар буоллаххына, ити тиэмэҕэр суругунан ыйытыкта оҥор, эппиэттэхпит”, — диэн баран, кэпсэтэн бүтэ да иликпинэ, төлөпүөнүн быраҕан кэбистэ. Дьэ, хаһаайын эбит, доҕоор!
“Биир ньыгыл” баартыйа. ”Ньыгыллар” быйыл агитациялыыр баннердарынан үлэлээтилэр. Ханна да мэтириэттээх лиистэр ыһылла-тоҕулла сыппаттар, остуолба аайы “ыйанан” турбаттар. Арай биир атах таҥаһын өрөмүөннүүр мастырыскыайынан ааһан иһэн “ньыгыллар” А-3 былакааттара ыйанан турарын көрөн, соһуйбутум: “Манна эмиэ ыйыыллар эбит дуу?” диэн. Ыстаап салайааччыта Дмитрий Никифоров: “Агитация сүрүн соруга – биллии-көстүү. Оттон “Биир ньыгыл” баартыйаны билбэт киһи суох. Онон лиистэри ыйаан уулуссаны “сыыһырдар” наадата суох. Сокуонунан да мээнэ таптаабыт сиргинэн ыйыыр көҥүллэммэт. Биһиэхэ:”Агитациялыыр лиистэргитин аҕалыҥ, бэйэбитигэр ыйаан туруоруохпут”, — диэн көрдөспүт дьоҥҥо А-3 былакааттары түҥэппиппит”, — диэн быһаарда. Ол аата мин биир оннук былакааты көрдөһүүлээх киһиэхэ көрбүт эбиппин дии санаатым.
“Сиэрдээх Арассыыйа” баартыйа. Ыстаап салайааччыта туох сыаллаах эрийэрбин кытта: “Биһиги бу нэдиэлэ устата бары остуолбалартан Федот Тумусов мэтириэттээх агитация лиистэрин хайаан да хомуйуохпут”, — диэн баран, төлөпүөнүн ууран кэбистэ. Никита Васильевич диэн ааттааҕын эрэ билэн хааллым. Араспаанньатын этэ да соруммата. Чэ, туох буолуой, араспаанньатын эппэтин даҕаны. Нэдиэлэ устата банаар остуолбалара Тумууһап мэтириэттээх лиистэртэн босхолоноллор ини диэн эрэх-турах саныыр буоллахпыт.
Бэлиэтээн эттэххэ…
Дьэ, онон агитациялыыр лиистэри тарҕаппыт дьон, мээнэ түбэһиэх банаар остуолбаларыгар, олбуордарга ыйаабыттарын бу нэдиэлэ устата хомуйалларын кэтэһэн көрөр буоллахпыт. Биир идэлээҕим эппитинии, бу олох да “мелкай” тиэмэ буолбатах. Күн аайы туһата бүппүт агитация лиистэрин көрбүтүнэн сырыт эрэ. Киһи куһаҕан санаата да ол дьоҥҥо “хонор” ини. Хайа, уонна быйыл Тупсарыы сылыгар киин куораппыт хайы-үйэ туһаттан тахсыбыт агитациялыыр лиистэргэ уруһуйдаммыт мэтириэттэринэн туолан турара сүрэ да бэрт ини?!
Елена ПОТОЦКАЯ