Инклюзивнай бөлөхтөөх, дьааһылалаах ураты уһуйаан аһылынна
Дьокуускай куоракка быйылгы сылга аан бастакы уһуйаан аһылынна. Судаарыстыбаннай-чааһынай бииргэ үлэлэһиинэн дьэндэйбит 240 миэстэлээх, 1148 кв.м. иэннээх кырачааннар сайдар 1-гы нүөмэрдээх “Звездочка” уһуйааннара атыттартан уратылардаах.
“Саха сирэ” хаһыат, edersaas.ru
Ол курдук, 12 бөлөхтөөх (ол иһигэр үстэригэр диэри саастаах оҕолорго) оҕо саадыгар эти-сиини эрчийэр, ыллыыр-туойар саалалары таһынан, аныгы олох ирдэбилинэн көмпүүтэр, уйулҕа, мэдиссиинэ үлэһитин, логопед хосторо бааллар. “Ону таһынан, уһуйаан доруобуйаларынан хааччахтаах оҕолорго аналлаах бөлөхтөрдөөх. Оҕону хааччаҕа суох сайыннарыыга усулуобуйа барыта олохтонуоҕа. Манна дефектолог-учуутал, логопед, психологтар, тьютордар, эти-сиини эрчийэр инструктор үлэлиэхтэрэ”, — диэн 1-гы нүөмэрдээх “Звездочка” уһуйаан сэбиэдиссэйин солбуйааччы Надежда Лозинская билиһиннэрэр.
СӨ Ил Дархана Айсен Николаев: “Быйылгы сылга бастакы уһуйаан аһыллыыта буолар. Үөрэрбит диэн, бу оҕо саада ясельнай уонна инклюзивнай бөлөхтөрдөөх. Билигин 203-с түөлбэҕэ социальнай инфраструктура толору оҥоһулунна диэххэ сөп: үһүс оҕо саада аһылынна, “Айыы Кыһата” оскуола үлэлиир, иккис оскуола тутулла турар, Оҕо искусствотын оскуолата үлэҕэ киирбитэ.
Иллэрээ күн дойду бэрэсидьиэнэ Владимир Путин дьиэ крэгэни, оҕо сайдыытын, үөрэҕи өйүүр туһунан улахан этиини оҥордо. Уһуйаан аһыллыыта бэрэсидьиэн этиитин кытта сөп түбэспитэ икки бүк үөрүүлээх. Ону кытта эрэгийиэннэргэ оҕо саадтарын (дьааһылалардаах), оскуолаларын тутуу тэтимин түргэтэтэр соругу туруорда. Саха сирэ бэрэсидьиэн Анал этиитин бастакынан олоххо киллэрэн саҕалаата диэххэ сөп. Былырыын өрөспүүбүлүкэ үрдүнэн, уопсайа, 23 оҕо саада, 8 оскуола тутуллубута”, — диэн эттэ.
Саҥа уһуйаан бэлиэ күлүүһүн 1-кы нүөмэрдээх “Звездочка” уһуйаан сэбиэдиссэйин солбуйааччы Надежда Лозынскаяҕа үөрүүлээх быһыы-майгы ортотугар “Сахастрой 2002” ХЭУо дириэктэрэ Сос Навоян туттарда. Уһуйаан, үлэтэ барыта сиппитин кэннэ аны күһүн балаҕан ыйыттан кырачааннары ылыаҕа.
Людмила ПОПОВА, “Саха сирэ” хаһыат, edersaas.ru
Анатолий ШЕСТАКОВ хаартыскаҕа түһэриитэ.