Ини-биилэр

Ааптар: 
10.09.2022
Бөлөххө киир:

…Туһатын толкуйдаабакка
Туойаары чугаһаатым,
Абыралын араҥалаабакка
Алҕаары айгыһынным,
Ааҕааччы атастарыам, аралдьыйбакка
Ааһа көрөн иһиҥ,
Сэргэҕэлээччи сэгэрдэр,
Сирбиккит даа иһин
Сирийэ көрөн иһиҥ!..

Алампа.
«Ытык Хайалар кэпсэтиилэрэ».

«Тыый-тыый» диэмэхтиир кыракый чыычаах истибитин итэҕэйиминэ күн бүгүҥҥэ диэри сөҕөр-махтайар. Буолумуна. Бу олох өрдөөҕүтэ этэ. Былыыр-былыр диэни быдан ааһа куоһарар, түҥ былыр диэни түгэҕэр тиэрдэн көрбөккө тамты тимирдэр сахтарга.

Дьэ ол үтүмэх маһын төрдө-төбөтө өссө сулланыан да иннинэ, хара суор, сур бөрө уонна кыыннаах быһах ини-биилии эбиттэр. Киһи ол саҕана кыыннаах быһах этэ. Кини кимэ-туга өссө биллэ илигэ.

Ини-биилэр инньэ бороохтуйан борбуйдарын көтөҕүөхтэригэр диэри таптаан, таалалаан оонньуур сирдэрэ, үс дойду тирэҕэ буолан турар Улуу Кудук Мас аан дойду аҕыс таһаатын кууһан турар аар силик лабаалара этэ. Сылайыахтарыгар диэри күнү быһа өрө-таҥнары сырсыакалаһа оонньоон баран, ийэ мастарын кууспутунан утуйа сыталларын, Үрүҥ Күн Хотун ийэлэрэ үрүт халлаан өрөһөтүттэн таптаан ымманыйа-ымманыйа үүт тумарык суорҕанынан бүрүйэ сабар буолара. Бу бэдиктэриҥ биир дьээбэлээх этилэр. Кинилэр турда-турбутунан бэйэ-бэйэлэригэр дьүһүн кубулуйа охсор айылгылаахтара. Хара суор диэбитиҥ сур бөрө буолан соһутара, сур бөрө диэбитиҥ кыыннаах быһах буолан чачыгыраччы күлэрэ. Ону туһанан ини-биилэр ардыгар, бэл, айыылары кытта муннаран кураанаҕы куустарар буолаллара.

Орой мэник төбөттөр алыс наһаалаары гыннахтарына айбыт аҕалара үһүөннэрин суулуу тутан ылан, ытыһын иһигэр төкүнүтэлээн-төкүнүтэлээн баран куолайын диэки анньан кэбиһэрэ. Ол кэннэ үс түүннээх күнү быһа түү мэҥкэрэ иһин курдук уу-чуумпуга, им-ньимҥэ сытан уоскуйбут, оттомурбут уолаттарын эмиэ аан дойдуга таһаартыыра.

Ини-биилэр биир саамай сөбүлүүр дьарыктара убайдара Уһун Дьурантаайы Суруксут дьылҕа суругун суруйарын көрүү этэ. Ытыс таһынар ыас хараҥа түүн, убайдара бачымах уот сулустар ортолоругар көстүбэт күлүк буолан олорон өр суруксуттуура. Хайа да бэйэлээх халбарыппат ньир хара аанын үөһээ үрүт сабыыта тыаһа суох арылларын кытта уот күлүм сулустар умуллан бараллара.

Ол дьарыктарын билэн этиллибэт Чып Кистэлэҥи кыра ыамайдарга иһитиннэрбит-биллэрбит диэн Дьылҕа Тойон үҥсүүтүнэн, убайдара улаханнык дьарыллан турар. Оттон ини-биилэри аҕалара ыҥырталаан ылан, сүүһүн аннынан көрөн сөҥөдүйэн олорбохтоот, ытыһын тилэҕинэн уу дьулайдарыттан имэрийэргэ дылы гыммыта да, кыра төбөттөр ханна да барбыттарын билбэккэ хаалбыттара. Онтон ыла ини-биилэр ол дьарыктарын тамты умнубуттара.

«Тыый-тыый» диир кыракый чыычаах сурах хоту кутталыттан сүрэҕэ быллыгыраабыт түгэнэ, ини-биилэр бууттарын этэ буһан, систэрин этэ ситэн дуулаҕатыйар саастарыгар буолбута үһү.

Үс дойду тирэҕэ буолан турар Улуу Кудук Мас аллараа өттүгэр иитиэхтэнэн сытар эриэн тыймыыт үөн, түүн үөһэ сыылан тахсан, үс дойду уу ньээкэ уйатын түгэҕэр баар үс салаалаах тымыр оту быһа ыстаан кэбиспит. Улуу Кудук Мас сүүнэ улахан сүҥ болотунан сискэ бэрдэрбиттии үөһээ үрдүк оройуттан сиҥкэн силиһигэр тиийэ силир гынан ылбыт. Онуоха айыллыбыт аан дойду бэркэ диэн нарыланан, чоруун бэйэлээхтик чочуллан турбут сааһыламмыт сааһыта, дьаарыстаммыт дьапталҕата сиик-сииктэринэн, хаттык-хаттыктарынан хайа барыахтыы аппас гына түспүт, кичэллээх бэйэлээхтик кэмнэнэн-кэмнэнэн кэриҥнэммит кээмэйэ кэлтэс гынан иҥнэйэргэ барбыт. Сырдыктаах хараҥа сырсыалаһан тахсан сирэй-сирэйдэринэн харсыһаат силлиһэн ылбыттар, түүннээх күнүс түннүктэрин сүтэрэн түҥнэритэ көтүспүттэр.

Ол кэмҥэ үрүт халлаан үөһээтигэр Айбыт Айыы соһуйан улаан уутун быыһынан «һоок!» диэн саҥа аллайар саҥата иһиллибит, иһин түгэҕиттэн эҥсэн сүр күүскэ дириҥ бэйэлээхтик эҕирис гынан ылбыт. Онуоха туран ыһылла сыспыт үс дойду оҥоһуута, тутуллубут торума Айбыт Айыы ытыһын иһигэр эмиэ орун-оннугар олоро түһэн саас-сааһынан, сиик-сиигинэн оройдуун тилэхтиин тэҥнэһэ түспүттэр.

Ити барыта чыпчылыйыах эрэ ыккардыгар буолбут. Ол эрээри ол кыл түгэнэ кэһиллибит кээмэйтэн, кэхтэн ылбыт ситэриттэн сир үрдүгэр иирээн идэмэрэ, кыдьык кыдьымаҕа диэн түспүтэ үһү. Дьэ ол онтон ыла айыллыбыт аан дойдуга оһол-моһол төрүөтэ, олох одурууна диэн баар буолбут. «Ону үүннүөх-тэһиинниэх, үрүҥ сүнньүн булларыах ини-биилэр бааллар», — диэн уоттаах харахтаахтар, иччилээх тыыннаахтар бары кинилэр диэки хайыспыттар.

Айбыт Айыы Тойон ол уурааҕы бигэргэтэн үүт аас бэйэлээх үллүктээх олбоҕун анныттан Чолбон сулус дьаралыгын күлүмүрдэппитинэн таһааран Орто Дойду уу дьулайын үрдүнэн бэчээт ууран дьэрэлиппит.

Көҥүл көччөх кыыннаах быһаҕы күөйэ тутан ылан бодоҕо-дьүһүҥҥэ бохсон, киэпкэ-киэлигэ уган бургучуйа сытар боччук иһигэр үс түүннээх күн устата үс үүдэһинин үүйэн, сэттэ ойбонун сэлээн, уу дьулайынан үрүҥ тыынын үрэн сирилэтэн үрүҥ хараҕын өрө көрдөрөн баран икки атаҕар туруору тардан кэбиспиттэр.

Үрүҥ Күн Хотун ийэтэ: «Оҕом кимтэн кииннээҕин, хантан хааннааҕын билэ сырыттын», — диэн көмүскэстээх көмүс көнтөһүн көҥдөй көхсүн иһигэр кистии анньан кэбиспит.
Хара суор биини хабан ылан сүүнэ бэйэлээх балталаах чыскынан эт-этин эллээн, кыралаан, кырбастаан, куолайын, кулгааҕын кумулаан-ньимилээн, күпсүйэр күөртээн, лүҥсүйэр дүҥүрдээн уһуйан-алкыйан баран: «Үс үйэттэн үс үйэҕэ түптүр үтүгэнигэр тиийэ үс дойдуну ситимниир Кистэлэҥ үөрэх домньута буол!» — диэт бэлэһигэр силлээбиттэр.
Сур бөрө инини сэттэ иһэгэйдээх ытыстаахтар кудумньулуу харбаан ылан: «Орто Дойду одурууннаах олоҕор, сырдык хараҥа бараммат хатыһыыларыгар, сыҥсыйыы табаҕынан муҥурдаммат, сыыры намыһаҕынан батыспат, тулхадыйбат Көҥүл Тыын дьөһүөлдьүтэ буол!» — диэн баран үөһээ үрүт дойду умуллубат уот кутаатыттан үһүйэн ылан сүрэхтээх быарыгар өрө мөҥүһүннэрбитинэн сирилэччи куппуттар.

Эргийэ турар ытык хараҕын ким аахпыта баарай. Сайыны ардаҕынан, кыһыны хаарынан билэн Орто Дойду олоҕо оҥоһуллубут оҥкулунан уста, сүүрүгүрэ турдаҕа. Төрүөбүт төннөр, тыллыбыт кэхтэр. Тохтообот эргиир эргийэ турар…

Үс ини-биилэр бу сиргэ кэлэн туохтан бэйэ-бэйэлэригэр иллэспэт гына утарыта буолбут төрүөттэрин кэпсээн биэриэх билигин суох.

Ол эрээри кинилэр хаһан эрэ биир ийэлээх, биир аҕалаах, биир тыллаах, биир айылгылаах эбиттэрин санатан ааһар аас ахтылҕан, хайа-хайаларын хайа эрэ хаттыгаһыгар хаайтаран сытан күн бүгүҥҥэ диэри арахпакка аалар эбит.

Ол да иһин сүүнэ улахан түү мэҥкэрэ иһин курдук түлүк түүн үөһэ туолбут ый дьэлтэйэ устан тахсыыта, сур бөрө бөртөлөөҕө үөһээ аҕа халлаан диэки хантайан олорон тугу эрэ сураан дуу, үҥсэргээн дуу онолуйа улуйар.

Хара суор аарымата хара тыалары, систэри кэрийэ көтө сылдьан булчут киһи ыырынан арахпакка батыһа барыҥнаан, көстө күлүҥнээн тугу эрэ ирдэһэн халаахтыы таҥсынар.

Онтон күн сырсыытын кулута буолбут икки атахтаах, иннинэн сирэйдээх киһи дэнээччи босхо бастаах аны киниэхэ күлүүстэммит кистэлэҥи таайа, билэ сатаан айар тыл имэҥин илбиһин эккирэтэр.

Арай соҕотох Чолбон сулус эрэ оччоттон-баччаҕа диэри уларыйан көрбөккө, Орто Туруу Дойду уу дьулайын үрдүнэн тулхадыйбат уот туоһу буолан умайа, күлүмнүү турар.

«Тыый-тыый» диир кыракый чыычаах истибитэ эрэ итиччэ…

Суоһааны.

+1
0
+1
0
+1
0
+1
0
+1
0
+1
0
+1
0