Индигиир үрдүгэр эйэлээх олоҕу түстээччилэргэ мемориал арылынна

Ааптар: 
09.05.2017
Бөлөххө киир:

Ыам ыйын 9 күнэ — Улуу Кыайыы… Өймөкөөн улууһун Уус Ньара бөһүөлэгэ. Күнүс 12 чаас.
Индигир өрүс үрдүгэр турар Кыайыы болуоссатыгар «Өлбөт үйэлээх полк» сэлэлии хаамыы кыттыылаахтара кэлэн тураллар. Ыытааччы: «Өймөкөөн улууһун, Уус Ньара олохтоохторо, ветераннар, ыалдьыттар, Кыайыы күнүгэр биһигини кытта «Өлбөт үйэлээх» полк кэлэн турар. Ол Аҕа дойду Улуу сэриитин хонуутугар охтубут биһиги хос-хос эһэлэрбит, эһэлэрбит, аҕаларбыт«, — диэн саҥарыыта олус уратытык уонна долгутуулаахтык иһилиннэ.
Кыайыы Знамятын Россия ис дьыалаҕа Өймөкөөн улууһунааҕы полиция старшай прапорщига Виктор Ганаев, Афганистаҥҥа бойобуой дьайыылар кыттыылааҕа, ветерана Зувар Газизулин, бойобуой сэрии ветерана, полиция полковнига Николай Томченко уонна «СССР» бөлөх художественнай салайааччыта, Афганистан ветераннарын сойууһун патриотическэй иитиигэ отдел начаалынньыга Александр Жадан көтөхтүлэр.
Улуу Кыайыы 72 сылыгар аналлаах миитин Өймөкөөн улууһун баһылыга Михаил Захаров тыл этиитинэн аһылынна.

Левитан ураты куолаһа сэрии саҕаламмытын туһунан этэрэ иһилиннэ. Ити түгэнтэн бэрт аҕыйах чааһынан Россия бары муннуктарыттан Сэбиэскэй сойуус кэккэтин хаҥатыы саҕаламмыта. Аҕа дойдуну Саха сириттэн 63 тыһ. саха көмүскээбитэ, 40 тыһ. Саха сирин хорсун уолаттара сэрии хонуутугар охтубуттара. Өймөкөөн улууһа итинтэн туора турбатаҕа. Хоту дойду хорсун дьоно кыайыы иһин туох баарынан көмөлөспүттэрэ.
Уоттаах сэрииттэн эргиллибэтэхтэр, эйэлээх олох иһин турууласпыттар сырдык тыыннарыгар сүгүрүйэн, Чечня, Абхазия, Хотугу Осетия уоттаах «туочукаларыгар» сылдьыбыт аатырбыт «СССР» байыаннай-патриотическэй бөлөх «За себя и за того парня» или «О героях былых времен» ырыаны ис сүрэхтэриттэн ыллаатылар.


Салгыы Өймөкөөн улууһун историятыгар эмиэ көмүс буукубанан суруллар ураты событие саҕаланан эрэр. Санатар буоллахха, Улуу Кыайыы үбүлүөйдээх 70 сылыгар аналлаах пааматынньык аһыллыбыта.

Бүгүн Халыма трассатын хабайар хаба ортотугар эмиэ Индигиир өрүс үрдүгэр байыаннай дьайыыларга кыттыбыт анал подразделениелар, анал сулууспалар сотрудниктарыгар, бойобуой дьайыыларга олохторун толук уурбуттарга, билигин бойобуой поска сылдьар уонна түүрэйдээһини утары охсуһан эйэлээх олоҕу түстээччилэргэ анаан мемориалы аһыы саҕаланна. Санатар буоллахха, бу ураты пааматынньык «Хангалас» көмүһү хостуур хампаанньа үбүлээһилинэн уонна «Янтарь» хампаанньа салайааччыта Александр Карась быһаччы көҕүлээһининэн оҥоһуллан турда. Мемориалы аһыыга СӨ быраабыталыстыбатын бэрэссэдээтэлин солбуйааччы Алексей Колодезников, Өймөкөөнулууһун баһылыга Михаил Захаров уонна «Хангалас» көмүс рудатын хампаанньа тэрийээччитэ Александр Карась кытыннылар. Үһүөн биир тэҥник хааман киирэн, мемориалы бүрүйэн турар маҥан таҥаһы уһулбуттарыгар, дьон-сэргэ үөрэн, Ураа хаһыытастылар, бэргэһэлэрин өрүтэ быраҕаттаатылар. Ону кытта бойобуой дьайыыларга тыыннарын толук уурбуттары чиэстиир бойобуой салют төлүтэ биэртэлээтэ.

Александр ТАРАСОВ, «Саха сирэ» хаһыат, edersaas.ru

+1
0
+1
0
+1
0
+1
0
+1
0
+1
0
+1
0