Индигиир иистэнньэҥ кыыһа Ньургуйаана

Ааптар: 
20.04.2021
Бөлөххө киир:

Муома улууһун Индигиир нэһилиэгиттэн төрүттээх эдэркээн Ньургуйаана Аргунова 2017 сыллаахха Намнааҕы педагогическай кэллиэһи ситиһиилээхтик бүтэрэн баран Таатта улууһугар кийиит буолан сүктэн кэлбитэ. Ытык Күөл сэлиэнньэтигэр эдэр ыал олохсуйардыы оҥостон дьиэ-уот туттубуттара, кыыс оҕоломмуттара.

ЭБЭБИТТЭН БЭРИЛЛИБИТ ТАЛААН

Биһиги төрүппүтүгэр-ууспутугар иискэ сыһыаннаах дьоннортон аҕам ийэтэ Акулина Федотовна Слепцова түүлээҕи тигэрин өйдүүбүн. Оччотооҕу хоту улуус дьахталлара бары да иистэнэр, барыны бары сатыыр этилэрэ. Мин биэс оҕолоох ыал саамай кыра, мурун бүөтэ кыыстарабын. Оҕо сааһым Муомаҕа олус дьоллоохтук ааспыта. Эбэбин көрө сылдьан арай кыл өрөргө үөрэммитим. Тоҕо эрэ түүлээҕи тигэргэ үөрэммэтэхпин. Ол да буоллар, оҕо сааспыттан иис эйгэтигэр сыстаҕас этим. Арай иистэнэр массыынам эҥин суох буолан, бэргэһэ, үтүлүк баайарбын астынарым. Улааттахпына модельер буолуом дии саныырым.

Дойдубар, Муомабар барбатаҕым наһаа ыраатта. Дьоммун-сэргэбин, дойдубун ахтабын аҕай. Дойду ахтылҕана күүстээҕин бу атын сиргэ олохсуйан баран биллим.

Оскуоланы бүтэрэн баран Намнааҕы педагогическай кэллиэскэ үөрэнэ киирбитим. Эбии үөрэхтээһин педагога идэтин ылбытым. Маны таһынан, эбии иистэнньэҥ-таҥас быһааччы идэтигэр Зинаида Поноховаҕа, Туйаара Павловаҕа үөрэммитим.

ИИСТЭНЭР МАССЫЫНАМ ХОРУОПКАТЫТТАН ХОСТОММОККО ТУРБУТА…

Иискэ бастакы холонуум диэн, кэллиэскэ үөрэнэ сылдьан халадаай былаачыйа тикпитим. Онтум, бу санаатахха, сыыһата-халтыта элбэх эбит. Бастаан иистэнэр массыынаны сатаабакка, иис миэнэ буолбатах дии саныырым. Наар сыыһа тигэн, тикпит таҥаспын көтүр да көтүр буоларым. 19 саастаахпар дьонум иистэнэр массыына бэлэхтээбиттэрэ. Онтукабын хоруопкатыттан да хостообокко ту­­руорбутум. Олох хаһан да умсугу­йан туран иистэниэм дии са­­наабат этим. Онтон арай биирдэ сайын былаачыйа тиктэрим дуу диэн санаа киирбитэ. Тута таҥас ылан, быһан-отон тигэн кэбиспитим. Санаабар, наһаа табыллыбыта. Ону көрөн дьүөгэлэрим хайҕаан, аны кинилэргэ тигэрбэр соруһан барбыттара. Аан бастаан харчыга сакааска оҕо таҥаһын тикпитим. Сакаастаабыт дьонум наһаа астыммыттара. Онон киһи са­­таабатаҕа суох диэн түмүккэ кэлбитим. Дьон сатыырын ама киһи хайдах сатыа суоҕай?

Үөрэхпэр дипломнай үлэбин Татьяна Омина салалтатынан Августина Филипповаҕа биэс сыанаҕа туттарбытым. Үөрэхпин бүтэрэн баран кэргэним дойдутугар Тааттаҕа олохсуйардыы кэлбитим. Ол сыл «Айталыына» диэн ательеҕа үлэҕэ киирбитим. Дьэ, бу ательеҕа үлэлээн, иис-күүс ымпыгын-чымпыгын сиһилии билбитим, уопутурбутум.

КИҺИ САЙДАН ИҺИЭХТЭЭХ

2017 cыллаахха кыыстаммыппыт. Ити олорор кэммэр оҕобор анаан кыралаан таҥас тигэрим. Дьиэм түннүктэригэр сабыы эҥин тигэн боруобалаабытым. 2019 сыллаахха социальнай хантараак туһунан истэн, олус сэргээбитим. Онтон биисинэс-былаан суруйан көмүскээн, 184 тыһыынча суумаҕа тиксэн наһаа да үөрбүтүм. Бу бэйэ дьыалатын саҕалыан баҕарар дьоҥҥо улахан көмө дии саныыбын. Дьэ, ол тиксэн баран, туох баар наадалаах малбын барытын ылыммытым. Ол курдук хас да көрүҥ иистэнэр массыына, оверлок, таҥас быһарга-оторго аналлаах остуол, принтер, манекен о.д.а ылан, иистэнэр сыаҕым толору буола түспүтэ. Иистэнэр киһиэхэ туттар тэрилэ саамай сүрүн миэстэни ылар. Бастаан наар оҕолорго анаан тигэр этим. Араас куонкурустарга эҥин са­­халыы таҥастары тигэргэ са­­каас ­ылааччыбын. Ол кэнниттэн улахан тэрилтэлэртэн кэлэктиибинэй сакаастары ылар буолбутум.

Киһи уопутурдаҕына, хараҕынан да көрөн кырыйар, быһар-отор буолар эбит. Билигин тигэр хаачыстыбабын өссө тупсаран үлэлииргэ кыһаллабын. Эн тикпит таҥаскын дьон кэтэ сылдьарын көрөн санааҥ көтөҕүллэр, айыах-тутуох санааҥ киирэр. Бастаан дьиэбэр сыах тэринэн иистэнэрим. Онтон Алена уонна Мария диэн иистэнньэҥ кыргыттары кытта кыттыһан, үһүөн Ытык Күөлгэ бу соторутааҕыта иистэнэр мастарыскыай ­арыйдыбыт. Билигин сыахпыт дьиэтин куортам­наан олоро­бут. Аленалыын иккиэн социальнай хантараак ылаары уочаракка олорон билсибиппит. Оттон Мариялыын бу сыахпытын ары­йаары сылдьан билсибитим. Алена иистэммитэ ырааппыт буолан, элбэххэ үөрэтэр, уопутуттан үллэстэр.

Билигин сакаас тохтоло суох киирэр. Үксүн ансаамбылларга, араас куонкурустарга, тэрээһиннэргэ кыттар оҕолорго, улахан дьоҥҥо тигэбит. Үһүөн кыттыһаммыт, иистэнэр, туттар тэрилбит үс төгүл элбээн, ньиргиччи үлэлии олоробут. Инникитин былаан элбэх. Сакааска тигэрбит таһынан, аны ус­­пуорка аналлаах таҥастары, дьиэҕэ кэтиллэр таҥастары тигэн таһаарыахпыт диэн бы­­лаанныыбыт. Киһи сөбүлүүр дьарыга сэниэ биэрэр, санааны көтөҕөр эбит. Ол да иһин муударай этии баар «Сөбүлүүр дьыалаҕынан дьарыктаннаххына, биир да күн үлэлиэҥ суоҕа» диэн. Былааммытын олоххо киллэрэр туһугар тохтообокко үлэлиэххэ эрэ наада.

Ульяна Захарова.

+1
0
+1
0
+1
0
+1
0
+1
0
+1
0
+1
0