Инбэлииттэринэн биэнсийэ ылар дьон болдьохторо 2022 сыл кулун тутар 1 күнүгэр диэри уһатылынна

Бөлөххө киир:

Биэнсийэ  пуондатын Саха сиринээҕи салаата иһитиннэрэринэн, кэлиҥҥи кэмҥэ доруобуйаларынан инбэлиит буолан,  биэнсийэ төлөбүрүн ылааччылартан биэнсийэлэрин болдьоҕун хайдах уһаталларын туһунан ыйытыы үгүстүк киирэр буолбут.

Бу боппуруоска тустаах биэдэмистибэ  дойду үрдүнэн  эпидемиологическай балаһыанньа уустугунан сибээстээн,   инбэлииттэринэн биэнсийэ ылар дьон  болдьохторо 2022 сыл кулун тутар 1 күнүгэр диэри   ханнык да сайабылыанньата  суох уһатылларын туһунан иһитиннэрдэ. Ол аата тустаах киһи  мэдиссиинискэй-социальнай экспертизаттан (МСЭ) инбэлииттээҕин туоһулуур докумуону аҕалбат.  Тустаах биэнсийэ төлөбүрдэрэ алта ыйга диэри уһатыллан биэрэллэр.

Аны туран, инбэлииккэ аан бастакытын турааччылар  мэдиссиинискэй-социальнай экспертизаҕа эмиэ тиийбэттэр.   Биэнсийэ пуондатын исписэлиистэрэ тустаах биэдэмистибэттэн  иһитиннэриини тутан баран, киһиэхэ бэйэтигэр эрийэн тахсан,  социальнай төлөбүрү  ыларга аналлаах сайабылыанньаны ханна ыытарын, биэнсийэ хайдах-туох тиэрдиллэрин быһааран биэриэхтэрэ.

+1
0
+1
0
+1
0
+1
0
+1
0
+1
0
+1
0