Инбэлиит ийэҕэ дьиэ тутан биэриэхтэрэ

Бөлөххө киир:

Саха Өрөспүүбүлүкэтин Аҕаларын II сийиэстэрин көрсө олунньу, кулун тутар ыйдарга улуустарга дэлэгээттэри талыы, бэлэмнэнии үлэтэ ыытылла турар. Өрөспүүбүлүкэ үрдүнэн хас да нэһилиэккэ 2017 сылы Аҕа сылынан биллэрэн, чопчу сыалы-соругу ситиһэллэр.

Ангелина ВАСИЛЬЕВА, «Саха сирэ» хаһыат, https://edersaas.ru/


Горнай улууһун Маҥаны нэһилиэгэ өрөспүүбүлүкэҕэ бастакынан Аҕа сылын биллэрбитэ. Нэһилиэккэ “Аартык” аҕа түмсүүтэ сүүрбэччэ сыл устата аҕа оруолун үрдэтэргэ элбэх үлэни ыытар. Бу хаартыскаҕа көстөр Ариан Александров уолаттарын кытта өрөспүүбүлүкэтээҕи Аҕа күрэҕэр кыттан миэстэлэспиттэрэ.
Олунньу 17 күнүгэр Орто Сурт сэлиэнньэтигэр “Нэһилиэк уопсастыбаннай олоҕор аҕа оруола” диэн улуустааҕы кэмпириэнсийэ ыытыллыбыта. Манна нэһилиэктэртэн аҕа түмсүүлэрэ бары мустан уопут атастаспыттара, инники ситимнээх үлэни торумнаспыттара. Барыта 80-тан тахса эр киһи кыттыбыта. Амма улууһун Бөтүҥ нэһилиэгин “БААТ” түмсүү сэбиэтин бэрэссэдээтэлэ Степан Нестеров үлэтин-хамнаһын туһунан киэҥ экраҥҥа көрдөрө-көрдөрө кэпсээбитин, аҕалар бэркэ сэргии истибиттэрэ. Ону тэҥэ, бэйэлэрэ бырайыак оҥорорго холоммуттара. Холобур, «Умное поместье» бырайыакка биир ыал үс көлүөнэ эр дьоно: эһэлэрэ, аҕалара, уоллара бултуур, сынньанар базаны тэрийэргэ этии киллэрбиттэрэ. Манна кинилэр бултуу, спордунан дьарыктана, үлэлии да кэлиэхтэрин сөп.
Кыттааччылар уол оҕону иитиигэ болҕомтолорун уурбуттарын бэлиэтиэххэ сөп. Холобур, аҥаардас ийэлэр уолаттарын иитиигэ көмөлөһөр бырайыак биһирэммитэ. Ону тэҥэ улаатан эрэр уолаттары интэриэстэринэн көрөн үөрэтэр, дьарыктыыр былаһааккалары тэрийэргэ этии киирбитэ.
Горнай улууһун Аҕа сүбэтин бэрэссэдээтэлэ Владимир Спиридонов этэринэн, аҕа уопсастыбаннай олоххо хайаан да кыттыахтаах. Кини дьиэ кэргэн эрэллээх эркинэ, бигэ тирэҕэ буоларын таһынан, нэһилиэк, уопсастыба кыһалҕаларын быһаарыыга эмиэ оруоллаах буолуохтаах, туора туруо суохтаах.

Быйыл Маҥаны нэһилиэгин “Аартык” түмсүүтүн аҕалара инбэлиит, аҥаардас ийэ дьиэтэ умайбытыгар көмөлөһөн, дьиэ тутан биэрэр былааннаахтар.

Кинилэр бэйэлэрин күүстэринэн сэлиэнньэҕэ оҕо оонньуур былаһааккатын туппуттара. Мантан саас сыыртан сырылаан, хаар-муус оҥоһуктарга оонньоон, оҕо-аймах саҥата, күлүүтэ биир кэм чаҕааран олороро истиэххэ үчүгэйэ бэрт!

Кырдьык да, оҕо доруобуйатын, сибиэһэй салгыҥҥа сылдьан оонньуурун-көрүлүүрүн  туһугар аҕа кыһамматаҕына, ким кыһаллыай?

Олунньу, кулун тутар ыйдарга улуустарга сийиэскэ бэлэмнэнэр, дэлэгээттэри талар сугулааннар ыытылла тураллар.
Соторутааҕыта Чурапчыга улуус баһылыга Андрей Ноговицын кыттыылаах аҕалар сүбэлэрин кэмпириэнсийэтэ ыытыллыбыта. Аҕа дойдуну көмүскээччилэр күннэригэр көхтөөх аҕалар «Поющее братство мужчин» тэрээһини ыыппыттара. Манна эр дьон түмсэн ыллаан ньиргиппиттэрэ көрүөххэ олус үчүгэй этэ.

Кырдьык да, эр киһи туруннаҕына, ылыстаҕына, тугу барытын кыайар, олоҕу хамсатар!

Ангелина ВАСИЛЬЕВА, «Саха сирэ» хаһыат, https://edersaas.ru/

+1
0
+1
0
+1
0
+1
0
+1
0
+1
0
+1
0