Инаглинскайдааҕы таас чоҕу хостуур шахта бастакы уочарата үлэҕэ киирдэ
Бүгүн Нерюнгрига Инаглинскайдааҕы таас чоҕу хостуур шахта бастакы уочарата үөрүүлээх быһыыга-майгыга арылынна.
«Колмар» хампаанньа таас чоҕу хостуур уонна оҥорон таһаарар тутуулара бүгүн, балаҕан ыйын 10 күнүгэр, үлэҕэ киирдилэр. Манна шахтаны сэргэ фабрика арылынна. Бу саҥа эбийиэк сылга алта туонна чоҕу оҥорор таһаарар кыахтаах.
Үөрүүлээх тэрээһиҥҥэ Саха Өрөспүүбүлүкэтин Ил Дархана Айсен Николаев кыттыыны ылла. Кини эбийиэктэр үлэҕэ киириилэрин Нерюнгри, Саха сирин эрэ буолбакка, бүтүн дойдубут устуоруйатыгар хаалар бэлиэ күн буоларын эттэ.
«Бу Соҕурууҥҥу Саха сирин олохтоохторун, «Колмар» хампаанньа үлэһиттэрин хорсун быһыылара буолар. Мин Сергей Евгеньевич «Колмары» салайа сылдьан бу бырайыак туһунан кэпсээбитин өйдүүбүн. Оччолорго үгүс киһи ону фантастика дии санаабыт буолуохтаах, тоҕо диэтэххэ кэккэ биричиинэлэринэн Нерюнгри уонна Чульман инникитэ дьиксиннэрэр дьылҕалаах этэ. Ол баҕа санааны бэрэсидьиэммит Владимир Путин, Уһук Илиҥҥэ РФ бэрэсидьиэнин боломуочуйалаах бэрэстэбиитэлэ Юрий Трутнев өйөөннөр, олоххо киирдэ», — диэн Айсен Николаев бэлиэтээтэ.
Маны сэргэ Ил Дархан бу бырайыагы кытта өссө бөдөҥ, дьоһун, кыахтаах, Саха сирин уонна Арассыыйа экэниэмикэтин инникигэ хамсатар бырайыактар баар буолалларыгар эрэнэрин эттэ.
Кемеровскай уобалас губернатора Сергей Цивилев өрөспүүбүлүкэҕэ уонна СӨ бырабыыталыстыбатыгар «Колмар» бырайыактара олоххо киирэллэрин өйөөбүтүн иһин махтанна.
РФ Энергетикэҕэ миниистирин Александр Новак аатыттан Таас чох уонна торф бырамыысыланнаһын департаменын начаалынньыга Сергей Мочальников эҕэрдэлээтэ. Кини маннык улахан оҥорон таһаарыынан дьарыктанар тутуу Саха сиригэр сап саҕатыттан саҕаланан олоххо киирбитин дьоруойдуу быһыыга холоото. «Кылгас кэм иһигэр уустук эбийиэктэри арыйыы «Колмар» хампаанньа идэтийбитин уонна биир сомоҕо хамаандалааҕын туоһулуур» , —диэн Мочальников бэлиэтээн эттэ.
Коронавирус пандемиятынан тахсыбыт уустук экэнэмиичэскэй быһыыны-майгыны тумнан, «Колмар» инникилээх тутууну ыытар, үлэ миэстэтин таһаарар, оҥорон таһаарыытын элбэтэр.
Инаглинскайдааҕы таас чоҕу хостуур шахта уонна «Инаглинскайдааҕы» иккис фабрика арыллыылара Арассыыйа таас чоҕу оҥорон таһаарыыга уонна экспорка аан дойду үрдүнэн холкутук үс бастыҥ лиидэргэ тахсарын ситиһиэҕэ.
Билигин шахтаҕа 645 үлэһит баар. Шахта иккис уочарата үлэҕэ киирдэҕинэ, манна 1900-чэ киһи үлэлиир кыахтаныаҕа.
Шахта уонна фабрика промбылаһааккалара холбуу турар. Бу ньыма шахтаттан фабрикаҕа чоҕу тиэрдиигэ ороскуоту кыччатыаҕа. Саҥа фабрикаҕа металлургияҕа сыаналаах матырыйааллары, ол эбэтэр чох эриэккэс мааркаларын байытытыы үлэтэ күүскэ ыытыллыаҕа. Манна хостоммут уонна оҥоһуллубут чох Арассыыйаҕа уонна Азия-Чуумпу Акыйаан эрэгийиэннэригэр атыыланыаҕа.
Санатан суруйдахха, «Колмар» хампаанньа Нерюнгрига Инаглинскайдааҕы уонна Денисовскайдааҕы таас чохтоох комплекстары бас билэр. Манна баар чох саппааһа 1 миллиард туоннаны аһарар.
edersaas.ru
Андрей Сорокин хаартыскалара.