Имэҥирдэр идэлэр

18.11.2016
Бөлөххө киир:

1420601218_1374486534«Зачеткаҕын аҕал эрэ»

Эксээмэн туттарар киһиҥ – олус кытаанах, ол гынан баран, кырдьыксыт уонна саастаах доцент. Оттон эн төгүрүк ачыкылаах, аа-дьуо сылдьар туйгун устудьуонкаҕын эбэтэр, төттөрүтүн, борогууллуургун сөбүлүүгүн.

Эн кини билиитин-көрүүтүн, эҕэлээх этиитин уонна муҥура суох тулуурун сөҕөҕүн. Тоҕо диэтэххэ, күн аайы төһөлөөх элбэх устудьуонка кини диэки эрэммит хараҕын хатыырый? Преподавателлэр уонна устудьуоннар икки ардыларыгар үөскүүр арамааннар сэдэх көстүүлэргэ киирбэттэр. Преподаватель – устудьуонкалар эротическай фантазияларын эбийиэгэ.

Манна эмиэ былаас дьонун кытта оонньоһуу көстөр: кини эн үөрэнэргин билэр, кини сорудах биэрэр – эн толороҕун, кини ыйытар – эн сөптөөх хоруйу толкуйдуу сатаан эрэйи көрөҕүн, кини туттуна соҕус хайгыыр – эн кыбыстаҕын уонна сирэйдиин-харахтыын сырдыы түһэҕин. Оттон мөҕөр буоллаҕына – сиргэ тимирэргэ, сөптөөх накаастабылы ылынарга уонна түргэнник көннөрүнэ охсорго бэлэмҥин.

Бу эротическай баҕа санаа биир сүрүн атрибутунан кистэлэҥҥэ тутуу күүһэ буолар. Биллэн турар, преподаватели кытта арамааны ыһа-тоҕо кэпсээбэккэ, кистэлгэ тутуллуохтааҕа өйдөнөр. Тоҕо диэтэххэ, хайаҕыт да аатын-суолун хараардыаххытын сөп. Эксээмэн кэмигэр адреналин мустарын, «минньигэс» кутталы өссө төгүл билэр хайдах курдук үчүгэйий? Ол быыһыгар атын дьон көрбөтүгэр кини диэки таайтарыылаах хараххынан көрүөххүн, ураты мичээри бэлэхтиэххин, кини онтон астынан дьиктитик көрөн ааһыаҕын хараххар оҥорон көрөҕүн.

so-otohsujuu-1

«Быраапкын көрдөр»

Үгүс дьахтар кимиэхэ эрэ бас бэринэрин сөбүлүүр. Буолаары буолан, былаас бэрэстэбиитэлигэр. Холобур, көбүс-көнө уҥуохтаах, сабыс-саҥа формалаах суол быраабылатын көрөр полиция – эдэр кыргыттар түһээн көрөр дьоруойдара эбит.

Кинилэр баҕа санаалара да судургу: эн быраабыланы кэһэҕин, оччоҕо кини эйигин тутарыгар тиийэр, эн кэмсинэҕин даҕаны кини ону ылыммат. Эн бэйэҥ буруйгун боруостуурга бэлэмҥин, ол эрээри, кини халбаҥныыр санаата суох. Оччоҕо: «Суол быраабылатын аны кэһиэм суоҕа», – диэн эрэннэрэргин умнума. Бу полицияҕын иккистээн-үһүстээн көрсөртөн адреналины икки төгүл күүскэ ылаҕын: алҕаһы оҥорбуккуттан долгуйаргыттан уонна алҕаһыҥ иһин төлүүргэ күһэллэргиттэн. Кинини иккистээн-үһүстээн көрүстэххинэ, бу сырыыга сирэйиҥ кытарбытын уонна мичээр бэлэхтээбиккин бэйэҥ да билбэккэ хаалыаҥ.

«Айаххын ат»

so-otohsujuu

Тыһыынчанан ахсааннаах дьахтар саныырынан, быраас идэтэ олус сексуальнай идэ. Чахчыта да, быраас кэбиниэтигэр киирэн, кини хамаандатынан сыгынньахтанаҕын, тылгын көрдөрөҕүн уонна эйигин тутарын-хабарын көҥүллүүргэр тиийэҕин, быһата, бас бэринэҕин. Ол туран, ханнык эрэ эротическай киинэни саныы биэрэн, туймааран ылыаххын сөп. Быраас салгыы эйигин көрүө-истиэ дуу, сиэстэрэтигэр салайыа дуу? Эбэтэр сыгынньах эр киһи көрдөрө киирдэҕинэ, кистэнэ сылдьыбыт имэҥин уһуктар. Ол таабырыныгар ылларан, үөһээ халлааҥҥа дайан ыллаххына да көҥүлүҥ.

Сылаанньыйа СЫЛЛЫЫРАБА.

+1
0
+1
0
+1
0
+1
0
+1
0
+1
0
+1
0