Ырыа кутун иҥэриммит, дьоҥҥо нарын иэйиини уһугуннарар иһирэх куоластаах ырыаһыт — СӨ үтүөлээх артыыһа, “Туймаада” судаарыстыбаннай ансаамбыл солиһа Илья Николаев — бүгүн эрэдээксийэ ыалдьыта.
Ийэлээх аҕата.
— Ыллыыр дьоҕур ийэбиттэн бэриллибит дии саныыбын. Кыра эрдэхпиттэн ийэм ыллыырын истээччибин. Бобиналаах магнитофоҥҥа ырыаларын устар этэ. Кини Бүлүү педучилищетыгар үөрэнэ сылдьан, ырыаһытынан биллибитэ, оннооҕор Күөрэгэй диэн ааттаабыттар этэ. Таайдарым эмиэ бары ыллыыллар. Кинилэр киэҥник биллэр меценат Боһууттан төрүттээхтэр. Оттон аҕам баритон куоластаах этэ. Кини өттүттэн олоҥхоһут, тойуксуттар бааллар.
Бииргэ төрөөбүттэр сэттиэбит, мин улаханнарабын. Оскуоланы бүтэрэрбэр аҕам күн сириттэн күрэммитэ. Онон ийэм Людмила Николаевна сүрдээх кырыымчык, ыарахан кэмҥэ барыбытын үөрэттэрэн, атахпытыгар туруортаабыта. Кини билигин да ыллыыр, үҥкүүлүүр, дойдутугар эбээлэр ансаамбылларын салайааччытын көмөлөһөөччүтэ. Алтынньы 17 күнүгэр буолуохтаах кэнсиэрбэр ийэбин кытары дуэтынан ыллыахтаахпыт. Ону тэҥэ балтым олус үчүгэйдик ыллыыр эрээри, билиҥҥитэ оҕолонон, дьиэ хаһаайката буолан олорор.
«Туой Хайаттан» саҕаламмыта
— Ырыаһыт буоларга бастакы хардыыларыҥ?.
— Муусукаҕа аан бастаан учууталым Николай Орлов уһуйбута. “Дуораанчык” диэн фольклорнай ансаамбыл баара. Атын оройуоннарынан, нэһилиэктэринэн элбэхтик гостуруоллуурбут. Өрөспүүбүлүкэтээҕи куонкурустарга кыттарбыт, кыайарбыт. Оскуоланы бүтэрэрбэр гитара муодата кэлэн, бэйэм үөрэммитим. Ол саҕана “Эдэр саас” хаһыат күннэрэ Бүлүү бөлөх улуустарынан ньиргийэн ааспыттара. Онно Михаил Семенов ырыаларын истэн, сөбүлээн, кыһаллан үөрэппитим.
СПТУ-га киирэн баран, кэнсиэртэргэ ыллыыр этим. Ити кэннэ санаам уларыйан, идэбин ырыаны кытары ситимнииргэ санаммытым. Онон 1996 с. култуура колледжыгар, сатаабат да эрээри, баян салаатыгар туттарсан киирбитим. Онно олус үчүгэй учууталлар үөрэппиттэрэ.
Учууталым Анна Скрыбыкина “Күһүҥҥү серенада” диэн ырыаны үөрэппитэ. Танго тэтиминэн фонограмма оҥорторбуппут. Онтон бу ырыаны уонна Егор Неустроев “Сааскы үөрүү” ырыатын ыллаан, “Туой Хайа” куонкуруска 1-кы лауреат буолбутум.
— Ол онтон саҕаланнаҕа?
— Колледжка үөрэнэ сылдьан ыал буолан, оҕоломмуппут. Бу кэмҥэ Опера, балет тыйаатырын хоругар 3 ый үлэлээбиттээхпин. Бу кылгас кэм иһигэр “Ньургун Боотур”, “Царская невеста” операҕа кыттыбытым. Аркадий Алексеев “Туой Хайаҕа” ыллыырбын тэлэбиисэринэн көрбүт этэ. Онон кэпсэтэн баран, бөлөҕөр ыҥырда, мин үөрүүнэн сөбүлэстим. Тута Бүлүү бөлөх улуустарынан гостуруоллуу бардыбыт. Кини бөлөҕөр Раиса Захарова, Алексей Павлов, Егоровтар, Валентина Якимец курдук улахан артыыстар бааллара. Дьэ, кинилэр сыанаҕа хайдах туттан-хаптан ыллыылларын, куоластарын хайыталларын сыыска түһэрбэккэ, кулиса кэнниттэн кэтээн көрөрүм. Кинилэрдиин биир сыанаҕа ыллыыр диэн эдэр киһиэхэ чиэс, улахан оскуола буоллаҕа. Элбэххэ үөрэммитим. Онон ити күндүтүк саныыр кэмим.
Кэлин Аркадий Алексеев бөлөҕөр Галина Шахурдина, Герман Степанов, Сахаайа, Александр Бурнашов, Сардаана Слободчикова, Иван Румянцев буолан, элбэх гостуруолларга сылдьыбыппыт, кэнсиэртэргэ кыттарбыт, олус интэриэһинэй этэ. Иккилии ыйынан биир да дэриэбинэни көтүппэккэ, гостуруоллуурбут. Өрүһү паромунан туораан баран, мууһа турбутун кэннэ кэлэр түгэннэрбит бааллара.
2001 с. Светлана Иванова “Туймаада” ансаамбылга ыҥырбыта.
“Туймаада” кынат анньан көтүппүтэ
— Дьэ, 17 сыл халбаҥнаабакка, биир сиргэ үлэлээн кэллиҥ. “Туймаада” эн олоххор суолтата?
— Оҕо эрдэхпиттэн артыыс буолар баҕа санаабын толорбут, урут санаам тиийбэт элбэх сири-дойдуну көрдөрбүт, үтүмэн дьоннуун билиһиннэрбит, Киһи, Ырыаһыт быһыытынан сайыннарбыт кэлэктиибим олохпор улахан суолталаах. Сөбүлүүр идэм, дьарыгым, үлэм, олоҕум барыта — “Туймаадалыын” ситимнээх.
2007-2013 сс. “Туймааданы” кытары РФ норуодунай артыыһа Надежда Бабкина бырайыагынан, “Песни России” бэстибээлгэ 18 региоҥҥа, 120 куоракка ыллаабыппыт. Онно сылдьан, биһиги ырыаларбытын дьон-сэргэ сэҥээрэр эбит диэн билбиппит. Тиийэ да иликпититтэн, билэн, кэтэһэн олорор буолаллара, овация, интервью бөҕөтө. Аан дойду үрдүнэн саха ыллыыр искусствотын элбэх дойдуга билиһиннэрдэхпит. Элбэх куонкурустарга кыттыбыппыт, кыайбыппыт.
“Ыллаабатах күнүм суох”
— Саамай үчүгэй көрөөччү ханна баарый?
— Саха сиригэр. Ханна да тиийдэрбит, саха көрөөччүтэ наһаа үчүгэйдик, сылаастык көрсөр. Репертуарбытыгар нууччалыы, омуктуу ырыалар баар буолан, нуучча публиката эмиэ сэҥээрэр.
Дьоҥҥо, омугуттан тутулуга суох, ырыа нөҥүө сырдык эниэргийэни, истиҥтэн истиҥ иэйиини, дууһа кылларын таарыйар нарынтан нарын тыллары тиэрдэр аналлаахпыт. Ырыа ханнык баҕарар киһини таарыйар, дууһатын байытар, санаатын көтөҕөр. Киһи син биир хаһан эрэ ырыаҕа, кини күүһүгэр наадыйан кэлэр. Ырыа нөҥүө дууһалар кэпсэтэллэр диэххэ сөп. Дууһа эмиэ “аһылыкка” наадыйар буоллаҕа. Ырыа дууһаны эмтиир диэтэххэ, сыыһа буолбат. Көрөөччү эниэргийэтин тута билэҕин – сэҥээрэр буоллаҕына, ырыаһыт ордук арыллар, астынар, эниэргийэтин биэрэр.
Ыллаабакка эрэ сатаан сылдьыбаппын. Ыллаабатах күнүм диэн суох. Улаханнык буолбатаҕына, уоһум иһигэр ыллыы сылдьабын. Муусука, ырыа өйбөр бэйэтэ киирэн кэлэр. Оттон айылҕаҕа сылдьан улаханнык ыллыы сатаабаппын. Сир-дойду барыта иччилээх, “кулгаахтаах” диэни итэҕэйэбин.
— Саха эр киһитин сиэринэн, бултуургун сөбүлүүрүҥ буолуо?
— Булт диэн баран, муннукка ытаабыт киһи буолбатахпын эрээри, бултуурбун, айылҕаҕа сынньанарбын сөбүлүүбүн. Саас, күһүн “Туймаада” уолаттара Амма Абаҕатыгар кустуу тахсааччыбыт, онно табаарыстардаахпыт. Захаровтар диэн аймах мустан, оҕолуун-кырдьаҕастыын бииргэ сылдьар астык буолааччы. Айылҕаҕа сылдьан киһи күүс-уох эбинэр.
Надежда Бабкинаны кытта.
Музыка абылыыр күүһэ
— Биирдэ Москваттан хомуллан, Францияҕа оптуобуһунан айаннаатыбыт. Нууччалар бастаан тоҥуй соҕустук сыһыаннаһаллара. Онтон тиийэн, ыллаан-туойан барбыппытыгар, омуктар “вы –ангелы” дии-дии кыргыттарбытын сырса сылдьаллар. Оннооҕор бэргэһэлэнэллэригэр храмҥа илдьэн ыллаппыттара. Нууччаларбыт сыһыаннара уларыйан хаалла.
Онно элбэх омук музыканнарын кытары билсибиппит. Киэһэ аайы Парагвай музыканнарын кытары террасаҕа олорон оонньуур, ыллыыр этибит. Ол аайы атыттар кэлэн, кыттыһан истилэр. Оо, наһаа да истиҥ эйгэ, күүстээх эниэргийэ, аан дойду араас тылынан кэрэ да ырыалар!.. Музыка күүһэ диэни онно билбитим. Тылбытынан өйдөспөт эрээри, бары биир өйдөһөр тыллаах этибит – музыка, ырыа нөҥүө. Бүтэһик гала-кэнсиэргэ “Полет кондора” диэн испанскай ырыаны үөрэтэн, Чили, Парагвай музыканнарын тыыннаах доҕуһуолунан ыллаабыппыт, кэриэйдэр үҥкүүлээбиттэрэ. Ол кэнсиэргэ көрөөччү барыта туран кэлбитэ, түмүгэр, биһигини харах уулаах атаарбыттара. Омук дьоно уйан бөҕө буоллахтара.
“Дьоҥҥо көмөлөһөртөн аккаастаммаппын”
— Олоххор улахан ситиһиигинэн тугу ааҕаҕын?
— Мин ситиһиим – көрөөччүлэрим бааллара. Ол онтон айар үлэбит сыаналанара көстөр. Норуот сыанабыла, ытыс тыаһа артыыска улахан суолталаах. Оттон тус олохпор – таптыыр кэргэним, үс оҕом, уруу-аймах, эрэллээх доҕотторум бааллара. Киһи чороҥ соҕотох буоллаҕына, дьоллооҕунан ааҕыммата буолуо…
Бастакы оҕо, сиэн буолан, миэхэ дьонум улахан тапталы биэрбиттэрэ. Ол ону билигин дьоҥҥо тиэрдэбин. Дьоҥҥо көмөлөһөртөн хаһан да аккаастаммаппын. Айаҥҥа-суолга араас буолааччы. Холобур, массыына түһэн турар буоллаҕына, хайаан да тохтоон, уолаттар бары түһэн кэлээччибит. Ол курдук бэйэҕэр да эргиллэн кэлэр.
Кыра сылдьан оту-маһы барытын тыыннаах гынан көрөрүм. Дьонум оннук ииппиттэрэ, ол таптал биир өрүтэ буоллаҕа. Итинник киһиэхэ киһилии сыһыаны оҕоҕо кыра эрдэҕиттэн үөрэтиэххэ наада.
Дьиҥнээх тапталга айан
— Тапталы хайдах өйдүүгүнүй?
— Тапталы киһи бэйэтэ оҥорон таһаарар, бүөбэйдээн, харыстаан. Кып-кыраттан саҕаланар. Таптал араастаах. Ыраах сылдьан дойдугун ахтарыҥ, таптыырыҥ күүһүрэр. Силис-мутук тардыбыт сиргин кытта сибээһи быһыа суохха наада. Төрөөбүт дойду киһиэхэ хайдахтаах кыаҕы, күүһү-уоҕу биэрэрий! Таптал – үтүө эниэргийэ, киһи олоҕун уһатар, чэпчэтэр. Ол иһин киһи айыан-тутуон, олох олоруон баҕарар.
—— Хайдах харыстыахха, сыһыан сойоруттан куотуохха сөбүй?
— Кэпсэтиэххэ наада. Эдэр дьон бэйэ-бэйэлэрин кытары ситэри кэпсэппэккэ хаалаллар. Иирсээн, өйдөспөт буолуу төрүөтүн билэ сатаабаттар. Хайдах да куһаҕан майгылаах киһи, кыһаллыннаҕына, куһаҕан өрүттэрин көннөрүөн сөп. “Куһаҕан майгылаахпын” диэн киэн туттан, онтун өрө тутан сылдьара сатаммат буоллаҕа. Ол эбэтэр, өйдөһөн, икки өттүттэн көннөрүнэ сатыахтаахтар.
Сыһыан сайдан, дириҥээн иһэр. Сааһырдах аайы олоҕу көрүүҥ, толкуйуҥ уларыйан иһэр. Икки киһи тэҥҥэ сайдан, баран иһиэхтээхтэр. Ол барыта кэпсэтииттэн, өйдөһүүттэн тахсар. Кэргэниҥ эн курдук өйдөөх-санаалаах, биир сыаллаах-соруктаах буолан, олох суолун устун бииргэ баран истэххит дии. Ол ону дьиҥнээх тапталга айан диэн ааттыахха сөп.
Сирдээҕи анал
— Санаа түһүүтүттэн хайдах быыһанаҕын?
— Аныгы түбүктээх олоххо санааны сааһыланарга, толкуйданарга бириэмэ булан, соҕотох сылдьа түһүөххэ наада. Ону тэҥэ ис сүрэхтэн кэпсэтэр киһи баара ордук. Кэпсэттэххэ, кыыһырбытыҥ, санаарҕаабытыҥ ааһан хаалар. Эркин курдук эрэнэр доҕоттордоохпун, ол сыһыаммытын харыстыыбын, бэйэм да эппиэттэһэ сатыыбын. Ханнык да ыарахан түгэҥҥэ доҕотторуҥ аттыгар баар буоллахтарына, барытын кыайыаҥ, барытын тулуйуоҥ.
— Бу сиргэ туохха анаан кэлбиппин дии саныыгын?
— Дьоҥҥо үтүөнү оҥороору, оҕолорбун киһи-хара гынаары, ырыа күүһүнэн дьоҥҥо кэрэни тиэрдээри… Бу бэриллэр олохпор туох эрэ туһаны аҕалыахпын, үтүөнү-кэрэни айыахпын, суолбун-ииспин хаалларыахпын баҕарабын. Ону ырыа абылаҥын күүһүнэн ситиһэбин.
Бу үһүс сольнай кэнсиэрим буолар. Ийэ күнүгэр анаан, киһиэхэ ийэ суолтатын өйдөтөн, кинилэргэ махтанан туран… Кэнсиэр кэмигэр дьоҥҥо куруук этээччибин: ырыаны таптааҥ, дууһаҕытын байытыҥ диэн. Ким баай дууһалаах – бараммат баайдаах. Онон алтынньы 16 күнүгэр Нуучча тыйаатырыгар кэлэн дуоһуйа сынньаныҥ, ийэлэргитин ыҥырыҥ, кинилэргэ махтанаргытын биллэриҥ!
Ангелина Васильева, «Саха сирэ» хаһыат, edersaas.ru
Олоҕун олуктара
1977 с. Ньурба улууһун Маар с. төрөөбүтэ.
1996-99 сс. Култуура уонна искусство колледжыгар үөрэммитэ.
1998 с. “Туой Хайа” куонкурус 1-кы лауреата.
1999-2000 сс. — Аркадий Алексеев “Айыллыа” бөлөҕөр үлэлээбитэ.
2000 с. — Аркадий Алексеев аатынан өрөспүүбүлүкэтээҕи ырыа куонкуруһун 1-кы лауреата.
2001 сылтан “Туймаада” судаарыстыбаннай ансаамбылын солиһа.
2007 с. Музыка үрдүкү оскуолатын вокальнай факультетын бүтэрбитэ.
2018 сылтан СӨ үтүөлээх артыыһа.
Сэмсэ тыл
Светлана Иванова, Туймаада” ансаамбыл уус-уран салайааччыта, СӨ искусствотын үтүөлээх диэйэтэлэ:
—Илья биһиги кэлэктииппит тутаах артыыстарыттан биирдэстэрэ. Ансаамбыл улахан репертуарын уонна вокальнай үгэстэрин тута сылдьар. Кини киэҥ диапазоннаах, сэдэх баритональнай тенор куоластаах, талааннаах артыыс. Сценическэй уобараһа дьону тардар ис киирбэх. “Туймаада” кэнсиэртэрин сэргэхтик, истиҥник ыытар. Майгытынан олус аһаҕас, сайаҕас, үтүө санаалаах, холобур буолар үчүгэй кэргэн, аҕа. Онон кэлэктиипкэ кинини олус убаастыыбыт, сыаналыыбыт.
Ангелина ВАСИЛЬЕВА, «Саха сирэ» хаһыат, edersaas.ru