Ильяна Павлова Булуҥ улууһун Таймылыыр сэлиэнньэтигэр төрөөбүтэ. Ол эрэн, ийэтин дойдутун, оҕо сааһа ааспыт, орто оскуоланы бүтэрбит Горнай улууһун Маҕараһын иккис дойдутунан ааттыыр.
edersaas.ru
2002 сыллаахха дойду тэбэр сүрэҕэр Москваҕа Михаил Щепкин аатынан тыйаатыр училищетын устуудьуйатын бүтэрбит уолаттар-кыргыттар тута көрөөччү биһирэбилин ылбыттара. Кинилэр ортолоругар ханнык баҕарар оруолу кыайа-хото тутар, кыаҕа таһынан таһымныы сылдьар айылаах, уобарастаан эттэххэ, уоттаах харахтаах, кэрэчээн бэйэлээх артыысканы элбэх киһи бэлиэтии көрбүтэ. Кини кэрэтик иһиллэр аата даҕаны тас көстүүтүн, оруолларын ситэрэн-хоторон биэрэр курдук.
ДЬЫЛҔА ХААН БЭЛЭҔЭ
“Оҕо эрдэхпиттэн дойдубар уус-уран самодеятельноска кыттарым, сценаттан түспэт этим. Ийэм эмиэ бэйэтэ салайар бөлөхтөөх этэ, буурҕаҕа түбэһэ-түбэһэ, суолга хаайтара-хаайтара Тиксиигэ кэлэн кэнсиэртэргэ, бэстибээллэргэ кыттар этибит. Бэйэм санаабар, олох кырасыабайа суох, бөдөҥ-садаҥ, толуу көрүҥнээх этим. Онон да буолуо, артыыска буолар туһунан санаабат да этим. Төрөппүттэрим өттүлэриттэн учууталлар элбэх буоланнар, учуутал буолар баҕа баһыйара, онно бэлэмнэнэр курдугум. Быраас буолуохпун эмиэ харахпар оҥорон көрөрүм”, — диэн кэпсии-кэпсии Ильяна истиҥ мичээрин бэлэхтиир.
Дьылҕа Хаан үтүө бэлэҕинэн 1998 сыл сайыныгар ыччаттары артыыс үөрэҕэр сүүмэрдии Москваттан хамыыһыйа кэлбит сураҕын ийэтэ истэн, кыыһын ууга-уокка түһэрэн турардаах. Ийэтэ Дьокуускайга кэлэ сылдьан Ильяна докумуоннарын толорторон, суһаллык хомунан, Маҕарастан кэлэ охсоругар илдьиттээбитэ. Щепкинецтэр тустарынан чопчу өйдөбүлэ суох сылдьыбыт кыыс, төрөппүт ийэтин тылын быһа гыныа баара дуо, куоракка кэлэригэр тиийбитэ. Ильяна билигин кэпсииринэн, Маҕарастан куоракка кэлии уһун унньуктаах айан буолбута. Сарсыарда 6 чаастан суолга тахсан, массыына тохтото сатаабыта да, кинини ылыах айылаах биир да тиэхиньикэ көстөн биэрбэтэҕэ. Ыксаан массыына сапыраапкалыыр сиргэ киирэн, үлэһиттэртэн көрдөһөн, ийэтигэр эрийбитэ. Ийэ киһи ону истэн баран, куоракка автовокзалга тиийэн, Горнайга баран кыыһы аҕалар таксины наймыласпыта. Ильяна билбэт таксиһын кытта киэһэ куораты булаат, кыыһынааҕар ордук долгуйбут, ыгылыйбыт ийэтиниин Опера уонна балет тыйаатырыгар тиийбиттэрэ. Каадыр отделын үлэһитэ, хойутаатыгыт диэн докумуоннарын тутумаары гыммытын, ийэтэ нэһиилэ тылын ылыннарбыта. Ильяна сарсыҥҥытыгар Москваттан кэлбит Владимир Селезнев уонна Саха тыйаатырын артыыстара кыттыылаах хамыыһыйаҕа эксээмэннэрин туттарбыта. Элбэх тууру ааспыта да, биирдии миэстэҕэ 12-лии кыыс туттарсар куонкуруһугар хабыллыбакка хаалбыта. Ол кэмнэри билигин Ильяна: “Арааһа, наһаа бөдөҥмүттэн иҥнибиттэрэ, төрөөтөҕүнэ өссө уойуо, ким оруолугар сөп түбэһиэй диэбиттэр быһыылаах этэ. Ол эрэн, Владимир Прохорович, омуннаах-төлөннөөх, киһи хараҕар быраҕыллар көстүүлээх кыыс диэн сэҥээрбитин кэлин истибитим. Ону таһынан, ийэм, киирбэтэххинэ хомойбоккун, бэйэбитин тургутан эрэ көрөбүт диэн уоскуппут буолан, олус аймамматаҕым”, — диэн күлэ-күлэ кэпсиир. Кыыс дьолугар, үс эдэр киһини, ол иһигэр кинини, эбии ыланнар, 25 оҕо Москваҕа Щепкин училищетыгар үөрэнэ барар буолбута.
УСТУДЬУОННУУ СЫЛДЬАН КИИНЭҔЭ УҺУЛЛУУ
Бу куурус дойду килбэйэр киинигэр дыраама уонна киинэ артыыһыгар үөрэнэ сылдьар кэмигэр Арассыыйаҕа уһуллар киинэлэргэ, быраактыка курдук, кылгас көстүүлэргэ ыҥырыллар буолбута. Ильяна Эстония режиссера Арво Ихо “Сердце медведицы” диэн киинэтигэр уһулларга ыҥырыллыбыта. Элбэх саҥата суох оруол, төттөрүтүн, уустук. Тоҕо диэтэххэ, уобараскын иэйиигинэн, ис кыаххынан арыйыахтааххын. Элбэх исписэлиис, продюсер эрэ сөбүлэҥнэрин кэнниттэн көрүүнү ааспыта-ааспатаҕа биллиэхтээҕэ. Икки ыйынан киинэҕэ уһуллара биллибитин кэннэ эрэ сценарийы билиһиннэрэ биэрбиттэрэ. Онно көрбүтэ, арай, ылбычча киһи сөбүлэспэт, эдэр булчуттуун имэҥнээх хабааннаах сценалар бааллар эбит этэ. Ильяна оҕотук сүрэҕинэн ону улахаҥҥа уурбат курдук санаммыта. Учуутала Татьяна Аносоваҕа сценарийы аахтара биэрбитигэр Татьяна Николаевна: “Үчүгэй матырыйаал эбит. Айылҕа оҕото, Эһэ-дьахтар… Эйиэхэ барыта чугас эбит. Саҥа саҕалыыр артыыскаҕа дьэ бу табыллыы!” – диэн санаатын көтөхпүтэ.
Онон, эдэркээн артыыска “Сердце медведицы” киинэҕэ Ханты-Мансийскай уобаласка 2 сыл устата уһуллубута. Ильяна оонньообут киинэтэ ситиһиилэммитэ: Москваҕа аан дойдутааҕы киинэ бэстибээлигэр кыттыбыта, Эһэ-дьахтар оруола “Дьахтар бастыҥ оруола” номинацияҕа киллэриллибитэ.
“ОМСОЛООХ ОРУОЛ ОРДУК ИНТЭРИЭҺИНЭЙ”
— Артыыс киһи дэгиттэр буолуохтаах. Биһиги син биир спортсмен курдукпут. Артыыс өр үлэлээбэтэҕинэ, сценаҕа тахсыбатаҕына, илиитэ-атаҕа бааллар, сценаттан толлор буолар. Ол иһин, оҕолонон да баран, наһаа өр дьиэҕэ олорбот буола сатыыбыт. Артыыс төһөнөн элбэхтик сценаҕа тахсар даҕаны, оччонон сайдар.
Ханнык баҕарар оруол туох эрэ ис хоһоонноох. Омсолоох оруоллары эмиэ сирбэппин. “Сердце медведицы” Эмили уонна “Айыы Уолугар” Эльвира олох атын-атын майгыннаах оруоллар. Миэхэ оруолум төһөнөн омсолоох даҕаны, оччонон интэриэһинэй. Оонньуур да кэмҥэр син биир кини үчүгэй өрүтүн була сатыыгын, кинини көмүскүү сатыыгын. Ханнык баҕарар уобарас муҥурун биллэрбэт, тугу баҕарар толкуйдуохха сөп.
Тыйаатыр — ураты салгыннаах, киһи хараҕар көстүбэт, илиигинэн тутан ылбат дьикти эйгэлээх. Тыйаатырбар киирдим да, “дорообо” диэн испэр этэбин, чыычаах көтөн эрэрин курдук турукка киирэбин. Сценаҕа өр кэмҥэ тахсыбатаххына эбэтэр уоппускаҥ кэмигэр көрөөччүлэргин ахтаҕын, ытыстарын тыаһын суохтуугун, кинилэр энергетикалара тиийбэт курдук буолар. Ол гынан баран, артыыс мэлдьи оруоллаах буолбатах. Маассабай сценаларга таҕыстаххына эмиэ дьоллоноҕун. Биһиги үлэбит тыйаатыр эрэ иһигэр буолбатах. Тыйаатыртан тахсан дьиэбэр сатыы хааман да иһэн, оптуобуһунан айаннаан да иһэн, тохтобулга да туран, оруолбун толкуйдуу, тылларбын хатылыы сылдьар буолабын. Бу сылдьан биир эмэ дьоруойбар майгынныыр киһи хамсаныытын, дьайыытын, саҥатын иилэ хабан ылыахпын, үтүктүөхпүн сөп, — диэн Саха Өрөспүүбүлүкэтин үтүөлээх артыыската Ильяна Павлова артыыс идэтин сорох кистэлэҥин үллэстэр.
Надежда ЕГОРОВА, «Саха сирэ», edersaas.ru