Төрөөбүт норуотун хоргуйууттан быыһаабыт биир дойдулаахпыт, дьаһаллааҕынан, ылыммыт быһаарыылара далааһыннаахтарынан, бэйэтэ киһи быһыытынан көнө сүрүннээҕинэн, норуокка чугаһынан номоххо киирбит бөдөҥ судаарыстыбаннай уонна уопсастыбаннай диэйэтэл Илья Егорович Винокуров төрөөбүтэ 125 сылын туолла.
edersaas.ru
Биһиги үөрэхпит кыһатыгар – кини аатын сүгэр Намнааҕы педагогическай кэллиэскэ Илья Егорович Винокуров 125 сыла биллэриллибитэ. Онон, туох баар ситиһиилэрбит, үлэбит-хамнаспыт бу дьоһун, бэлиэ даата чэрчитинэн ыытылыннылар.
Ахсынньы 23 күнүгэр И.Е. Винокуров сылын үөрүүлээхтик сабыы күнүс 14.00 ч. аактабай саалабытыгар буолла. Тэрээһини дириэктэр Никитина Е.В. аста. Кини ыытыллыбыт сыллааҕы үлэни, ситиһиилэри кылгастык билиһиннэрдэ, Илья Егорович олоҕун сүрүн түһүмэхтэрин сырдатта, Дьокуускайга олорор күндү ыалдьыттарбытын: Винокуров И.Е. сиэнэ Гылыков Илья Петрович (улахан кыыһа Клара Ильинична кыра уола, инженер-мэхээнньик идэлээх) кыыһыныын Елена Ильиничналыын (Санкт-Петербурга А.И. Герцен аатынан Арассыыйатааҕы судаарыстыбаннай педагогическай университет магистратуратын бүтэрбит) кэлбиттэрин биллэрдэ.
Дьэ, ол кэнниттэн кэллиэс кэлэктиибин биир сыалга-сорукка түмпүт биир табыллыбыт бырайыакпытын көрөөччүлэр дьүүллэригэр таһаардыбыт. Дириэктэрбит Елена Вячеславовна көҕүлээһининэн, Байанаева П.Д.”Биһиги эр хоһууммут” диэн сэһэн-хоһоонунан литературнай-музыкальнай дьүһүйүү туруорулунна. Сценарий барылын “Ыллык” литературнай куруһуок салайааччылара (Байанаева П.Д., Румянцева Т.В) суруйбуттара.
Маннык улахан тэрээһини оҥорууга тастан көмө ирдэнэрэ эрдэттэн биллибитэ. Маныаха дириэктэри иитэр үлэҕэ солбуйааччы Дьяконова М.П. ис сүрэҕиттэн ылсан, сүүрдэ-көттө, күүскэ түбүгүрдэ. Ол түмүгэр дьүһүйүү туроруллуутун сүрүннээтэ — Намнааҕы норуодунай тыйаатыр режиссера Роман Герасимов, ырыаһыттары бэлэмнээтэ, байааҥҥа доҕуһуоллаата — СӨ култууратын туйгуна Афанасий Татаринов, тэрээһини муусуканан доҕуһуоллааһыны салайда — бэйэбит выпускникпыт Юрий Сивцев, хуору таһаарда— ырыа ааптара, выпускникпыт, СӨ култууратын туйгуна Андрей Замятин.
Элбэх киһиттэн турар хамыыһыйа салалтатынан кэлэктиип барыта кэриэтэ хабыллан, түмсүүлээхтик үлэлээбитин бэлиэтиир тоҕоостоох. Өссө үлэһиттэрбит оҕолоро кыттыыны ыллылар. Ол курдук, Арчын, Мичийэ Куо Павловтар, Таяна Попова, Юлиана Барамыгина, Кирилл Бочонин Илья Егорович оҕолорун бэркэ оонньоотулар.
Уопсайынан, кэллиэскэ барыга бары сыһыаннаах, дьоҕурдаах дьон элбэх. Бу да тэрээһиҥҥэ бэйэлэрин эйгэлэригэр идэлэрин толору баһылаабыт, уус харахтарынан, талааннаах тарбахтарынан биллэр дьоммут: Д.М. Романова, М.С. Попова, Н.А. Стручкова, Е.В. Никитина, Н.Н. Стручков, Т.И. Омина туора турбатылар. Кинилэр көмөлөрүнэн сыана киэргэтилиннэ, таҥас-сап тигилиннэ, үҥкүү туруорулунна.
Дьүһүйүү 2 чаастан турар. Бастакы чааһыгар И.Е. Винокуров аатын үйэтитиигэ үлэлээбит дьоммут: Илья Егорович бюһун 2003 с. оҥорбут ытыктабыллаах бэтэрээммит, сахалартан бастакы дьахтар-скульптор, РФ ХС чилиэнэ Е.Н. Винокурова, 2006 с. арыллыбыт үөрэнэр куорпуспут иннигэр турар искибиэргэ Илья Егорович бюһун оҥорбут уһуйааччыбыт, РФ Худуоһунньуктарын сойууһун чилиэнэ Н.Д. Огонеров, ити сыл толоруллубут Николай Мочкин дипломнай үлэтэ (салайааччы: Колесов С.Н), быйылгы үбүлүөйдээх сылга Илья Егорович мэтириэттэрин оҥорбуттар: РФ ХС чилиэнэ, живописец С.Н. Колесов уонна бэтэрээммит, СӨ үтүөлээх учуутала, РФ ХС чилиэнэ Ф.Ф. Павлов ааттара ахтылынна, үлэлэрэ дьон көрүүтүгэр таҕыстылар. Манна “Ыллык” куруһуок оҕолоро: Старостина Кристина, Птицына, Александра, Семенов Иосиф, Сивцева Снежана, Максимова Мария, Захарова Надежда) кытыннылар. Бу бастакы чаас тэрээһин ис хоһоонун байытта, ситэрэн-хоторон биэрдэ. Илья Егорович үтүө мөссүөнүн үйэтитиигэ үс көлүөнэ (бэтэрээннэр, ыччаттар, билигин үлэлии-хамныы сылдьар уһуйааччылар) үлэлиирин көрдөрдө.
Туруоруу иккис чааһа – “Биһиги эр хоһууммут” сэһэн-хоһоонунан дьүһүйүү. Манна Айыыһыт Хотуну Н.Д. Гуляева, Илья Егорович ийэтин М.В. Гоголева, эдэр Илья Егорович оруолун В.В. Кейметинов, бастакы кэргэнин Мария Перфильевнаны М.С. Попова, сааһырбыт Илья Егорович оруолун Г.Е. Максимов, иккис кэргэнин, быраас идэлээх Александра Алексеевнаны А.В. Жигальцова, кини ийэтэ эмээхсини К.Д. Москвитина бэркэ толордулар.
Хоһоону аахтылар: Васильев А.А., Семенова М.И., Дьяконова Нь.Б., Григорьева О.Н., Терехов В.С., Сидорова М.П., Байанаева П.Д., Стручкова А.Е., Сергеев В.В., Румянцева Т.В., Уваровская О.А.
Дьүһүйүүнү урукку кэмнэрдээҕи ырыалар киэргэттилэр: трио “Өлүөнэ эбэкэм” (Фадеева С.Б, Барамыгина И.Е., Николаева Д.Д.), Макаров М.М. ансаамбыл ырыатын таһаарда, сольнай ырыалары толордулар Дьяконова М.П., Зырянова Т.А., Жмурова С.Б. Уонна Фадеева С.Б, Кейметинов В.В., Заровняев М.Н., Протопопова Е.Н., Саввинов Н.Е., Готовцева Д.С., Тимофеев Л.В. толорууларыгар “Һээдьэ” үҥкүүнү бары астына көрдүбүт (туруорда Попова М.С).
Дьүһүйүү кэнниттэн Винокуров И.Е. хос сиэнэ Елена Ильинична тыл эттэ. Кини хос эһэтинэн киэн туттарын, намнары олус чугастык саныырын, махтанарын эттэ. Бу кэнниттэн дириэктэр тэрээһиҥҥэ көмөлөспүт дьоҥҥо махтал суруктары туттарда. Бэлиэ түгэни үйэтитэр хаартыскаҕа түһүү кэнниттэн остолобуойга дэлэй, минньигэс астаах фуршет тэрилиннэ. Манна ыҥырыылаах ыалдьыттар санааларын эттилэр, кэлэктиипкэ махтаннылар. Бу курдук сэргэх, олус үчүгэй тэрээһин буолла. Маннык тэрээһин киһи ис кыаҕын арыйар,сүргэтин көтөҕөр, кэлэктииби түмэр, сомоҕолуур үтүө дьайыылаах буолара саарбахтаммат.
«Саха сирэ», edersaas.ru сайтка анаан Прасковья БАЙАНАЕВА, эбии үөрэхтээһин педагога