Илья Винокуров туһунан «Дьонум туһугар» диэн киинэ таҕыста
Нам улууһун Аппааны нэһилиэгин олохтоохторо аатырбыт биир дойдулаахтарын, Саха сирин чулуу судаарыстыбыннай диэйэтэлин Илья Винокуров туһунан «Дьонум туһугар» диэн ааттаах документальнай киинэни бу күннэргэ сүрэхтээтилэр.
Киинэни устубут бөлөҕү элбэх бырайыактарынан биллэр видеограф Виктор Кривогорницын салайбыт. Сценарий суруйуутугар кыттан, камераҕа уһулан, режиссердаан, кылгас да буоллар, бэрт дириҥ сиһилии ис хоһоонноох киинэни оҥорон таһаарбыт.
Киниттэн бу үлэтин туһунан аҕыйах ыйытыыга хоруйдатан, манныгы биллибит:
– Бу бырайыак Нам улууһугар ыытыллар Култуура бэстибээлигэр кыттарга ананан оҥоһуллубута. Аппааны олохтоохторун кытта эрдэ үлэлэһэ сылдьыбытым, онон чуо ыҥыраннар кытыннарбыттара. Бэйэм устуоруйаны сэҥээрэр, Илья Винокуровы улаханнык ытыктыыр уонна бэйэм Нам сириттэн сылдьар киһи буоламмын тута сөбүлэспитим.
Аппааны олохтоохторо, салалтата, Илья Винокуров төрөппүт уола киинэ оҥоруутугар улаханнык көмөлөспүттэрэр, онон үлэ олус көхтөөхтүк барбыта. Маҥнай син өр сценарийы таҥмыппыт, онтон бэрт түргэнник, нэдиэлэ кэриҥэ болдьоххо устубуппут. Онтон монтаж, цветокоррекция, продакшн үлэтэ барбыта. Дьон күүһүнэн, көҕүлээһининэн, туох да гранынан үбүлэммэккэ, икки ый устата үлэлээн киинэбитин оҥордубут. Аппааны олохтоохторугар маннык умсугутуулаах бырайыакка ыҥырбыттарыгар, оҥорууга күүс-көмө буолбуттарыгар барҕа диэн махтанабын!
Киинэ, кырдьык, бэрт сэргэх буолбут, этэргэ дылы, истибиттээҕэр көрбүт ордук, онон көрүҥ, сэргээҥ!
Егор Карпов «Саха сирэ» хаһыат, edersaas.ru