Валерий Жондоров 2018-2020 сc. өрөспүүбүлүкэ бүддьүөтүн билиһиннэрдэ
Судаарыстыбаннай бүддьүөт сүрүн кээмэйдэрин туһунан бүгүн, сэтинньи 10 күнүгэр, Ил Түмэҥҥэ Үп миниистирэ Валерий Жондоров билиһиннэрдэ.
2018 сылга Саха сирин судаарыстыбаннай бүддьүөтүн дохуота — 169 млрд. 773 мөл. солк.-га, ороскуот – 171 млрд. 300 мөл. солк.-га, дефицит – 1 млрд. 527 мөл. солк. тэҥнэһиэҕэ.
Ол курдук, миниистир 2019 уонна 2020 сыллардааҕы регион бүддьүөтүн эмиэ билиһиннэрдэ: дохуот – 156 млрд. 638 мөл. солк. уонна 166 млрд. 680 мөл. солк.-га, ороскуот – 158 млрд. 481 мөл. солк. уонна 168 млрд. 129 мөл. солк.-га, дефицит – 1 млрд. 843 мөл. солк. уонна 1 млрд. 449 мөл. солк. тэҥнэһиэҕэ. Маныаха, сүрүн болҕомто дефицит кээмэйин намтааһыныгар буолар. Бу судаарыстыбаннай нолуок куттала суох экономическай таһымҥа сылдьарыттан тутулуктаах.
Өрөспүүбүлүкэ бүддьүөтэ 23 судаарыстыбаннай бырагыраама комплексын быһыытынан бэриллэр. Бу стратегическай сыалларга уонна бырагыраамаҕа киирбэтэх чаастарга туһаайыллар.
Ил Түмэн пресс-сулууспата.