Былыр-былыргыттан киһи аймах ахсаана улам элбээн, бу сиргэ төттөрү-таары хамсаан, бэйэ-бэйэтин кытары билсэн-көрсөн буккуһан, араас билиитин, отун-маһын, аһын-үөлүн үллэстэн, аан дойду үрдүнэн уопсай глобализация хаамыыта баран иһэр. Бу, дьиҥэр, киһи аймах уопсай сайдыытыгар туох да куһаҕана суох буоллаҕа, эйэнэн-сүбэнэн эбитэ буоллар…
Былыр-былыргыттан киһи барахсан айылҕатынан сонумсах, ордугумсах, бэйэмсэх уонна онтукатын куруук үрдүктүк тутан күөнтэһэр, күрэстэһэр идэлээх. Инньэ гынан, бу глобализация үтүө өрүтүн тэҥэ уопсай буккуһуу-тэккиһии түмүгэр, омук бэйэтин төрүт айылҕатыгар, дойдутугар хоноһо-ыалдьыт курдук сыһыаннаһан, олоҕун философията буккуллар, төрүт өйдөбүллэргэ олоҕурбут дьаһаҕа-укулаата ыһыллар, дьиҥ ис итэҕэлэ мөлтүүр, иллээх-эйэлээх олоҕо кэхтэн, омук омук быһыытынан симэлийэр. Лев Гумилев этэринэн, балтараа тыһыынча сыл кэриҥинэн үөскээн, күннээн-күөнэхтээн баран, кырдьан-мөлтөөн эстэр суолга үктэнэр.
Ол гынан, сорох омук бэйэтин айылҕатыгар сөп түбэһэр сиэрин тобулан, тыһыынчанан сылларга тыынын сүтэрбэккэ, өйүн-санаатын, тылын-өһүн ыһыктыбакка илдьэ сылдьар. Бу омук, бачча тухары хаҥаан кэлбит билиитигэр олоҕуран буолуо, бэйэтин олорор айылҕатын уонна сирин-уотун сиэринэн иллээх-эйэлээх олоҕун хаһан да, ханнык да түгэҥҥэ ыһа сатаабат.
Дьиҥэр ыллахха, Ил – Судаарыстыбаннас былыр-былыргыттан хайа да омук түмсэр, сомоҕолоһор өйдөбүлэ буоллаҕа. Ол өйдөбүлэ – судаарыстыбаннаһын тутула хас омук аайы олорор айылҕата, сирэ-уота тус туһунан буолан, уратылаах. Холобур, сорох сирэ-уота биир сиргэ дьон тоҕуоруһан олороругар эппиэттэһэр буолан, бииргэ олорор-дьаһанар, оттон сорохтору сирдэрэ-уоттара күргүөмүнэн көһө сылдьан олорорго күһэйэр. Омук омук сиэрэ-туома, сиэрэ-майгыта, онтон сылтаан олоҕо-дьаһаҕа тус туһунан буоллаҕа. Ол иһин, хайа да омугу, кыратыттан-улаханыттан тутулуга суох, атыҥыраан, Илэ суох диэн, улуутумсуйан-улаатымсыйан бэйэ эрэ судаарыстыбаннаһын өйдөбүлүн соҥнуу сатыыр соччото суох буолуо.
Саха айылҕата күһэйэн, сирэ-уота кыараҕас буолан алаастарынан, сыһыыларынан биирдии-иккилии ыалынан ыһыллан, ол оннугар, бачча киэҥ сиринэн бүтүннүү тайаан, баһылаан олорор. Ол иһин, тэйиччи-тэйиччинэн, дөрүн-дөрүннүк олорор омук буолан, чахчы даҕаны бэйэ-бэйэҕэ ис иһиттэн итэҕэйсэр, эрэнсэр, итэҕэллээх-эрэллээх буоллаҕына биирдэ эрэ биир тыыннаах, иллээх-эйэлээх олохтоноро буолуо. Ол эмиэ, тыһыынчанан сылларга үгэс быһыытынан көлүөнэттэн көлүөнэҕэ бэриллэн кэлбит Ил — Судаарыстыбаннас төрүөтүн биир көрүҥэ буоллаҕа. Уонна хас эмэ тыһыынчанан сылларга Илин – Судаарыстыбаннаһын өйдөбүлүн ыһыктыбакка, бачча тухары туһунан сиэрдээх олохтоох, өйдөөх-санаалаах, тыллаах-өстөөх буоллаҕа. Дэлэҕэ этиллиэ дуо, «иллээх-эйэлээх олох» диэн…
ҮҺҮЙЭЭН
Кэлиҥҥи сылларга киһи аймах уопсастыбаннай, бэлитиичэскэй, экэнэмиичэскэй парадигмалара баччааҥҥа диэри «киһи айылҕаттан таһыччы кыахтаах» диэҥҥэ олоҕурбуттара олоххо-дьаһахха сөп түбэспэттэрин өйдөөн, саҥа, айылҕа арааһыгар-эгэлгэтигэр олоҕурбут парадигмалары көрдүү сатыыр курдук…
Хайа да омук былыр-былыргыттан, бэйэтин айылҕатын үөрэтэр билимнээх — философиялаах. Бу, олорор айылҕатын бары эйгэтиттэн үөскүүр омук өйө-санаата, олоҕун философията, сахалыы СИЭР диэн буолар быһыылаах. Оттон сиэртэн үөскүүр уонна сиэргэ олоҕурар, олох араас эйгэтигэр кэминэн-кэрдиитинэн, сөбүнэн көрөн туттуллар «быраабылалар» — ТУОМНАР буолуохтарыгар сөп. Сиэргэ олоҕурбут, туомнары тутуһар олох «укулаата» ДЬАҺАХ буолар. Ол иһин, олох дьаһаҕа суох буолбат.
Кэлиҥҥи сүүс сылтан бэттэх уопсай үһүйээн (информация) ылсыыта-бэрсиитэ түргэтээн, онно эбиитин саҥа технологическай кэмҥэ көһөн эбитэ дуу, үгүс омук олоҕун сиэрэ ыһыллыбыкка дылы. Ол туһунан, ханна да олох философията ыһылынна диэн, аан дойду өйдөөхтөрө суруйаллар. Бу, баҕар, ааспыт үйэ саҥатыгар бастаан утаа, Дьобуруопа сыаннастара өтөн киирэн үгүс омук төрүт сиэрин ыспыт буоллаҕына, кэлиҥҥи 20 сылтан бэттэх аны, сорох омук бэйэтин тус сиэрин, кыралаан да буоллар, сөргүтэ сатыырга дылы. Ону эмиэ буккуллуу диэхтэригэр сөп.
Соннук Арассыыйаҕа, ол иһигэр сахаҕа эмиэ, ааспыт үйэтээҕи «ыһыллыы» кэннэ, бастаан утаа омук сиэрин, өйдөбүлүн ордугурҕаан ылына сатаабыппыт, бэйэбит айылҕабытыгар, онтон сылтаан олохпутугар-дьаһахпытыгар сөп түбэспэтэ, кыралаан да буоллар, биллэн, биллэрэн эрэр курдук. Ону өйдөөн, кэлиҥҥи сылларга биһиги судаарыстыбабыт бэйэ сиэригэр олоҕурарга дьулуһара улам күүһүрэн иһэр.
Аны, киһи аймахха ааспыт ХХ үйэ былаһын тухары олоҕун философията буккуллар-тэккиллэр кэмэ кэлэн ааспыт буоллаҕына, бу кэлэр үйэ саҕаланыаҕыттан, омук бэйэтин төрүт өйдөбүлүгэр, өйүгэр-санаатыгар олоҕуруохтаах диэн санаа аан дойду үрдүнэн үксээн иһэр. Хас биирдии омук олорор айылҕатыттан, сириттэн-уотуттан үөскүүр быһаччы ситимнээх-тутулуктаах буолан, кини сиэрэ-туома, олоҕо-дьаһаҕа, онтон сылтаан сиэрэ-майгыта уратылаах буоллаҕа. Ол иһин, хайдах да технологическай кэм кэллин, ханнык да саҥа тэрили туһан, олоҕуҥ-дьаһаҕыҥ барыта сириҥ-дойдуҥ сиэригэр олоҕуран, сиэр туомнарын тутуһан, бэйэ сиэригэр-майгытыгар сөп түбэһиэхтээҕэ буолуо. Инньэ гымматахха, этэллэрин курдук, олоҕуҥ философията ыһылларыгар, сиэрэ суох буоларыгар тиийэр…
КОНСТАНТИН ВАСИЛЬЕВ. БЭЭРИЙЭ (УУС АЛДАН).