“Илкэн” табалара муора кытыытыгар бааллар

Ааптар: 
08.07.2022
Бөлөххө киир:

“Илкэн” табалара муора кытыытыгар бааллар эбит. Тоҕо онно тиийбиттэрий?

“Аллайыаха” улууһугар “Илкэн” аҕа ууһун общината быйыл саас Аллараа Халыматтан “Турваургин” общинатыттан 1200 төбө табаны этэҥҥэ үүрэн аҕалбытын туһунан суруйан турабыт. Оленегорскайдар табаны аҕалыыга барыылыын-кэлиилиин икки ый буолбуттара. Кинилэри “турваургиннар” олус истиҥник көрсүбүттэрэ, көмөлөспүттэрэ.

Бу аҕалбыт табаларын хайдах сайылатан эрэллэрин туһунан Оленегорскайга эрийэн ыйыттыбыт.

Билигин “Илкэн” табаһыттара табаларын бырдахтан куоттаран, муора кытыытыгар бааллар. Барыта этэҥҥэ, туруктара эмиэ үчүгэй. Биллэн турар, табаһыт үлэтэ олус ыарахан, ол гынан баран үлэһиттэр санааларын түһэрбэккэ, инникигэ эрэллээх үлэлии сылдьаллар, — диэтэ В.Трофимова.

Бэлэмнээтэ Женни Стрюкова

Хаартыскалар В.Трофимова тиксэриилэрэ

+1
0
+1
0
+1
0
+1
0
+1
0
+1
0
+1
0