«Илиибэр эн илииҥ баар курдук…»

25.08.2017
Бөлөххө киир:

Атырдьах ыйын 30 күнүгэр Сунтаар улууһун Тойбохой с. саха норуодунай бэйиэтэ Леонид Попов аатынан «Сунтаар миигин ыҥырар» ырыа-хоһоон түһүлгэтэ аан бастаан ыытыллар.

edersaas.ru


Манна поэзияны сэҥээрээччилэр, уран тыл сүгүрүйээччилэрэ, айар-суруйар талааннаах дьон «Литературнай пикниккэ» араас куонкурустары сэргэ Леонид Попову ахтан-санаан ааһыахтара.

Ырыа-хоһоон түһүлгэтин көрсө, бэйиэт Леонид Попов туһунан суруналыыстар, суруйааччылар ахтан-санаан ааспыттарыгар эргиллэн ыллахха:

«Леонид Попов үгүс хоһоонноро ырыа буолан дьиэрэйдилэр. Грант Арамович ырыа буолар хоһооннору сакаастыыра, оттон атыттар кинигэтин ааҕа-ааҕа бэйэлэрэ таптаабыт хоһоонноругар ырыа музыкатын суруйаллар. Ити, мин санаабар, кини хоһоонноро ырыаҕа анаммыттыы ылбаҕайдарын, кэрэлэрин бэлиэтэ».

Иван Борисов, суруналыыс

«Леонид Андреевич, омос көрдөххө, тоҥкуруун, өссө улахамсык курдук көстөрө. Хантаччы соҕус туттан аастаҕына, салла саныаххын сөп. Оттон ис дьиҥэр киирдэххэ, олус эйэҕэс, аһыныгас, уйаҕас дууһалаах киһи этэ. Аҕа табаарыс, доҕор быһыытынан талааннаах эдэр дьону сыаналыыра, төһө кыалларынан өйүүрэ-убуура. Варвара Потапова хоһооннорун эмиэ кини аан маҥнай бэлиэтии көрбүтэ. Эллэйдиин кыыстарын «Кутурҕан Куо» диэн таптаан ааттыылларын биһиги бука бары сэҥээрэрбит, сөбүлүүрбүт».

Николай Дьяконов, суруйааччы

«Леонид Попов хоһоонноругар кини биографията эрэ буолбатах – кини киһи быһыытынан характера, майгыта-сигилитэ сиэркилэҕэ тыктарыллыбыт курдук бэриллэ сылдьар. Мөлтөх соҕус поэттан эн бэйэтин туһунан тугу да булан ылыаҥ суоҕа. Оттон улахан поэт ханнык да айымньытыгар бэйэтин биографиятыттан кыраны да кыбыппытын талаанын күүһүнэн аахпыты эрэ барытын таарыйар, ылыннарар курдук».

Сэмэн Руфов, саха норуодунай бэйиэтэ

«Леонид Попов көлүөнэтэ история уустук кэмигэр олорбута. Система көрдөбүлүгэр сөп түбэһэ сатаан, быһата, тыынын харыстанан, дэлэлээх элбэх талаан бороҥ-сиэрэй көрүҥнэммитэ, бэл, сүппүтэ-иҥмитэ буолуой? Оттон Леонид Попов олоҕун устатыгар көрсүбүт араас моһоллору этэҥҥэ туораан, сүрэҕин, суобаһын, талаанын этиитинэн таба суолу тутуһан, бар дьонун тапталлаах поэттара буолбута».

Савва Тарасов, саха норуодунай бэйиэтэ

«Ким билбэтий Леонид Попов «Илиибэр эн илииҥ баар курдук» диэн киһи ыллаан эрэ аахтаҕына сатаныах курдук дьикти-кэрэ хоһоонун? Поэт маны айыыта түбэспиччэ буолбатаҕын, маннык хоһоону суруйар буолуохха диэри үөрэнии, дьиҥнээх таптал, олох диэн туохтарын билии, өйөөһүн наада буолбуттарын мин эмиэ өйдүүбүн-саныыбын. Кырдьык да маннык хоһооннор «сүрэхтэн эт тардан, хаан хабан» тахсан эрдэхтэрэ»

Бүөтүр Тобуруокап, норуодунай бэйиэт

«Партия обкомун бюрота 1952 с. олунньу 6 күнүгэр «Саха литературатын историятын сырдатыыга таһаарыллыбыт буржуазнай-националистическай токурутуулар тустарынан» улахан баайсыылаах уурааҕы таһаарбыта. Ол уураахха үгүс саха суруйааччылара национализмҥа буруйдаммыттара. Ол иһигэр, Леонид Попов «Улуу Туймаада» диэн драмата идейнэй омсолоох айымньынан ааттаммыта. Леонид Попов онтон самнан, кэхтэн хаалбатаҕа, кини айар үлэтэ өссө сириэдийбитэ».

Иван Федосеев-Доосо, П.Ойуунускай аатынан Судаарыстыбаннай бириэмийэ лауреата

«Кини очеркаттан саҕалаан ромаҥҥа тиийэ романтическай линияны хоннохтоохтук халбаҥнаабакка тутуһан ылсыыта литературоведтар болҕомтолорун тардыбыта ыраатта. Поэзията аахтах аайы өссө эбии баай-талым өҥнөнөн-таһааланан иһэрин курдук, кини бэйэтэ эмиэ, бэлиэ-бэлиэ түгэннэргэ көрүстэх аайы, саҥалыы арыллан иһэр дьикти өрүттэрдээх».

Прокопий Чуукаар, суруйааччы

«Леонид Попов туһунан ким билиэ суоҕай дии саныыгын. Ордук биһиэхэ, дойдутугар Сунтаарга. Ол эрэн, олус билэр курдугуҥ ис дьиҥэр билбэтиҥ биир көрүҥэ буоларын тиһэҕэр өйдүүгүн».

Ангелина Шадринова-Суоһааны, суруйааччы

«Леонид Андреевич бүгүҥҥү уонна кэлин кэлэр кэнчээри ыччаттарга анаан кэс тылын тугу этэн хаалларда? Ол туһунан бэрт үгүстэртэн мин кини маннык строкаларын, күн сириттэн сүтүөн аҕай иннинэ, ыар уонна ыһыктыбат ыарыыга ылларан олорон суруйбутуттан киллэриэхпин баҕарабын:

Үөрэтэр диэн өһүргэнимэ,

Эйиэхэ мин сэмээр этэбин:

Уруккуну умнума,

Олордубут мастаргын кэрдимэ.

Доҕотторгун тумнума,

Сарсыҥҥыны өрүү өйдөө –

Куһаҕантан да үчүгэйи көрдөө

Бүгүҥҥүнэн эрэ бүтүмэ».

Николай Якутскай, норуодунай суруйааччы.

Надежда ЕГОРОВА, «Саха сирэ» хаһыат, edersaas.ru

+1
0
+1
0
+1
0
+1
0
+1
0
+1
0
+1
0