Илии үлэтин аҕыйатар саҥа технология

Бөлөххө киир:

«АЛРОСА» хампаанньа үлэһиттэр ис кыахтарын арыйар, саҥа технологиялары үлэҕэ киллэрэр сыалтан 2012 сылтан инновационнай бырайыактар күрэхтэрин тэрийэн ыытар. Бу күрэххэ туораттан да дьон, тэрилтэлэр эмиэ кыттыахтарын сөп. Сүрүн сыал-сорук: бородууксуйа оҥоһуллар ороскуотун кыччатыы, идэ таһымын, сатабылын үрдэтии, барыска тахсыы.

edersaas.ru

Күрэх хас да түһүмэхтэринэн барар: киирбит үлэлэри талыы, «Якутнипроалмазка» быра­йыактары көмүскээһин, түмүккэ бастыҥнары эҕэрдэлээһин.

Сыл ахсын күрэххэ 30-55 киһи кыттар, 2012 сылтан уопсайа 235 үлэ киирбит. Күрэх иккис түһүмэҕэр ааспыт дьон үксэ хампаанньа үлэһиттэрэ. Саамай элбэх бырайыак «Якутнипроалмаз» үнүстүүттэн мунньулунна.

Бырамыысыланнаска күн уотун туттуу

Саҥа инновационнай быра­йыак олоххо киирэригэр хас да сыл наада. 2012 сыллаахха Накыыҥҥа бырамыысыланнай эбийиэктэри сылытарга, итии уунан хааччыйарга күн коллекторын туһанарга А. Крашенинников, Н. Соловьева этии киллэрбиттэрэ. Күн уотун итиитин туһанар саҥа оборудованиены туруоруу 2016 сыллаахха кыаллыбыта. Экэнэмиичэскэй өттүнэн табыгастаах өрүтэ — оттугу кэмчилээн туттуу түмүгэр сылга 500 тыһыынча солкуобай бары­һырдылар. Онтон күн батареятынан иитиллэр электростанция эһиил туруоруллуохтаах.

Быйыл Мииринэй, Москва, Новосибирскай, Пермь, Дьокуускай, Удачнай куораттартан 44 са­йаапка киирдэ. Маҥнайгы түһүмэххэ атын куораттартан кыттар ааптардар видео-кэмпириэнсийэ быһыытынан бэйэлэрин билиһиннэрдилэр. Тургутан көрүү кэнниттэн иккис түһүмэххэ 10 үлэ ааста. Дьүүллүүр сүбэ онтон саамай интэриэһинэйин, үлэҕэ көдьүүстээҕин, табыгастааҕын, барыстааҕын талан ылыаҕа.

Автоматикаҕа көһөрүү

Михаил Суханов, Миири­нэйдээҕи хайаны байытар кэмбинээт электрооборудованиены өрөмүөннүүр электромеханига:

— Саҥа технологияны олоххо киллэрэр куонкуруска кыттыҥ диэн ыҥырыы биллэрии истиэндэтигэр баар буолааччы уонна мунньахтарга куруук этэллэр. Саайтка эмиэ өйдөнөр курдук куонкурус усулуобуйата сурулла сылдьар. Мин тиэхиньикэнэн урут уруккуттан интэриэһиргиибин, ол иһин кыахпын холонон көрөргө сананным. Ол эрэн, бэйэм толкуйбун кумааҕыга түһэрэр, дьоҥҥо тириэрдэр кэккэ ыарахаттардааҕын биллим.

Сир аннынааҕы шахтаҕа уот, сибээс ситимин тарда, өрөмүөннүү сылдьан илии үлэтин хайдах чэпчэтиэххэ сөбүн элбэҕи эргитэ саныыбын. Үлэбэр сорох түгэннэри атыннык көрөбүн, биир санаа киирэн баран ону өр толкуйдаабытым, чочуйан, тупсаран биэрбитим. Саҥа технологияны олоххо киллэрии биир киһи холугар ыарахан. Ол иһин саҥа айыыбар көҥүл ыларга, ону олоххо киллэрэргэ хамаанда наада буолан, күрэххэ кытынным.

Холобур, билигин хайа баҕарар смартфону кабель көмөтө суох иитиэххэ сөп. Маннык ньыманы шахтаҕа хайа боруодатын таһар транспортердар үлэлэрин автоматикаҕа көһөрөргө туттуохпун баҕарбытым. Билигин сир анныттан дьону, хайа маассатын, матырыйааллары, оборудованиены көтөҕөр тэриллэри сибээс ситимэ хонтуруоллуур, сала­йан үлэлэтэр. Онто суох үлэ барбат. Өскөтүн аккумулятор олорон хааллаҕына, үлэ кыраапыга ыһыллар. Ол иһин мин кабели тардыбакка эрэ шахтаттан дьону, таһаҕаһы көтөҕөн таһаарар тэриллэри эниэрги­йэнэн, сибээһинэн хааччыйыахпын баҕарабын. Ити электромагнитнай индукция көмөтүнэн кыаллыан сөп. Бастаан уопут оҥорон көрөн, бо­­руобалыахха наада. Оччотугар илии үлэтэ уонна тиэхиньикэ туруута аҕыйыа этэ.

Сир аннынааҕы руднигы барыстаахтык үлэлэтии

Андрей Коровенков, «АЛРОСА» хампаанньа сүрүн маркшейдерын солбуйааччы:

— Инновационнай бырайыак күрэҕэ сыл ахсын буолар, сайаапкалары балаҕан ыйын 1 күнүгэр диэри хомуйаллар. Манна ким баҕарар кыттыан сөп, хампаанньа эрэ үлэһитэ буолбатах. Дьүүллүүр сүбэ бырайыак экэнэмиичэскэй өттүнэн төһө көдьүүстээҕин, олоххо киирэр кыахтааҕын сыаналыыр. Элбэх үлэттэн алмаас бырамыысыланнаһыгар туттуохха сөптөөх 10 бачыымы талан ылаллар. Презентацияҕа слайд оҥорон, үлэҕин үчүгэйдик көмүскүөххүн наада. Кыайыылаах киһи ботуччу соҕус харчынан бириэми­йэлэнэр. Онон интэриэс үрдүк.

Саҥа технологияны туттубакка эрэ былыргылыы сир баайын хостооһун ороскуота улахан. Ол иһин руда быыһыттан күндү тааһы күлүмүрдэтэн таһаарарга орос­куоппутун кыччатарга, илии үлэтин чэпчэтэргэ, автоматикаҕа көһөрөргө дьулуһабыт.

Аһаҕас ньыманан ыһылла сытар алмаас бүтэн, билигин хампаанньа сири дьөлө үүттээн,  рудник хаһан, онно дьону, тиэхиньикэни түһэртээн, онтон төттөрү та­­һааран күндү тааһы хостуур. Хоту дойду тымныы тыйыс усулуобу­йатыгар сир анныттан рудааны та­­һаарар оборудованиены тутуу, ону үлэлэтии элбэх үбү-харчыны эрэ­йэр.

Бүтүн Айхал куораты хамнас­таан олорор «Юбилейнай» туруупка саппааһын толору туһанарга сир анныгар рудник хаһан хайдах барыстаахтык үлэлэтиэххэ сөбүн туһунан үлэ суруйдум. Ахсынньы 6 күнүгэр инновационнай бырайыак күрэҕин түмүгэ тахсыахтаах. Ону эрэнэ-долгуйа күүтэбит.

Саҥа саҕалааһыннар (стартаптар)

«АЛРОСА» салгыы сайдар былаанын тосхоллорунан технологическай стартаптары талан ылан, ону олоххо киллэрэргэ  2018 сыл сэтинньититтэн «РВК» хампаанньа «GenerationS» федеральнай бырайыагын чэрчитинэн бииргэ үлэлэһэр. Дойду үрдүнэн саҥа технологияны киллэрэргэ сытыы өйдөөх инженердэри, тэхиньии­чэскэй идэҕэ дэгиттэр дьоҕурдаах, сатабыллаах дьону бэйэтигэр чугаһатарга дьулуһар.

Марианна Тыртыкова, «Саха сирэ», edersaas.ru

+1
0
+1
0
+1
0
+1
0
+1
0
+1
0
+1
0