Илиҥҥи экэнэмиичэскэй пуорум хаһааҥҥытааҕар да ситиһиилээхтик ааста
Владивостокка буолбут Илиҥҥи экэнэмиичэскэй пуорум Саха сиригэр улахан ситиһиилээх буолбутун, 330 миллиартан тахса суумаҕа 30-тан тахса сөбүлэһии түһэрсиллибитин туһунан СӨ Ил Дархана Айсен Николаев «Россия 24» ханаалыгар ГТРК «Саха» “Быһа кэпсэтии” биэриигэ билиһиннэрдэ.
“Илиҥҥи экэнэмиичэскэй пуорум – Уһук Илиҥҥэ барытыгар сүрүн пуорум. Биһиги бу пуорумҥа куруук бэлэмнэнэбит. Быйылгы пуорум өрөспүүбүлүкэҕэ саамай ситиһиилээхтик ааста. Өрөспүүбүлүкэ сайдыытын бары хайысхаларыгар 30-тан тахса сөбүлэһиигэ илии баттанна. Сөбүлэһиилэр уопсай суумалара 330 миллиартан тахса солкуобай өрөспүүбүлүкэ экэниэмикэтигэр угуллуоҕа”, — диэтэ Айсен Николаев.
Пуорумҥа илии баттаммыт докумуоннартан биир дьоһуннаахтарынан Арктика зонатыгар, чуолаан Усуйаана уонна Дьааҥы оройуоннарыгар хайа-бырамыысыланнас кластерын сайыннарыы туһунан докумуон буолла. Федеральнай уонна өрөспүүбүлүкэ былаастарын, “Росатом” судаарыстыбаннай корпорация кыттыыларынан, улахан сир-уот бырамыысыланнай, социальнай-экэнэмиичэскэй сайдыылара хааччыллыаҕа.
Надежда ЕГОРОВА, «Саха сирэ», edersaas.ru