Илиҥҥи экэнэмиичэскэй форумҥа Саха сирэ 40-тан тахса сөбүлэҥи түһэрсиэҕэ

Ааптар: 
Бөлөххө киир:

Илиҥҥэ экэнэмиичэскэй форум кэмигэр Саха сирэ барыта 25 млрд солкуобай суумалаах 41 сөбүлэҥи түһэрсиэҕэ диэн Ил Дархан Айсен Николаев «Россия24» телеханаалга эпиир кэмигэр иһитиннэрдэ.

«Быйыл барыта 25 млрд солкуобай суумалаах 41 сөбүлэҥи түһэрсэбит. Тохтобул кэнниттэн дьоһуннаах форум ыытыллан эрэр дии саныыбын. Манна ырытар бырайыактарбыт уонна түһэрсэр сөбүлэҥнэрбит өрөспүүбүлүкэҕэ улахан суолталаахтар», — диэн Айсен Николаев эттэ.

Бу чэрчитинэн «Дом.РФ» корпорация нөҥүө Нерюнгригэ уонна Дьокуускайга кыбаарталлары тутар сөбүлэҥнэригэр илии баттаһыахтара.

+1
0
+1
0
+1
0
+1
0
+1
0
+1
0
+1
0