Былырыын маҥнайгы куурус этим. Сылы быһа уопсайга киирбэккэ гынан баран, үөрэх дьыла бүтэрин саҕана, үс ый хаалбытын кэннэ, дьэ көстүм.
Бэрт баҕайытык бииргэ үөрэнэр кыргыттарбын кытта олорор дьолго тиксибитим. Хоско эбии киирбит киһи буолан, икки этээстээх ороҥҥо үөһэ сыттым. Малбын-салбын хомунан, оннубун булан, уопсай олоҕор син үөрэнэн истим. Онтон балтараа ый курдук буолан баран, түүн аайы биир бириэмэҕэ уһуктар идэлэнним. Доруобуйам айгыраатар айгыраан истэ, бэйэм эмиэ уларыйан барбытым. Түүн үөһэ туран баран, халлаан сырдыыта утуйар этим. Кэлин арааһы түүһүүр, баттатар буолбутум. Бастакы түүлбэр элбэх киһи саҥатын истэрим, ол кэннэ түүлүм аайы дьон саҥата чугаһаан иһэргэ дылыта. Оннук икки нэдиэлэ устата күнүһүм түүн, түүнүм күнүс буолла. Арай биир үтүө түүн дьонум саҥалара иһиллибитэ. Харахпын арыйа биэрбитим, доҕоор, атаҕым тилэҕиттэн төбөм оройугар диэри хап-хара киһи дуу, дьон күлүгэ дуу төгүрүйэн тураллар эбит. Кутталбыттан хаһыым да тахсыбат, кыайан хамсаабатым даҕаны. Харахпын быһа симэн баран утуйан хаалбыт этим. Ити курдук киэһэ, түүн буолла да, куттанар буолан барбытым.
Онтон биир күн ийэм уларыйбыппын көрөн, «Кэлэн хонон-өрөөн бар» диэн күүһүнэн ыҥырда. Инньэ гынан, өрөбүллэрбэр дьоммор, Хатаска хоно таҕыстым. Төрөппүттэрбэр тахсан атаахтаан, сынньанан син бэттэх кэллим. Түүн утуйарым саҕана куттанар курдук этим да, ийэм сылаастык сырылаччы сыллаан ылбытын кэннэ, куһаҕаны барытын умуннум. Оннук сып-сылаастык ийэм оҥорбут сып-сымнаҕас оронугар утуйан хааллым. Арай ол сыттахпына, илиибин ким эрэ тутан турарын эппинэн-хааммынан сэрэйдим. Уонна испэр санаатым: «Дьэ, эмиэ түүн үөһэ буолбут…». Бэйэбин уоскутуна түһээт, харахпын арыйа биэрбитим, мин саастыы кыыс илиибин эркиҥҥэ хам тутан, биир илиитинэн оройум диэкиттэн өйөнөн, уун-утары тобулу көрөн турар эбит. Хаһыытыахпын эмиэ саҥам тахсыбат, хамсыахпын сэниэм суох. Санаабар, туох баар күүспүн-уохпун барытын бэйэтигэр иҥэрэ турар курдуга. Ити курдук эрэй бөҕөтүн көрдүм. Биирдэ өйдөммүтүм, номнуо сарсыарда буолбут этэ. Тураммын тоҕо эрэ дьоммор кэпсээбэтим, үчүгэйдик хонон турбут киһи аатын ылан, уопсайбар айаннаабытым.
Эмиэ түүн… Эмиэ куттал… Ити кэмтэн ыла кыыс дуу, ким дуу атаҕын тыаһа батыһа сылдьыбыта. Үөрэхпин бүтэрэн сайыҥҥы сынньалаҥмар дойдубар тахсыбакка, Дьокуускайга үлэлии хаалбытым. Ийэм аах бары сынньана барбыттара. Мин Хатастан сылдьан үлэлиир этим. Саатар, доҕотторум бары дойдуларыгар тахсан хаалан, соҕотох олорор буолбутум. Сарсыарда сэттэҕэ тахсабын уонна киэһэ хойут дьиэбэр төннөрүм. Үлэбиттэн сылайан кэлэн, тутатына ороммун булаат, утуйан хааларым. Бу да бириэмэҕэ миигин ити атах тыаһа батыһа сылдьыбыта.
Биирдэ эмиэ таһынааҕы хоско били атах тыаһа иһилиннэ, мин чуумпуран суорҕаным анныгар иһиллээн сыттым. Атах тыаһа улам мин утуйар хоспор киирэн, тугу эрэ көрдүүр курдук гынар, төттөрү-таары кэлэр-барар. Онтон эмискэ тохтуу биэрдэ. Мин суорҕаным анныгар иһийэн сыттым, кутталбыттан сүрэҕим айахпынан тахсыах курдук. Атах тыаһа тура түһэн баран, мин диэки хааман иһэрин сэрэйдим. Суорҕаммын арыйа баттаат, сүр улаханнык часкыйа түһээт, суумкабын хаба тардан ылаат, ытыы-ытыы дьиэбиттэн куотан тахсыбытым.
Ити күнтэн ыла хаһан да соҕотох хоммотоҕум. Куоракка ыалга хос уларсан олорбутум. Онтон үлэлээн бүтэн, дойдубар, илин эҥээргэ, сынньана тахсыбытым. «Абааһы өрүс уҥуор тахсыбат» диэн кырдьыгы этэллэр эбит. Онтон ыла (быһа саҥарыахпын куттанабын эрээри) киһи сиэринэн сылдьабын. Эккирэппит атах тыаһа сүтэрдэҕэ буолуо уонна төннүө суоҕа диэн эрэнэбин.
«Айар» кинигэ кыһатыгар тахсыбыт «Илэ барбыттар» хомуурунньуктан быһа тардыы.
Елена Уран хомуйан оҥордо.