Ил Дархан Өксөкүлээх Өлөксөй сылларын биллэрдэ

Бөлөххө киир:

2023-2027 сылларга Алексей Елисеевич Кулаковскай-Өксөкүлээх Өлөксөй сылларынан биллэрэр туһунан Ил Дархан Айсен Николаев ыйааҕа таҕыста.

Бу ыйаах Саха сирин духуобунай лидерэ, айар тылын аҕата, саха литературатын төрүттээччи, бөлүһүөк суруйааччы Өксөкүлээх Өлөксөй төрөөбүтэ 150 сылыгар ананар. Быйыл уопсастыбаннас суруйааччы төрөөбүтэ 145 сылын бэлиэтээтэ. Ону сэргэ быйыл кини «Интеллигенцияҕа суруга» үлэтин суруйбута 110 сылын туолла.

Бу күннэргэ «Өксөкүлээх Өлөксөй — Саха сирин духуобунай лидерэ» диэн симпозиум буола турар. Бу тэрээһин Саха Өрөспүүбүлүкэтин Бастакы Бэрэсидьиэнэ Михаил Николаев көҕүлээһининэн, Ил Дархан Айсен Николаев өйөөһүнүнэн ыытыллар.

Аграфена КУЗЬМИНА

+1
0
+1
0
+1
0
+1
0
+1
0
+1
0
+1
0