Бүгүн, муус устар 18 күнүгэр, Ил Түмэн уочараттаах пленарнай мунньаҕар норуот депутаттара барыта 34 боппуруоһу көрүөхтэрэ. Ол иһигэр оҕолорго төлөнөр көмө харчы, “Дьиэ кэргэн” ийэ хапытаалын боппуруостарын ырытыыга таһаарыахтара.
Бастатан туран, депутаттар каадыр боппуруоһун көрүөхтэрэ. Ол курдук, мунньахха оҕо быраабын боломуочуйалааҕын, Ньурба, Уус Алдан, Нерюнгри оройуоннарыгар мировой судьуйалары бигэргэтиэхтэрэ.
Бастакы ааҕыыга 17 сокуон барылын көрүөхтэрэ. Ол иһигэр аҕыс саастарыттан уон сэттэ саастарыгар диэри оҕоҕо төлөнөр көмө харчы, өрөспүүбүлүкэтээҕи ийэ хапытаалын көрүөхтэрэ. Биир улахан боппуруоһунан мунньах бэбиэскэтигэр Саха сирин стратегическэй былааннааһынын сокуонун барылын көрүү турар. Итини таһынан норуот депутаттара муниципальнай сулууспа, Ил Түмэн наҕараадаларын, үлэҕэ бэриллэр квота, ветеринария, тулалыыр эйгэни харыстааһыны, о.д.а. боппуруостары ырытыахтара.
Аграфена КУЗЬМИНА