Кулун тутар 20 күнүгэр ыытылыбыт Ил Түмэн VI (уочараттаах) пленарнай мунньаҕар бастакы боппуруоһунан «Саха Өрөспүүбүлүкэтигэр миграция судаарыстыбаннай бэлиитикэтин олоххо киллэрии боппуруостарыгар күүһү түмүү» диэн уураах бырайыага көрүлүннэ.
edersaas.ru
Сүрүн иһитиннэриини оҥорбут спикер Петр Гоголев кулун тутар 17 күнүгэр киин куоракка тахсыбыт киһи личнэһин утары оҥоһуллубут ыар буруйга уопсастыбаннас улаханнык уордайбытын, норуот дьокутааттара, өрөспүүбүлүкэ бары олохтоохторун курдук, бу быһылааны сэмэлииллэрин итиэннэ буруйдаах сокуон иннигэр эппиэттииригэр эрэнэллэрин эттэ.
—Миграннар боппуруостара Евросойуус дойдуларыгар эрэ буолбакка, Арассыыйа эрэгийиэннэригэр, ол иһигэр Саха Өрөспүүбүлүкэтигэр сытыырхайда. Биһиги көҥүлэ суох миграцияны итиэннэ кини биир төрүөтүн, сокуоннайа суох урбааны, утары охсуһуу күүһүрэрин өйүүбүт. Бу кыһалҕаны бары көмөлөөн, сокуоҥҥа эрэ тирэҕирэн быһаарыахпытын наада, дьон-норуот долгуйбут кэмигэр омуктарынан арахсыыны күөртээһини таһаарыа суохтаахпыт. Ити иһин Саха Өрөспүүбүлэкэтин Төрүт Сокуонун өрөспүүбүлүкэ төрүт олохтоохторун араҥаччылыыры уонна барҕардары мэктиэлиир 42-с ыстатыйатыгар тирэҕирэн, норуот дьокутааттара «Саха Өрөспүүбүлүкэтигэр миграция судаарыстыбаннай бэлиитикэтин олоххо киллэрии боппуруостарыгар күүһү түмүү» диэн уурааҕы ыларга быһаардылар. Ону таһынан Ил Түмэҥҥэ сокуоннайа суох миграцияны уонна бу эйгэҕэ хоруупсуйа көстүүлэрин утары охсуһар, омуктар икки ардыларыгар доҕордуу сыһыаны олохтуур дьаһаллары олоххо киллэриини хонтуруоллуур уопсастыбаннай хамыыһыйа тэрилиннэ итиэннэ кэлэр парламентскай истии бу боппуруоска ананыаҕа. Онно сүбэлэри ырытан оҥорорго уопсастыбаннай холбоһуктартан, итэҕэһи кытары эйэлэспэт гражданнартан этиилэри киллэргитигэр көрдөһөбүт. Биһиги уопсастыба уонна былаас сомоҕолоһууларын биллэрэммит, өрөспүүбүлүкэ элбэх омуктаах норуотун кэскилин туһугар экономика өттүнэн бигэ туруктаах буолууну, или-эйэни араҥаччылыах тустаахпыт, — диэтэ Петр Гоголев.
Хос иһитиннэрииин оҥорбут Ил Түмэн судаарыстыбыннай тутулга уонна сокуону оҥорууга кэмитиэтин бэрэссэдэтэлэ Алексей Еремеев кини кэмитиэтэ уураах бырайыагын үөрэтэн баран, хас да пууҥҥа чопчулааһыны оҥорбутун кэпсээтэ, бу дьоһун суолталаах докумуону өйүүргэ эттэ.
Тыл эппит дьокутааттар Павел Ксенофонтов, Валерий Лютай, Сулустаана Мыраан, Виктор Губарев, Юрий Григорьев, Владимир Прокопьев, Михаил Эверстов уонна Мария Христофорова уураах бырайыагын өйүүллэрин биллэрдилэр. Сулустаана Мыраан манна элбэх социальнай кыһалҕа, ол иһигэр нэһилиэнньэ үлэлээх-хамнастаах, көмүскэллээх буолуута таарылларын бэлиэтээтэ. Былаас көһүүнүттэн тастан киириини хонтуруоллааһын чахчы мөлтөҕүн, биир дьиэҕэ сүүһүнэн омук киһитэ пропискаланарын, тутуу, тырааныспарт, эргиэн уо.д.а. курдук харчыны эргитэр эйгэлэргэ ыытыллар тиэндэрдэргэ кинилэр кыайаллар, ону тохтотуохха диэтэ. Виктор Губарев тастан киирэр үлэһит илиигэ кубуота олохтуур туһунан ыйааҕы өссө бэйэтин кэмигэр Егор Борисов ылбыта кумааҕыга эрэ хаалбытын санатан, бу уурааҕы чахчы үлэлэтэри ирдээтэ. Мария Христофорова миграция боппуруоһугар Уһук Илин эрэгийиэннэри кытары бииргэ үлэлиир наадатын бэлиэтээтэ. Түмүккэ дьокутааттар уураах бырайыагын биир санаанан ылынарга куоластаатылар.
Раиса Сибирякова, «Саха сирэ» хаһыат, edersaas.ru
Хаарыстакаҕа Василий Кононов түһэриитэ.