Ил Түмэн дьокутаата элбэх оҕолоох ыалларга планшет биэрдэ

Бөлөххө киир:

Билигин оскуола оҕолоро, үрдүк, орто анал үөрэх кыһатын устудьуоннара дистанционнай үөрэххэ көһөннөр, дьиэлэригэр олорон үөрэнэллэр. Бу күннэргэ Ил Түмэн дьокутаата, «Сахаэнерго» хампаанньа дириэктэрин солбуйааччы Гаврил Алексеев #помогиучитьсядома аахсыйаҕа кыттыһан, элбэх оҕолоох ыалларга планшет биэрдэ.

edersaas.ru

— Бу күннэргэ элбэх оҕолоох дьиэ кэргэн техническэй өттүнэн кэккэ ыарахаттары көрүстэ. Оҕолор бары биир кэмҥэ үөрэнэллэригэр табыгаһа суох.  Онон  Горнай уонна Үөһээ Бүлүү улуустарыгар  биэстии планшеты ылан, элбэх оҕолоох ыалларга биэрэллэригэр анаан ыыттым, — диэн дьокутаат инстаграмҥа тус страницатыгар суруйда.

Билиҥҥи туругунан  Горнай улууһугар  түөртүү үөрэнээччилээх 39 элбэх оҕолоох ыаллар бааллар. Балартан 5 ыалга планшеты биэриэхтэрэ.

edersaas.ru

+1
0
+1
0
+1
0
+1
0
+1
0
+1
0
+1
0