Бүгүн, ыам ыйын 19 күнүгэр, Ил Түмэн дьокутаата, Тутууга уонна ОДьКХ кэмитиэтин бэрэссэдээтэлэ Александр Афанасьевич Романов соһумардык күн сириттэн күрэннэ.
Өймөкөөн Уус-Ньаратын аэропордуттан Дьокуускайга көтүөхтээҕэ. «Александр Афанасьевич биһиги оройуоммутугар үлэтинэн кэлбит. Дьокуускайга көтөр рейсин күүтэн олорбут. Бүгүн киэһэ биэс чаас диэки эмискэ ыалдьыбытыгар, суһал көмөнү ыҥырбыттар. Өймөкөөн киин балыыһатыгар илдьибиттэр, реанимациялыы сатаабыттар даҕаны, хомойуох иһин, тыына быстыбыт», — диэн СИА-ҕа улуус баһылыгын солбуйааччы Игорь Водовозов кэпсээбит.
Биһиги редакциябыт аатыттан Александр Афанасьевич чугас дьонугар, дьиэ кэргэнигэр дириҥ кутурҕаммытын тиэрдэбит.
2015 сыл алтынньы 23 күнүгэр суруналыыс Вера Макарова кинилиин кэпсэтиитэ «Саха сирэ» хаһыакка бэчээттэммитэ. Александр Афанасьевич манна сиэри-туому тутуһааччы, тутааччы, дьокутаат быһыытынан арыллыбыт, сөбүлүүр дьарыгын туһунан кэпсээбит. Ол интервьюну толору таһаарабыт.
Александр Романов: “Хаһан да ыал олбуорун көрүмэ”
Төһө да суут-сокуон, буруйу оҥоруу тиэмэтигэр суруйдарбын, дьиҥ-чахчы сахалыы тыыннаах дьону куруук сэргиибин. Эйгэтиттэн тутулуга суох. Интэриэспин тардыбыт биир оннук киһинэн Ил Түмэн дьокутаата Александр Романов буолар. Тоҕотун бу сэһэргэһиибититтэн билиэҥ.
Сиэри-туому тутуһааччы
— Александр Афанасьевич, эйигин алгысчыт диэбиттэрин соһуйа да, сэргии да истибитим. Ол чахчы дуо?
— Ээ, алгысчыт диэн бэрт улаханнык эппиттэр, алгысчыт буолбатахпын. Ол гынан баран, саха киһитин быһыытынан, айылҕаҕа сырыттахпына, хайаан да уот оттон, аал уокка арыылаах алаадьынан айах тутан, алгыыбын, көрдөһөбүн, махтанабын. Манна, даачабар бэйэм туппут балаҕаннаахпын, онно көмүлүөк оһохпун оттоммун, үчүгэй да күннэрбэр, ыарахан да соҕус кэмнэрбэр эмиэ уоппун аһатан, көрдөһөөччүбүн. Арыгыны олох куппаппын. Кыһыҥҥы өттүгэр ханна баҕарар – хонууга, аллара да киириэххэ сөп, үөһэ да тахсыахха сөп – эмиэ алаадьынан Үрдүк Айыылары күндүлүүр үгэстээхпин.
— Төһө кэм буола-буола оннук аһатаҕыный?
— Сөп буола-буола, санаам кэллэҕинэ. Өйүм-санаам дьиҥ сахалыы. Сахалыы сиэри-туому тутуһабын. Оҕолорум сахалыы саҥараллар.
— Тыый, куоракка олорор сахалар бары оннук гымматтара чуолкай. Оттон ити соторутааҕыта Хаҥалас улууһугар биир киһи сууллубут эргэ сэргэлэри уокка оттоору кэрдэн, дьон сэмэтин-суҥхатын иһиттэ. Итиннэ бэйэҥ санааҕын этиэҥ буолаарай?
— Сэргэни кэрдэр – сыыһа бөҕө буоллаҕа. Видеону көрбүтүм, тугу да билээхтээбэт уонна тугу оҥорбутун өйдөөбөтөх киһи оло- рор этэ. Бэйэтигэр куһаҕаны оҥоһуннаҕа. Саха сиригэр олорор киһи, омугуттан тутулуга суох билэр ээ, сэргэни кэрдэр аньыы, олохтоох омук үгэстэрин кэһэр иэстэбиллээх диэн. Онон, ити киһи сыыспытын көннөрүнэрэ буоллар.
— Эйигин аны булчут диэн истибитим. Биитэр булт диэн баран, муннукка да ытаабатаргын, көннөрү саха эр киһитин сиэринэн дуу?
— Сыыһа этэллэр, улахан булчут буолбатахпын, дьон тэҥинэн. Ону да кэлин соччо- бачча сылдьыбат буоллум. Оҕо сылдьан, улаханнык бултаабат этим уонна эдэр дьон бултуурун наһаа сэҥээрбэппин. Куоракка көһөн киирэрбэр, бастаан дьиэтэ-уота суох сырыттаҕым дии, ону бултуу оонньуу сылдьыам дуо? Хайдах эмит гынан, дьиэ туттан, дьоммун эрэ дьиэлээбит киһи диэн санаалаах этим. Уонна биир үксүн, тутааччы буолан буолуо, бултуур бириэмэм да суоҕа, үлэһиттэрим да бултуу баран хаалалларын сөбүлээбэт этим. Сайын үлэлиэхтээх буоллаҕыҥ дии. Онтон дьэ, дьиэ-уот туттан баран, дьону кытта кыралаан бултуурум. Оттон билигин өрүскэ, эбэҕэ күөгүлүүрбүн (спиннинг) сөбүлүүр буоллум.
Тутааччы
— Ити “тутааччы” диэн этэн аһардыҥ. Онтон сиэттэрэн, үс ыйытыылаахпын. Эн өрөспүүбүлүкэҕэ үчүгэй тутааччы быһыытынан биллэҕин, ити идэҕэ ким эрэ уһуйуутун түмүгэ дуу биитэр айылҕаттан бэриллибит дьоҕур дуу?
— Аҕам уус, барыны бары сатыыр киһи этэ. Инньэ гынан, оҕо эрдэхпиттэн сыстаҕаспын быһыылаах. Уус киһи диэн маска эрэ уһанар буолбатах, тугу барытын сатыыр. Туох да киһиргээһинэ суох, мин да оннук барыны сатыырга үөрэммитим. Ийэм да, аҕам да өттүнэн аймахтарым бары уустар, тутааччылар элбэхтэр. Уонна оҕо сылдьан, спорт бары көрүҥнэригэр эмиэ ситиһиилэрдээх, математикаҕа уонна черчениеҕэ эмиэ үчүгэй этим. Инньэ гынан, биитэр физкультурник биитэр тутааччы идэтин талар суол баара. Тутууну талбытым.
— Оччотугар уопуттаах тутааччы быһыытынан эт эрэ: ити билигин тутуллар саҥа дьиэлэр төһө үйэлээхтэрий, хаачыстыба өттүнэн хайдахтарый?
— Үчүгэйдэр. Билигин аан дойду барыта итинник технологиянан тутар. Тутуу хаачыстыбата бэдэрээтчиттэн уонна сакаас- чыттан улахан тутулуктаах.
— Дьокуускайбытыгар ханнык биллэр улахан тутууларгын ааттаталыаҥ этэй?
— Ити Орджоникидзе уулуссатыгар турар LG дьиэтэ, бүтэһик эбийиэгим – “Чолбон” бассейн. Уонна Богородицкай таҥара дьиэтин училищетын эмиэ мин туппутум эрээри, итиннэ араас баара. Саха буоллаҕым дии, христианскай итэҕэлим суох, онон аны итинник тутууларга кыттыспаппын.
— Ол тоҕо уонна туохтан?
— Ол училище тутулла турар кэмигэр Зосима өлбүтэ дии… Киһи быһыытынан бэрт үчүгэй киһи этэ. Ол тутар кэммитигэр киһи уҥуоҕун бөҕөтүн таһаарбыппыт. Зосимаҕа этэн, ыраастата сатаабытым да, наадыйбатаҕа, “они отпетые, ничего нету” диир этэ. Оннук дьон абааһы буолбаттар диэн. Ону “хайдах билэҕиний?” диэн ыйыппыппар, “уҥуохтара маҥан, сырдык буолар” диэбитэ. Оттон биһиги хостообут уҥуохтарбыт хараҥа баҕайы этилэр. Ити тутуу кэмигэр бэйэм даҕаны, учаастак начальнига уолум даҕаны дэлби ыалдьыбыппыт, хайдах эрэ ыарахан баҕайы этэ. Ол иһин, Зосима кэлиэх буола-буола кэлбэтэҕин иһин, Ньурбаттан табаарыспын Александр Петров – Аар Саарыны ыҥыран ыраастаппытым. Киһим: “Хайа, доҕор, дьоҥҥут бу хаамса сылдьаллар дии!” диэн саҥа аллайбыта. Отучча киһи кутун ыыппытын, ыраастаабытын кэнниттэн отой чэпчээн хаалбытым.
Коллекционер
— Александр Афанасьевич, мин чуорааннары дьаныһан туран коллекциялыыр киһи, эн эмиэ чуорааннары уонна дьикти таастары мунньаргын биир биэрииттэн билбитим-көрбүтүм…
— Мин Мэҥэ-Хаҥалас Төхтүрүттэн төрүттээхпин. Онон, өрүстэн чугас буолан, оҕо сылдьан, өҥүнэн, быһыытынан уратылаах таастары өйдөөн көрөн, сиэппэр эҥин уктан иһэрим буолуо. Анаан-минээн мунньубатаҕым. Сүүрбэ улууска үлэлээбитим тухары хомуйар этим, онон, Саха сирин өрүстэрин таастара бары бааллар. Билигин ханна эмит айаннаатахпына, бардым-кэллим да, тааһы хомуйа сылдьабын.
— Оттон бастакы чуорааныҥ ханнык этэй?
— Бастакыбын өйдүүбүн эрээри, онтум суох. Тибеттэн аҕалбытым, үчүгэй да үчүгэй тыастааҕа. Ону кэлэн баран, биир эмчиккэ бэлэхтээн кэбиспитим.
— Бай, ол тоҕо?
— Бэйэм баҕаран туран бэлэхтээбитим. Кини ол чуораанынан билигин да дьону эмтиир. “Олох миэхэ анаммыт чуораан эбит” диир. Арааһа, ону таайаммын, бэлэхтээбитим буолуо. Коллекциябар билигин 130-тан тахса чуорааннаахпын.
Дьокутаат
— Интернет ситимигэр даҕаны, дьон өйүгэр-санаатыгар даҕаны дьокутааттар норуот туһугар үлэлээбэттэр, бэйэлэрин хармааннарын туһугар түбүгэрэллэр диэн санаа баар. Ити кыһыл көмүс чаһыларгыт, ыарахан сыаналаах джиптэргит…
— Ээ, итини кытта мин сөпсөспөппүн. Чаһыбытын үлэһит дьоҥҥо наҕараада быһыытынан туттарабыт, бэйэбитигэр ылбаппыт ээ. Оттон массыына чааһыгар эттэххэ, нэһилиэк, улуус баһылыктара, бырабыыталыстыба салайааччылара бары массыыналаахтарын курдук, депутаттар эмиэ тимир көлөлөнүөхтээх буоллахтара дии. “Уазик” да биэрдэхтэринэ, мин ону сирбэппин. Билигин бакаа бэйэм массыынабынан сылдьабын. Уопсайынан, итинник, интернеккэ сирэйи кистээн олорон, дьону үөҕэллэрин олох сөбүлээбэппин. Киһи туох эмит сыыһалаах буоллаҕына, ону сирэйгэ этиллиэхтээх. Мин алтыһар дьокутааттарым чахчы дьон туһугар кыһаллаллар, киһи быһыытынан сүрдээх үчүгэйдэр. Ити интернеккэ үөҕэллэр эрээри, улуустарга, нэһилиэктэргэ тиийдэххэ, барыларын дьон олус истиҥник көрсөр, сыһыана үчүгэй, онон, ити аҕыйах киһи суруйбутун, бүтүн норуот санаатын курдук ылынар табыллыбат. Үөһэ эппитим курдук, мин 27 сааспар куоракка киирэрбэр, тугум да суох этэ. Кэргэмминээн биирдии чымадааннаах эрэ этибит. Онтон үс сылынан дьиэлэммиппит. Сарсыарда 6-тан түүн 24.00 чааска диэри өрөбүлэ суох үлэлиир этим. Итинэн мин үлэлиэххэ, үлэлиэххэ уонна өссө төгүл үлэлиэххэ диэн этиэхпин баҕарабын. Аҕам “хаһан да ыал олбуорун көрүмэ, дьон сиэбигэр баары ааҕыма” диир этэ, ол иһин мин дьон харчытын хаһан да аахпаппын. Мин хамнаспыттан наһаа иҥнэр наадата суох, тоҕо диэтэр, депутат буолуохпуттан дьоҥҥо көмөлөһөрүҥ өссө элбиир. Ону таһынан, өрөспүүбүлүкэ дуобакка федерациятын салайар уонна Россия дуобакка федерациятын вице-президенэ буоларбынан, онно эмиэ көмөлөһөбүн. Атын уолаттар эмиэ оннуктар. Ол иһин ити ол-бу куһаҕаны суруйдахтарына, сүрдээҕин диэн хомойоллор.
— Александр Афанасьевич, бэрт аһаҕас кэпсээниҥ иһин махтанабын!
Ааптар: Вера Макарова,
Хаартыска: дьоруой тус архыыбыттан уонна Александр Тарасов түһэриитэ, «Саха сирэ» хаһыат, edersaas.ru
[vc_message icon_fontawesome=»fa fa-user»]
Ыспыраапка:
Александр Афанасьевич Романов 1963 сыл балаҕан ыйын 8 күнүгэр Мэҥэ-Хаҥалас оройуонун Майа сэлиэнньэтигэр төрөөбүт.
Тутуу инженерэ идэлээх, тэрилтэ менеджменэ специальностаах.
2011-2013 сылларга — СӨ Архитектураҕа уонна тутууга миниистирин бастакы солбуйааччы.
Бу кэмҥэ диэри — Ил Түмэн Тутууга уонна олох-дьаһах хаһаайыстыбатыгар кэмитиэтин бэрэссэдээтэлэ. СӨ үтүөлээх тутааччыта, Арассыыйа ОДьКХ бочуоттаах үлэһитэ,
Кэргэннээх, үс оҕолоох.
[/vc_message]