Ил Түмэн бэрэссэдээтэлэ Конституция күнүнэн эҕэрдэлиир

12.12.2018
Бөлөххө киир:

Ытыктабыллаах биир дойдулаахтарбыт! Саха Өрөспүүбүлүкэтин Ил Түмэнин аатыттан эһигини Россия Федерациятын Конституциятын күнүнэн эҕэрдэлиибин!

25 сыл анараа өттүгэр ахсынньы 12 күнүгэр элбэх омуктаах Россияҕа умнуллубат биир историческай бэлиэ түгэн буолбута – бүттүүн куоластааһынынан Россия Федерациятын Конституцията ылыныллыбыта. Төрүт сокуоммут дойдубут демократияҕа олоҕуран бигэ туруктаахтык саҥа кэрдиискэ тахсарыгар төһүү буолар, киһи быраабын уонна көҥүлүн мэктиэлиир.

Россия дьоно-сэргэтэ үйэ чиэппэрин устата норуоттар тэҥ буолууларын уонна бэйэлэрин быһаарыныыларын бириинсиптэригэр олоҕурбут саҥа гражданскай уопсастыбаны ситиһиилээхтик тутар. Россия Конституцията дойду туруктаах уонна инникигэ туһаайыылаах сайдыытын эрэллээхтик хааччыйар.

Саха Өрөспүүбүлүкэтин олохтоохторо норуоттар бэйэлэрин быһаарынар бырааптарын туһанан, өрөспүүбүлүкэ историятын хаамыытынан олохтоммут судаарыстыбаннаһын чөл хаалларан, Россия Федерациятын тэҥ бырааптаах субъегын быһыытынан саргытын салайсаллар, барҕарыытын быһаарсаллар. Биһиги айымньылаах үлэбит түмүктэрэ Россия уопсай ситиһиилэригэр кыттыһаллар, кини аптарытыатын уонна модун күүһүн бөҕөргөтөллөр.

Ил Түмэн үлэтэ судаарыстыба сүрүн сокуонун балаһыанньатыгар олоҕуран, Саха Өрөспүүбүлүкэтин бары салааларыгар инникигэ туһаайыылаах сайдыытын нуормаламмыт быраабынан хааччыйар – хас биирдиибит дьоһуннук олороругар, көҥүллүк сайдарыгар бары сөптөөх усулуобуйаны тэрийэр.

Күндү Саха сирин олохтоохторо! Төрөөбүт дойдубут модун күүһэ бөҕөргүүрүн туһугар бары саҕалааһыҥҥыт үтүө түмүктээх, кыһамньылаах үлэҕит ситиһиилээх буолуутун, чөл туругу, дьолу баҕарабын!

Ил Түмэн бэрэссэдээтэлэ Петр Гоголев.

+1
0
+1
0
+1
0
+1
0
+1
0
+1
0
+1
0