Ил Түмэн бэйдиэ сылдьар ыттарга сыһыаннаах сокуону ылынна

Ааптар: 
10.04.2020
Бөлөххө киир:

Муус устар 9 күнүгэр ыытыллыбыт уон бэһис (уочарата суох) пленарнай мунньахха Ил Түмэн дьокутааттара кэккэ сокуоннар барылларын бигэргэттилэр.

edersaas.ru


Бэйдиэ сылдьар ыттары кытары үлэни сүрүннүүр сокуон бырайыагын иккис ааҕыытын Ил Түмэн тыа сиригэр уонна аграрнай бэлиитикэҕэ кэмитиэтин бэрэссэдээтэлэ Андрей Находкин иһитиннэрдэ. Дьүүллэһии түмүгүнэн, «Олохтоох салайыныы муниципальнай уорганнарыгар хамсыыр харамай ыарыытын сэрэтэр уонна суох оҥорор, бэйдиэ сылдьар ыттары тутар, эмтиир иитэр итиэннэ нэһилиэнньэни киһиэхэ-сүөһүгэ, кыылга тарҕанар ыарыылартан көмүскүүр дьаһаллары тэрийиигэ судаарыстыбаннай боломуочуйалары биэрэр туһунан Саха Өрөспүүбүлүкэтин сокуонугар» кэккэ уларытыылары киллэрии туһунан» сокуон барыла иккис уонна бүтэһиктээх ааҕыытыгар ылылынна.

Бу сокуон барылын «Сүөһүгэ, кыылга эппиэтинэстээх сыһыан уонна Арассыыйа Федерациятын кэккэ сокуоннарыгар уларытыылары киллэрии туһунан» диэн 2018 с. ылыллыбыт 498 №-дээх федеральнай сокуон чэрчитинэн итиэннэ саҥа ылыллыбыт өрөспүүбүлүкэ сокуоннарыгар сөп түбэһиннэрэн, Бэтэринээрийэ департамена былырыын бэлэмнээн дьокутааттар көрүүлэригэр киллэрбитэ. Бу сокуон быһыытынан, бэйдиэ сылдьар ыттары дьаһайыыга 2014 сылтан үлэлиир олохтоох салайыы муниципальнай уорганнара  судаарыстыба боломуочуйаларын ыллылар.

Раиса Сибирякова, «Саха сирэ» хаһыат, edersaas.ru

+1
0
+1
0
+1
0
+1
0
+1
0
+1
0
+1
0