Учууталлар: Саха тылын чааһын элбэтиэххэ

Ааптар: 
Бөлөххө киир:

Ил Түмэн наукаҕа, үөрэххэ, култуураҕа, сонуну киэҥник тарҕатар ситимнэргэ уонна уопсастыбаннай тэрилтэлэр дьыалаларыгар сис кэмитиэтин бэрэссэдээтэлэ Антонина Григорьева салайыытынан, “Тыл дьылҕата – норуот дьылҕата” диэн саха тылын уонна литэрэтиирэтин үөрэтиигэ аналлаах “төгүрүк остуол” буолан ааста.

Людмила ПОПОВА, “Саха сирэ” хаһыат, https://edersaas.ru/


Төгүрүк остуол” оҕону сахалыы тылынан, сахалыы эйгэҕэ иитиигэ аналлаах муус устар 4-5 күннэригэр ыытыллыахтаах сийиэскэ туһуланна. Манна Ил Түмэн дьокутааттара, наука үлэһиттэрэ, оскуола дириэктэрдэрэ, учууталлар, уһуйаан иитээччилэрэ, суруйааччылар, төрөппүттэр кытыннылар.

Сийиэс лингвист С.А.Новгородов төрөөбүтэ — 125 , сахалыы бастакы букубаар тахсыбыта — 100, саха тыла оскуолаҕа үөрэтиллэр, саха оскуолата баар буолбута 95 сылларынан анаан тэриллэр.

Төрүт омуктар оскуолаларын чинчийэр институт дириэктэрэ Светлана Семенова буолаары турар сийиэс туһунан билиһиннэрдэ. Үөрэх уонна наука министиэристибэтин дакылаатын таһынан, уһуйааҥҥа, оскуолаҕа, орто уонна үрдүк үөрэх тэрилтэлэригэр саха тылын, литэрэтиирэтин, култууратын үөрэтии, наука сайдыытын туһунан тус-туспа дакылаат ирдэнэр диэн эттэ. Тыл этиигэ Дьокуускай куораттан, тыа оскуолатыттан, нууччалыы эйгэлээх улуустан биирдии учуутал сүрүн кыһалҕалары көтөҕүөн наада диэн бэлиэтээтэ. Ити барыта сүрүн мунньахха. Салгыы хайысхаларынан “төгүрүк остуоллары” ыытыахха сөбүн билиһиннэрдэ. Маныаха кини холобур быһыытынан, «Төрөөбүт тылынан үөрэнии, саха тылын, литэрэтиирэтин уонна култууратын үөрэтии нормативнай-правовой төрүттэрэ», «Саха тылын билиҥҥи туруга уонна кэскилэ», «Саха тылын, литэрэтиирэтин уонна култууратын үөрэтии методиката», «Сахалыы иитии уонна үөрэтии методиката», «Сахалыы үөрэтии хаачыстыбата. Судаарыстыбаннай хонтуруол уонна уопсастыбаннай экспертиза» диэн иһитиннэрдэ. Итини сэргэ, үс хайысханан кэпсэтии тахсыан наадатын ыйда: саҥа кэм ирдэбилигэр эппиэттиир саха тылыгар уонна литэрэтиирэтигэр үөрэх кинигэлэрэ; орто анал уонна үрдүк үөрэх кыһатыгар саха тылын уонна литэрэтиирэтин үөрэтии; учууталы бэлэмниир, идэтин таһымын үрдэтэр уонна сыаналыыр тиһик. Иккис күн оҕо тэрилтэлэриттэн саҕалаан, үрдүк үөрэххэ тиийэ саха тылын уонна литэрэтиирэтин үөрэтии Кэнсиэпсийэтин торумнуур, хайысхаларынан сессиялар былааннаналларын эттэ.

Былаас, сокуон өйөбүлэ ирдэнэр

М.К.Аммосов аатынан ХИФУ Хотугулуу-Илиҥҥи норуоттар тылларын уонна култуураларын институтун дириэктэрин наукаҕа солбуйааччы Матрена Попова 2009 сылтан “Айылгы” түмсүүнү салайар. Матрена Петровна уһуйааннарга, оскуолаларга сахалыы тыллаах бөлөхтөр, кылаастар арыллыыларын туруулаһар дьонтон биирдэстэрэ буолар. “Өрөспүүбүлүкэбитигэр саха тыла төһө даҕаны судаарыстыбаннай тыл быһыытынан билиниллэрин үрдүнэн, ол дьиҥ олоххо толору киирбэт. Сахалыы тыллаах бөлөхтөрү, кылаастары арыйыы хара үлэтигэр сылдьар киһи быһыытынан, үөһэ салалта утарбат даҕаны түгэнигэр, сахалыы кылааһы аһарын дуу, аспатын дуу оскуола дириэктэрэ бэйэтэ быһаарар. Ааспыт үөрэх дьылыгар 16-с №-дээх оскуолаҕа төһөлөөх элбэх төрөппүт оҕотун сахалыы үөрэттэриэн баҕарбытай?! Дириэктэргэ тиийдэхтэринэ, аһыллар кыаҕа суох диир, биһиги ыйыттахпытына, төрөппүттэр оҕолорун сахалыы үөрэттэриэхтэрин баҕарбаттар диир. Дьиҥэр, сахалыы кылаастары астарыан баҕалаах төрөппүттэр баалларын үрдүнэн, ити курдук таһымнаах кэпсэтиилэр тахса тураллар. Итинник түгэҥҥэ үөһэттэн хонтуруоллуургут, көрөргүт-истэргит эбитэ буоллар”, — диэн санаатын тиэртэ.

Ити этиллибит санааны Дьокуускай куорат 12-с -дээх оскуолатын дириэктэрэ Михаил Уйгуров эмиэ бэлиэтээтэ. Пригороднай бөһүөлэгин тустаах оскуолата нууччалыы тыллааҕынан биллэрэ. Аҕыйах сылтан бэттэх, оҕо төрөөбүт тылынан билиини иҥэринэрэ быдан күүстээх диэн санаанан салайтаран, сахалыы кылаастары арыйан, сахалыы эйгэни үөскэтэн эрэллэрэ кэрэхсэбиллээх. Аҥаардас уруогунан эрэ муҥурдаммакка, оҕону төрүт үгэстэргэ сыһыаран иитэллэр, муҥхаҕа, куйуурга сырытыннараллар, сайынын төрөппүттэри кытта араас хайысхаларынан эспэдииссийэлэргэ аттаналлар, сахалыы тылынан барар куонкурустарга кытыннараллар, саамай сүрүнэ, кинигэни, хаһыаты ааҕыыны күүскэ баһылаабыттар. Ол эрээри, сахалыы кылаастары арыйыыга кэккэ уустуктары көрсүбүттэр. “Төрөппүттэр оҕолорун нуучча кылааһыгар үөрэттэрэр мөккүөрдээхтэр. Тоҕотун ыйыттахха, оҕо саадыгар нуучча бөлөҕөр иитиллибиттэрэ, бутуйуохпутун баҕарбаппыт дэһэллэр. Оҕо саада оскуоланы кытта кэккэлэһэ турар. Сэбиэдиссэйтэн ыйыттахха, анал бырагыраама баар буолуохтаах диэн хоруйдуур. Онон оҕону төрөөбүт тылынан иитии, оскуола инниттэн ситимнээхтик барара ирдэнэр”, — диэн эттэ.

РФ Хотугулуу-Илиҥҥи норуоттарын тылларын уонна култуураларын институтун профессора Гаврил Филиппов, биһиги сахаттан төрөөбүт оҕо барыта сахалыы саҥарарын ситиһэ сатыыр соруктаахпыт диэн бэлиэтиир. Ону ситиһэргэ икки суол — сахалыы үөрэтии уонна саха тылын үөрэтии баарын ыйар. “Куорат оскуолатыгар салалтаҕа улахан ирдэбили туруоруохха дии саныыбын. Саха тылынан үөрэтэр кылаастары арыйарын туһугар туох эрэ көҕүлээһин, эбэтэр үөрэппэтин иһин сэмэлээһин дуу баар буолуон наада быһыылаах. Билигин оскуолалар хайдах бырагырааманан үөрэнэллэрин бэйэлэрэ билэллэр диибит эрээри, дьиҥэр, СӨ үөрэх уонна наука министиэристибэтэ бэйэтин функциятын толоруохтаах буоллаҕа. Саха Өрөспүүбүлүкэтигэр олороллор, ол аата сахалыы үөрэтиини уонна саха тылынан үөрэтиини министиэристибэ ирдиэхтээх. Итиэннэ ол ирдэбилэ олохсуйарын туһугар биһиги киниэхэ сокуонунан өйөбүл оҥоруохпутун наада быһыылаах”, – диир.

Айыы кыһата” оскуола дириэктэрин иитэр үлэҕэ солбуйааччы Рустам Каженкин чопчу этиилэргэ тохтоото. Ол курдук, саха тыла, литэрэтиирэтэ уонна төрүт култуура оскуолаҕа үөрэтиллэр чаастара өрөспүүбүлүкэ таһымыгар сокуонунан көмүскэллэрэ өссө чопчу, чуолкай буолуохтаах. Ол аата, оскуола ФГОС ханнык даҕаны барыйаанын талбытын иһин, төрөөбүт тылы үөрэтии таһыма оннунан хаалар. Судургутук эттэххэ, тыытыллыбат усулуобуйата олохтонуохтааҕын, төрөөбүт тылынан куонкурус, олимпиада, кэмпириэнсийэ олус аҕыйаҕын санатта. Уруккуттан ыытыллар олимпиадаларга үрдүкү эрэ кылаас оҕолоро кытталлар, ону даҕаны кылаастан биир-икки эрэ оҕо. Аны оскуолаларга аадырыстарынан чопчу дьиэлэри сыһыарыы түмүгэр, нуучча тыллаах оҕолор саха оскуолаларыгар киирэн уустуктары көрсөллөрүн уонна үөскэтэллэрин ыйда.

Үөрэх чааһын элбэтиэххэ

Дьокуускай куораттааҕы “Туймаада” төрөппүттэр уопсастыбаннай тэрилтэлэрин бэрэссэдээтэлэ Вилюяна Никитина сийиэскэ чопчу туох боппуруостар көрүллүөхтэрин баҕаралларын ыйда. Ол курдук, оҕону оскуолаҕа сахалыы тылынан үөрэтиигэ судургуттан уустукка киирии систиэмэтин туһаныыны, литэрэтиирэ чааһын элбэтэри, эксээмэннэри икки тылынан ыытары, Саха сирин историятын, георафиятын үөрэтэри, бырабыыталастыба өттүттэн саха тылын статуһун үрдэтэр бэлиитикэ барара наадатын, өҥөнү оҥорор үлэһиттэр саха тылын билэллэрэ ирдэниэхтээҕин, сахалыы иитэр, үөрэтэр тэрилтэлэргэ эбии үбүлээһин көрүллэрэ уолдьаспытын туруоруста. Мунньахха тыл эппит дьон үгүстэрэ даҕаны бу боппуруоһу таарыйдылар.

Сыыппаралар, чахчылар

РНА СС Гуманитарнай чинчийэр уонна хотугу аҕыйах ахсааннаах норуоттар кыһалҕаларын институтун лексикологияҕа секторын сэбиэдиссэйэ Федор Дьячковскай тиэрмини оҥоруу уонна туттуу боппуруоһунан иһитиннэрии оҥордо. Саха тылыгар наука араас салааларыгар тиэрмин 20-тэн тахса тылдьыта тахсыбыта. Балар дьиҥ олоххо туттуллуулара хайдах эбитий? 2013 сылтан тустаах институт үлэһиттэрэ тиэрмин тылдьыттарын оҥорууну саҕалаабыттар. Ити кэм устата  нууччалыы-сахалыы, сахалыы-нууччалыы, сүрүннээн, оскуола оҕолоругар аналлаах тиэрмин 10 тылдьыта тахсыбыт. Кини, тиэрмин тылдьыттара оскуолаҕа дидактическай матырыйаал быһыытынан уонна уруокка сахалыы тиэрминнэр төһө туттуллалларын филологическай наука доктора Е.И.Оконешников чинчийиитигэр олоҕуран кэпсээтэ. Онтон көстөрүнэн, математика биридимиэтигэр 3000-тан тахса тиэрмин баарыттан уруокка 306, физикаҕа 627-тэн — 339, химияҕа 1974-тэн — 162, биологияҕа 1510-тан 1152 тиэрмин туттуллар эбит. Оскуола биридимиэттэригэр аналлаах биэс тылдьыкка киирбит 7500 тиэрминтэн уруоктарга 2800 эрэ туттуллар эбит. Ити 37 бырыһыаҥҥа тэҥнэһэрин, олус намыһах көрдөрүү буоларын бэлиэтээтэ.

Аныгы көрүү ирдэнэр

Туох да диэбит иһин, саастаах учууталлар үгүс сыл үлэлээбиттэрэ таайан эбитэ дуу, кыһалҕаны иһиттэн билэллэр уонна ону аныгы кэмҥэ ханыылыы тутар, тэҥнээн көрөр улахан үөрүйэхтээхтэр. Бу да түгэҥҥэ, кинилэр ити этиибин дьэҥкэтик туоһулаатылар. Педагогическай үлэ бэтэрээнин, СӨ үтүөлээх учууталын, Дьокуускай куорат 2-с -дээх национальнай политехническэй оскуолатын учуутала Елизавета Малышева этиитин биһирээтим. “Манна кэлиэм иннинэ үс боппуруоһу көрдүм. Туох ситиһии баарый? Туох итэҕэс баарый? Тугу көннөрүөххэ сөбүй? Ситиһии олус элбэх. Ол гынан баран, туох-ханнык иннинэ былаас бэлиитикэтиттэн тутулуктаах. Эһигиттэн. Биһиги күҥҥэ 3 уруогу ыытыахтаах буоллахпытына, оскуолаттан 12-лии чаас тахсыбаппыт. Хайдахтаах өйү-санааны, дууһаны иҥэрэ сатыыбытый?! Норуоту өйдүүр, өйүүр, өрө тардар сокуоннар суохтар. Эбэтэр ол сокуоннар баар да буоллахтарына, үлэлээбэттэр. Бүтэһик чахчылар этэллэринэн, 320 тыһ нэһилиэнньэлээх Саха сирин киин куората улахан аҥаара саха уонна сахатыйан иһэбит. Ол ким көмөтүнэн барарый? Былаас бэлиитикэтин көмөтүнэн буолбатах ээ. Биирдиилээн талааннаах, ис сүрэхтэриттэн “ыалдьар” дьон көмөтүнэн. Сахалыы ааттаах маҕаһыыннар, кииннэр, уруһуйдар- бичиктэр… Бэлиитикэ маны оҥоруҥ диэбэтэҕэ. Норуот бэйэтин баҕата!”, — диэн уоттаах-төлөннөөх тыллары эттэ.

Салгыы социологическай наука доктора, АГИКИ профессора, Циркумполярнай цивилизация научнай киинин салайааччыта Ульяна Винокурова, чаас, үөрэх кинигэтэ тиийбэт, хамнас намыһах диэн уруккулуу олороҕут диэн уот харахха эттэ: “Бүгүн сүнньүнэн оскуола эйгэтигэр хайдах үөрэтэбит эрэ диэн кэпсэтии барда. Билигин кылаас иһинэн, аҕыйах чаас иһинэн сахалыы эйгэни тутар кыаллыбат. Эбии үөрэхтээһиҥҥэ, норуокка тахсыахха наада. Сахалыы эйгэни уопсастыбаннай холбоһуктар эрэ эрчимнэринэн кэҥэтэ сатыыбыт. Атын кимнээх да итиннэ улаханнык кыһаллыбаттар. Ол иһин, кинилэргэ квотаны эҥин көрүөххэ наада. Иккиһинэн, Национальнай оскуола кэнсиэпсийэтэ хайдах түмүктээх буолбутун уонна ол салгыы сайдарыгар ханнык саҥа суоллары тыырыахпытын сөбүн кэпэтиэхтээхпит. Сахалыы тыыннааһын баччааҥҥа диэри кыаллыбат. Оскуола кылааһын иһигэр “баайа” тураллар. Хас чаас, төһө хамнас, ханнык үөрэх кинигэтэ нааданый диэнинэн эрэ муҥурданаллар. Ити ааспыт суол. Ол иһин биһиги саҥа стратегиялары, саҥаттан дьүһүн кубулуйууну көрө сатыах тустаахпыт. Буолаары турар сийиэс олус суолталаах. Онно биһиги ааспыты ырытан, саҥа ньымалары көрдүүргэ туһаайыах тустаахпыт” — диэтэ.

Түмүк санаа

СӨ үөрэх уонна наука миниистирин бастакы солбуйааччы Феодосия Габышева: “Бу төгүрүк остуолкылгас кэмҥэ оҥоһуллубут буолан, үксэ Дьокуускай куорат олохтоохторо кыттыылаах барда. Оттон бу ыытар сийиэспит хабаана киэҥ. Хаһан даҕаны саха тылын учууталларын Сийиэһэ диэн ыытылла илик. Форумҥа киэҥ кэпсэтии тахсан, итинник санаа киирбитэ. Бу этиилэргит олус үчүгэйдэр. Дьыл-хонук аастаҕын аайы историческай уларыйыылар бары араас ирдэбили туруораллар. Хаһан даҕаны ылыллыбатах “Об учебниках” сокуон 1996 сыллаахха ылыллыбыта. Бу сокуон билигин атын сокуоннары кытта элбэх ыстатыйата алтыһарынан сибээстээн, сорох ыстатыйалара үлэлээбэт. Ол гынан баран, рекомендацияҕа киллэриэххитин баҕарабын. “О статусе государственного языка саха” диэн сокуон киирэрэ буоллар, үгүс боппуруос быһаарылларыгар төһүү буолуох этэ. Итиэннэ үлэ систиэмэлээхтик барарын туһугар механизм баар буолуохтаах. Төрүт омуктар оскуолаларын чинчийэр институт өрөспүүбүлүкэҕэ төннөр эрэ түгэнигэр улахан хамсааһын, ситимнээх үлэ барыан сөп диэн биһиги 2014 сылтан күүскэ туруорсабыт. Парламент көрүүлэригэр ити боппуруос турбута буолан баран, билигин даҕаны ситэ быһаарыыта суох. Онон рекомендацияҕа киллэрэргитигэр тоһоҕолоон бэлиэтиибин. Федеральнай таһымҥа билигин даҕаны киэҥ кэпсэтиилэр бара тураллар. Национальнай регионнар РФ үөрэх уонна наука миниистиригэр Ольга Васильеваҕа поликультурнай үөрэхтээһини дойду таһымыгар көрүөххэйиҥ диэн этии киллэрбиттэрэ. Саҥа кэм саҥа ирдэбиллэри туруорар. Бүгүн олус элбэх этиилэр киирдилэр. “Төгүрүк остуол” сийиэс иннинэ ыытыллыбыта көдьүүстээх”, — диэн санаатын эттэ.

Антонина Григорьева “төгүрүк остуолу” түмүктүүрүгэр, бастатан туран, сийиэс саха тылын учууталларыгар эрэ анамматын, сахалыы иитиигэ, үөрэтиигэ туһаайылларын тоһоҕолоон бэлиэтээтэ. Иккиһинэн, тэрийэр хамыыһыйаҕа дьокутааттар, уопсастыбаннас, учуонайдар, учууталлар, уһуйаан бэрэстэбиитэллэрэ, бэтэрээн учууталлар кыттыахтара диэн эттэ. Сийиэс дэлэгээттэринэн өссө муниципальнай былаас уорганнарын бэрэстэбиитэллэрэ, төрөппүттэр киирэллэрин ситиһэр наадатын ыйда.

Людмила ПОПОВА, “Саха сирэ” хаһыат, edersaas.ru/

+1
0
+1
0
+1
0
+1
0
+1
0
+1
0
+1
0