«Ил Дарханныын кэпсэтии»: түмсүүттэн — кыайыыга

Ааптар: 
Бөлөххө киир:

«Саха» НКИХ ханаалыгар «Ил Дарханныын кэпсэтии» биэриигэ өрөспүүбүлүкэ баһылыга Айсен Николаев ойуур баһаарын бохсууга, умуруорууга ыытыллар үлэлэр тустарынан кэпсээбитэ.

Ойуур баһаардарын умуруорууга дьон бэйэлэрин баҕаларынан хомуллан бараллар, сорохтор харчы хомуйан, атыттар туттар тэриллэринэн көмөлөһөллөр.

Ил Дархан Николаев манна: 

—Мин бастатан туран махтаныам этэ, бу Саха сиригэр ойуур баһаардарын умуруорууга үлэлии сылдьар, көмөлөһөр  дьоҥҥо бука барыларыгар. Кинилэр бары ис сүрэхтэриттэн турунан туран баһаар уотун утары охсуһаллар. Ол гынан баран, хомойуох иһин, күөттүүр дьон эмиэ бааллар. Оттон элбэх киһи туох да кэтэх санаата суох ойуур баһаардара буола турар сирдэригэр тиийэн көмөлөһөллөр, үлэлииллэр эбэтэр көмө ыыталлар. Мин Сахабыт сиригэр итинник үтүө дьон элбэҕиттэн үөрэбин, кинилэринэн киэн туттабын. Билигин  ыстаап тэрийэннэр, онно түмсэннэр, бары биир сомоҕо буолан баһаары утары үлэҕэ ылыстылар. Кинилэр бары биир күүс буоламмыт кыайыахпытын наада диэн өйдөөннөр үлэлии сылдьаллара миигин үөрдэр. Киэн туттабын, дьоммунан. Биһиги түмсэр, үлэлиир, баһаары утары киирсэр кыахтаах эбиппит. Онон ойуур баһаардарын хайаан да кыайыахпыт. Көстөрүн курдук, бүтэһик нэдиэлэ устатыгар быһыыны-майгыны тосту уларыттыбыт эбээт.

Хаартыска: Мииринэй Сүлдьүкээр нэһилиэгин дьаһалтатын хаартыската

+1
0
+1
0
+1
0
+1
0
+1
0
+1
0
+1
0