«Ил Дарханныын кэпсэтии»: ойуур баһаарын дьиҥнээх балаһыанньата хайдаҕый?

Ааптар: 
Бөлөххө киир:

Бүгүн, от ыйын 20 күнүгэр, «Саха» НКИХ ханаалыгар «Ил Дарханныын кэпсэтии» биэриигэ өрөспүүбүлүкэ баһылыга Айсен Николаев ойуур баһаарын туһунан сиһилии кэпсээтэ.

Билигин өрөспүүбүлүкэҕэ элбэх ойуур баһаара бара турара биллэр. Бу дьиҥнээх балаһыанньата хайдаҕый, туох үлэлэр ыытыллалларый?

Ил Дархан Айсен Николаев:

— Быйыл баһаарбыт балай даҕаны элбэх. Күн бүгүн өрөспүүбүлүкэ үрдүнэн 65 баһаары умуруора сылдьабыт. Уопсай кээмэйэ — 500 тыһ. гектартан аҕыйаата. Бүтэһик нэдиэлэ устата уопсайа 100-тэн тахса баһаар умуруорулунна. Уопсайынан эттэххэ, баһаар күүһэ намтаата. Улуустарга балаһыанньа сымнаата. Саамай уустук балаһыанньа Горнайга, Бүлүүгэ, Үөһээ Бүлүүгэ, Ньурбаҕа, Сунтаарга, Мииринэйгэ, Намҥа. Хаҥаласка балаһыанньа уларыйда, бэтэрээ диэки кэллэ диэххэ сөп.

Дьокуускай олохтоохторун буруо боппуруоһа долгутар. Бу Маҕарас таһыгар бара турар улахан баһаартан кэлэр буруо буолар. Баһаары бу күннэргэ бохсорго диэн сыал-сорук туруоруннубут. Кэлэр күннэртэн саҕалаан мөлтөтөн киирэн барыахтаахпыт. Ааспыт нэдиэлэ устата бу баһаар Маҕарас нэһилиэгэр кутталы суоһаан, элбэх үлэ ыытыллыбыта. Билигин ону тохтоттубут, аны төгүрүтэн бохсуохтаахпыт. Ол да буоллар, баһаар күөдьүйэн тахса турар, тыалырда даҕаны куота турар, ону ситэн иһэбит.

Онон, бу киэһэ Дьокуускайтан 25 уу кутар массыынаны, эбии үлэһиттэри ыытан эрэбит. Сөптөөх тиэхиньикэлэри ааспыт нэдиэлэҕэ ыыппыппыт. Бу манна, хомойуох иһин, авиацияны туттар кыахпыт суох. Сөмөлүөттэр Мииринэйгэ эрэ түһэллэр. Дьокуускай пуорда өрөмүөҥҥэ турар буолан, ИЛ-76 даҕаны, БЕ-200 даҕаны түспэттэр. Сөмөлүөттэр Мииринэйтэн кутар буоллахтарына, туох да туһа тахсыбатын кэриэтэ. Сөмөлүөт биир баһаары умуруораары уончалыыта ууну бырахтаҕына эрэ туох эмит туһа тахсар. Онон улахан авиация Мииринэйгэ, Сунтаарга үлэлиир.

+1
0
+1
0
+1
0
+1
0
+1
0
+1
0
+1
0